Аны кэлэн хайыамый…

Куорат киинигэр турар таас дьиэ кэҥэс куукунатыгар сахалыы оҥоһуулаах, ис киирбэх ойуулаах атахтардаах дьоҕус төгүрүк остуолга сааһыра барбыт икки дьахтар, итии чэйи бэрт наҕыллык сыпсырыйан иһэ-иһэ, ырааҕы-чугаһы ырытан кэпсэтэ олороллор. Ыам ыйынааҕы нуурал киэһэ арҕаалаан эрэр күнэ Чочур Мыраан үрдүнэн сандаара тыкпыта кэҥэс түннүктээх куукуна иһин сандаарыччы сырдатар.

Сахалыы ойуулаах сылабаартан эмиэ оннук оһуордаах чааскыларга чэй кутааччынан дьиэлээх хотун Анна Ивановна олорор. Оттон кинини утары олорооччу – эдэр эрдэҕинээҕи уу тэстибэт дьүөгэтэ Ирина Афанасьевна. Анна Ивановна куорат олохтооҕо, бу кэҥэс дьиэҕэ соҕотоҕун олорор, оҕото суох, кэргэнэ, учуутал киһи, олохтон барбыта уонча сыл буолбут. Бэйэтэ идэтинэн бибилэтиэкэҕэ, ол быыһыгар оскуолаҕа иитэр үлэни тэрийээччинэн үлэлээн биэнсийэҕэ тахсан баран таах быар куустан олорбот, хоһоон суруйар, хаһыаттарга дьиҥнээх олоххо сыһыаннаах кылгас кэпсээннэри бэчээттэтэр. Хас да кинигэлээх. Суруйарын олус сөбүлүүр. Ону үтүө дьарык оҥостон күнэ-дьыла биллибэккэ ааһан иһэр. Оттон Ирина Афанасьевна улуустан киирэн ыалдьыттыы олорор. Үөрэҕин бүтэриэҕиттэн төрөөбүт улууһугар биир оскуолаҕа, харыс да сири хамсаабакка, учууталлаабыта. Бэйэтин бараата саастаах эмиэ учуутал идэлээх кэргэннээх, ыал буолбут улахан оҕолордоох, сиэннэрдээх. Дьоллоох ыал. Төһө да биир дойдулаах буоллаллар, үөрэхтэрин бүтэриэхтэриттэн бу курдук атах тэпсэн олорон эн-мин дэсиһэн кэпсэтиспиттэрэ суох эбит. Бу да көрсүһүү уулуссаҕа дэҥҥэ көрсүһэ түһэн буолла.

«Тыый, бу эн Иринаҕын дуо?!», «Эн Аанчыккын дуо?!» диэн урукку дьүөгэлиилэр омуннаах соҕустук саҥа аллайа түспүттэрэ. Уонна дьэ бу Анна Ивановна дьиэтигэр кэлэн кэпсэтэ олорор.

Оччо өр көрсүбэтэх дьахталлар кэпсээннэрэ баһаам буоллаҕа дии. Ирина Афанасьевна олоҕо-дьаһаҕа, үлэтэ-хамнаһа биир дэриэбинэҕэ ааспыт буолан бэрт судургу, көнө. Бэйэтин дьоллооҕунан ааҕынар, тус олоҕун туһунан үҥсэргээн дуу, хомойон дуу кэпсиирэ суохха дылы. Арай үөрэнээччилэрин, оҕолорун, сиэннэрин, чэ, уопсайынан дэриэбинэтин тустарынан элбэҕи, үчүгэйи кэпсиэ эбитэ буолуо… Оттон Анна Ивановна олоҕун суола арыый атын, дьылҕата тоҕо маннык буолбутун туһунан бэйэтэ туспа санаалардаах, көрүүлэрдээх. Сороҕор төһө да санаата түһэн, мунчааран, тууйуллан ылар кэмнэрдээҕин үрдүнэн ити туһунан кимиэхэ да мээнэ кэпсии сылдьыбат. Оттон бу киэһэ дьүөгэтигэр барытын аһаҕастык кэпсээтэ, онон санаата, дууһата чэпчээбит курдук буолла. Итини барытын хаһан эрэ саамай чугас киһитигэр кэпсиир баҕалаах этэ.

Мин кини кэпсээнин төһө кыайарбынан сүрэххитигэр-быаргытыгар тиийэрин курдук, кэпсииргэ холонон көрүүм.

Оччолорго, 70-c сыллар саҕана, Аанчык Дьокуускайдааҕы култуурунай-сырдатар училище бибилэтиэкэҕэ салаатын бүтэрэн төрөөбүт оройуонугар үлэлии тахсыбыта. Оройуон култуураҕа салаатын сэбиэдиссэйэ, орто саастаах, дьоһун көрүҥнээх Иван Иванович кыыс: «Дойдубар тахсан кырдьаҕас ийэбэр кыра балтыларбын иитэригэр көмө буолуом этэ, онон онно анаатаргын», – диэн көрдөспүтүн сүрдээҕин болҕойон истэн баран саҥата суох олорбохтообута. Онтон: «Бэйэҥ да билэриҥ буолуо, кыра эрдэххиттэн элбэх кинигэни уларсан аахпыт эдьиийиҥ Мария Михайловна үлэлээбитин курдук үлэлии олорор ээ», – диэбитэ. Кырдьык, Аанчык ону бэркэ билэрэ. Сэбиэдиссэй, кыыс сирэйин-хараҕын үөрэтэрдии сирийэн көрбөхтөөн баран, «киинтэн тэйиччи соҕус, ол эрээри оройуон биир тарбахха баттанар сэргэх нэһилиэгэр Сыырдаахха миэстэ баар, онно аныыбын, дипломуҥ, характеристикаҥ олус үчүгэй эбит, кэмсиниэҥ суоҕа» диэн кэпсэтиини түмүктүүрдүү быһааран кэбиспитэ.

1.

Хайыахпыный, сөбүлэстэҕим дии, хаһан да сылдьыбатах да, билбэтэх да дойдум буоллар. Арай, онно баҕам хоту төрөөбүт нэһилиэкпэр барбытым буоллар, дьылҕам, баҕар, атыннык салаллыа эбитэ буолуо дуо дии саныыбын. Тиийбит сирбин тута олус сөбүлээбитим, айан суолун өҥөйө халдьаайыны бата субуллар улахан бөһүөлэк эбит этэ. Орто оскуола, оҕо саада, маҕаһыын, кулууп… Син биир бэйэм дэриэбинэм курдук. Тиийэрбин кытта эдэр кыргыттар олорор уопсай дьиэлэрин үс миэстэлээх хоһугар олохтообуттара. Бука, сэбиэдиссэй эрдэ биллэрдэҕэ буолуо, барыта бэлэмнэммит, оннооҕор утуйар ороно, таҥаһа, туумбата. Бу үчүгэйин. Эбиэт кэнниттэн айаннаан, киэһэлик соҕус тиийбитим. Хоспор икки кыыс кыра остуолга тугу эрэ суруйа олордохторуна киирбитим. Кыргыттар дьукаах кыыс кэлиэхтээҕин билэр буолан, бэрт эйэҕэстик көрсүбүттэрэ. Учуутал кыргыттар этэ. Кэккэлэһэ хоско быраас уонна сиэстэрэ кыргыттар баалларын кэпсээбиттэрэ.

Нөҥүө күнүгэр сарсыарда кыргыттартан ыйдаран кулуупка, бибилэтиэкэҕэ тиийбитим. Арыый эрдэ кэлбит этим. Кэтэһэ таарыйа Мотя диэн ааттаах дьиэ хомуйааччы, бэрт элэккэй, кэпсэтинньэҥ кыыстыын кэпсэтэн бириэмэни билбэккэ аһарбытым. Кулууп балачча киэҥ, улахан саалалаах, тыа сиригэр бэрт тутуулаах дьиэ эбит. Ис өттө тупсаҕай киэргэтиилээх, оҥоһуулаах. Сотору кулууп үлэһиттэрэ кэлитэлээн барбыттара.

Дириэктэри кытта билсибитим. Бэрт дьоһун тыллаах-өстөөх, ирдэбиллээх салайааччы эбит диэн сылыктаабытым. Дириэктэр бибилэтиэкэр Мария Осиповна уһуннук үлэлээн баран соторутааҕыта биэнсийэҕэ барбытын, бибилэтиэкэ пуондата баайын, ааҕааччылар элбэхтэрин кэпсээбитэ. Били дьиэ хомуйааччы кыыһынан Мария Осиповнаны ыҥыттарбыта.

Мария Осиповнаны хайдах эрэ ийэбэр майгынната көрбүтүм – күрэҥсийэн эрэр баттахтаах, холку, намыын саҥалаах… Барытын үчүгэй баҕайытык кэпсээн, көрдөрөн, сүбэлээн биэрбитэ, кэлэ сылдьыах, билсиһиэх буолбута. 

Дьэ ити курдук саҥа сиргэ бастакы үлэм күнүн саҕалаабытым.

2.

Атырдьах ыйын бүтүүтэ буолан, от үлэтэ үмүрүйэн эрэр кэмэ этэ. Отчуттар алаастарыттан, отууларыттан дьиэлэригэр-уоттарыгар кииритэлээн эрэллэрэ. Оскуола оҕолоро, сайыны быһа окко үлэлээн баран, дьиэлэригэр киирэн бибилэтиэкэҕэ кэлиилэрэ элбээн барбыта. Били бастаан кэлэрбэр чуумпуран турбут дