Арааһынай артыыстар


Дэриэбинэҕэ урут түөлбэлэринэн кулуупка испэктээк оонньоон куоталаһыы буолара. Он­ну­гу сороҕор бостунуопка (постановка) диэн ааттыыллара. Ол оонньуулар үксүгэр ханнык эрэ темаҕа анаммыт буолааччылар.

Быйыл эмиэ түөлбэлэринэн испэктээк туруо­руутугар күрэхтэһии буолла. Оонньуулар анаммыт темалара: патриоттыы сыаллаах-соруктаах. Бу урукку сэбиэскэй саҕанааҕы кэми санатар буолан, дьон-сэргэ сэргэхсийбитэ, туруммута сүрдээх. Саастаах дьон урут эдэр­дэригэр оонньообут Гражданскай сэрии саҕа­нааҕыны көрдөрөр, холкуостааһын кэмин сырдатар испэктээктэри ааҕыы, оруолларынан үллэстэн үөрэтии бөҕөтө.

Театр искусствотыгар чугаһыан баҕалаах элбэх. Ким эдэригэр, онтон кэлин сааһыран да баран артыыстыан, ыллыан-туойуон баҕарба­таҕа баарай? Тыаҕа саһа сыттахтара эбээт эҥинэ бэйэлээх талааннар. Үөннээх-күрдьэҕэлээх артыыс да ыһар буор курдук элбэх.

Бу оонньууларга дьэ араас дьээбэ-хообо кө­рүдьүөстэр тахсаннар, нэһилиэк олохтоох­торо бэркэ сэргэхсийбиттэрэ. Кулууп дьиэҕэ сыана иннигэр үөһэ кыһыл плакакка «Искусствоны норуокка аныахха!» диэн суруллубут. Бастакы «Арҕаа бас» түөлбэ Степан Ефремов аатырбыт «Ини-бии» драматын көрдөрөр. Бу түөлбэҕэ саастаах дьон элбэх буолан, урут сэбиэскэй саҕана оонньообуттарын эргитэ санаан бу «Ини-бии­ни» көрдөрө сырыттахтара.

Оонньуу син үчүгэйдик баран истэ. Сорох артыыстар, иллэҥнэрэ суох буолан, тылларын үөрэппэтэхтэр, онон кумааҕыга бэчээттэммит тылларын остуол үрдүгэр кистии ууран баран, артыыстаан илиилэрин араастаан даллаҥната-даллаҥната, боччумуран аҕай туран, ааҕан добдугураталлар. Баай кулуба Егор Егорович уолун Коляны үрүҥнэргэ кыттыс диэн агита­циялыырын оннугар алҕаһаан, кыһыл хаман­дыыр Бадин саҥарыахтаах дакылаатын ааҕан кэбиһэн, иккиэн буккулла сыһан, мээнэнэн утарыта көрсөн турдулар. Ол да буоллар иккиэн туох да буолбатаҕыныы сааларын-сэптэрин өрө тутан кыһыллары утары кыргыһа бардылар.

Сотору бырааттара кыһыл разведчик Ми­хаил үрүҥнэртэн куотан киирэн, күкүргэ саһабын диэн сыананы мүччү үктээн, куһаҕан тылы саҥарбытынан сыана иннигэр аллара муостаҕа олорор оҕолор быыстарыгар түһэн хаалла. Уонна оннук разведчик уобараһыттан кыайан тахсан биэрбэккэ саһан сытта. Үрүҥ­нэр сахсарыҥнаһан киирэн көрдөөтүлэр да булбатылар. Сценарий быһыытынан бан­дьыыт­тар Михаилы булан, тутан илдьэ ба­рыах­таахтар этэ. Ол эрээри оҕолор убайда­рын бандьыыттарга өлөртөрүмээри соннорунан са­бан, үрдүгэр чөмөхтөһөн олордулар. Сотору киһилэрэ аллара сытан, салгына бүтэн, тыынын былдьаһан кытарчы буһан, өрө сүгүллэн туран кэллэ. Ону ханна баарын сэрэйэн билэн, кэтэһэн олорбут бандьыыттар үрдүгэр түһэн, тутан ил­дьэ бардылар. Биир кыра быраат убайын аһыйан марылаччы ытыы хаалла.

Оонньуу итинник бэркэ ааста.

«Хатыҥнаах» түөлбэ испэктээгэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ананна. Бу түөлбэ хотуна Матайар Мааса: «Биһиги түөлбэбит артыыстара бары кэриэтэ талааннаах дьон, онон оонньууллара да народнай артыыстар­тан хаалсыбат», – диэн дьоннорун уу иһэ-иһэ хайгыыр үһү.

Түөлбэ оонньуута уоттаах сэриигэ хорсуннук кыргыһан өлбүт саха саллаатыгар анаммыт. Биһиги саллааттарбыт өстөөх тыылыгар разведкаҕа баран истэхтэринэ, саха саллаата икки ньиэмэһи өлөрөн баран, ыараханнык баа­һыран сытар, онтон өлөн хаалар. Атыттар салгыы баран, уонча өстөөҕү өлөрөн, ньиэмэс эписиэрин билиэн ылан, төттөрү кэлэн иһэн, тыына быстыбыт доҕордорун көмөн, салют ытан барыахтаахтар эбит. Өлбүт саллааттара Мэхээлэ Сэргиэйэп тымныы муостаҕа сытан, дьоно хаһан сэриилэһэн эргийэн кэлэллэ­рин кэтэһэ сатаан баран, үнтү үлүйэн, ыксаан, сыана кэннигэр ту­рар түөлбэтин дьонуттан ыйыталаһар: «Бу хаһан кэлэр дьонуй? Муос­талара тымныыта бэрт эбит. Мин көһүйэн эрэбин». «Тохтоо, кыратык сыта түс. Сотору кэлиэхтэрэ», – дэһэллэр бэрт холкутук анараа өттүттэн. Мэхээлэ, балачча сыппахтыы түһэн баран: «Кэбис, артыыстаан уһун соннонуо суохпун. Манна сытан дьиҥнээхтии морбойон да хааллахпына, ким да тарбанан да көрүө суох…» – диэн уоһун иһигэр ботугуруу-ботугуруу, сыанаттан эрийэ-буруйа сыыллан тахсан баран хаалла. Сыана кэтэҕэр турбут түөлбэтин хоту­на Матайар Мааса бардьыгыныыр: «Тоҕо эрдэ таҕыстыҥ? Төттөрү киир!» Артыыстара утары мордьойор: «Тымныы муостаҕа сытыараҥҥыт, хаҥас өттүбүнээҕи пневмониям көптө! Эһиги искусствоҕытын ыт сиэтин».

Үсүһүнэн «Маҥан Сыыр» түөлбэ милииссийэ хор­сун үлэһиттэрин туһунан көрдөрдө.

Түөлбэҕэ үгүстэрэ ыччаттар олорор буолан­нар, былыргы кыһыл-үрүҥ сэриитин туһунан билбэттэр, таах тыал тыаһын курдук истэллэр. Бу түөлбэҕэ дэҥ кэриэтэ бырааһынньыктарга бөтөстөр уҥа-хаҥас биэртэлэспит сурахтара иһиллээччи. Онон уолаттар билэрдии билиҥҥи кэмнээҕи баанданы утары охсуһуу туһунан оонньууну көрдөрдүлэр.
Куораты хаанымсах халабырдьыттар баан­да­лара буулуур. Хорсун милиционер уолу оон­ньуур физкультура учуутала Рома Адаарап ол баанданы арыйаары араастаан киирэн-тахсан албаһыран бандьыыттарга холбоһор. Ол эрээри сотору уол ис дьиҥин билэннэр, бандьыыт­тар киниэхэ саба түһэллэр. Сценарий бы­һыы­ты­нан уол ыттый­быт түөкүттэргэ бэриммэккэ, бэйэлэрин охтортоон баран илиилэрин-атах­тарын кэлгийиэхтээх уонна төлөпүөнүнэн дьонун ыҥыртыахтаах. Рома, урук­кута бокса­нан дьарыктаммыт буолан, үлүһүйэн хаалан дьонун олус күүскэ таарыйталаан кэбистэ. Икки бандьыыт дьиҥнээхтии таралыс гына түстүлэр. Онтон биирдэрэ, Баппат Баанньа, хаһан оннук кэбирэхтик бүтүн нэһилиэк дьонун инни­гэр таралыйбыта баарай, ырдьыгынаабытынан ойон турда да, Романы сыҥаахха уоптарда. Күүс­тээх биэртэлэһии саҕаланна. Тула өттүттэн милииссийэни дьиҥнээхтии тэбиэлээһин-охсуо­лааһын, көрөөччүлэр ытыстарын тыаһа, ыһыы-хаһыы, күлсүү-салсыы бөҕөтө. Бары бэйэлэрин дьонноругар ыалдьан хаһыы­таһаллар, өс­сө тэптэрэн биэрэллэр. Кинилэр оонньуу бу ман­нык сценарийынан баран истэҕэ диэн ыраас манньыакка түһэрэн, көрөн олордохторо. Рома хаста да күүскэ таптарда эрээри, милииссийэ аатын түһэн биэримээри, сыанаҕа куота сылдьан, уҥа-хаҥас харса суох биэртэлэһэр. Баппат дьик­кэр соруйан маҕыйа-маҕыйа саайталыыр. Рома аҥаар хараҕа улаханнык көҕөрдө, балаһыан­ньа адьас хаахтыйаары гынна, кини манна тугуй – кырбанаары сыанаҕа тахсыбыта дуо? Дьиэтит­тэн аҕалан сыанаҕа туруорбут остуола, ыскааба, хаптаһын быыһа барыта үнтү сынньылынна. Били илиилэрэ-атахтара кэлгиллиэхтээх дьоно адьас тохтуур санаалара суоҕун көрөн, өссө иккитэ күүс­кэ харахха таптаран, кэнникинэн улаханнык ык­саан, уол жюри хамыыһыйатыгар эргиллэн куһаҕан куолаһынан сарылаата:

– Тохтотуҥ эрэ бу дьону! Алыс кыыл бар­дылар!

Хамыыһыйалар кэнникинэн балаһыанньа, кырдьык, хонтуруолтан лаппа тахсыбытын, дьэ, өйдөөн, сыанаҕа ойон тахсан, аҕылаан бөтүөхтэһэ-бөтүөхтэһэ бөтүүк курдук өрүтэ тү­сүһэ сылдьар, кыыллара турбут «артыыстары» тохтотон абыраатылар.

Милииссийэ үлэһитэ Рома төһө да соҕотох буоллар, дьиҥнээхтии кыыллыйбыт баандаҕа кыай­тарбата, онон оонньуу табылынна диэххэ сөп.

«Хоту бас» түөлбэ дэриэбинэҕэ саа­май элбэх киһилээҕинэн биллэр. Онон элбэх артыыһы хото киллэрэм­мит, маас­сабас өттүнэн кыайыахпыт диэн түөлбэ кырдьаҕастара суоттаналлар үһү.

Кинилэр Саха сиригэр сэбиэскэй былаас олох­тонуутун көрдөрдүлэр.

Бостунуопка үһүс бүтэһик көстүүтүгэр сыанаҕа боростуой дьадаҥы дьон мустубут. Бандьыыт атамаана ол дьон иннигэр киирэн маҥан сиидэс таҥаһы, табаҕы, чэйи көрдөрө-көрдөрө бэксэллэн туран: «Мин этэрээппэр саллаатынан киириҥ, ыраахтааҕы дьоллоох былааһын көмүскээҥ!» – диэн ол табаарынан ымсыырдан тылыгар киллэрэ сатыыр. Хас да кэнэн, хараҥа киһи чэйгэ, табахха ымсыыран, этэрээккэ киирээри чугуруҥнаһаллар.

Ол кэмҥэ инники икки көстүүгэ комсомол­ка буолан тыыллыбыт-хабыллыбыт актыбыыска кыыс Дуунньа ойон тахсан, бу кэнэн дьону сыыһа суолга киллэримээри сэбиэскэй былааһы аҕытаассыйалаан уоттаах-төлөннөөх тыллары эттэ. Онтон уордайан бандьыыт кыыһы бэс­тилиэтинэн ытан өлөрдө. Эмискэ кыһыл сал­лааттар ойон киирэннэр өлөрүөхсүтү тутан, кэдэрги кэлгийэн илдьэ бараллар. Траурнай музыка тыаһаан сыналыйар, бары саҥата суох санаарҕаан тураллар. Кыыс ийэлээх аҕата умса туттан ытаһаллар.

Кыһыл саллаат буолбут Бэтиэхэ Хаанньа үс киһини кытта киирэн, Дуунньа барахсаны түөрт өттүттэн сэрэнэн көтөҕөн сыанаттан таһаардылар. Ол истэхтэринэ, кэм да Бэтиэхэ Хаанньа иһин үөнэ көбүөхтээн сүгүн иһиэ дуо, актыбыысканы сымнаҕас буутуттан кымаах­таата. Герой өлүүтүнэн өлбүт актыбыыска, куһаҕан­нык часкыйаат, өндөс гынаат, Хаанньаны икки хараҕын ыккардыгар чаҕылыннарда.

Ити киэһэ дириҥ патриоттыы ис хоһоон­ноох пьесаны буортулаабытын иһин Бэтиэхэ Хаанньаны түөлбэ оонньуутуттан муус­­таах ураҕа­һы­нан үүрдүлэр. «Эн патриот буолбатаххын, эн моһуогурбут клоун эбиккин!» – диэбиттэр үһү.

Константин Эверстов

Чолбон. – 2021. – №4

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар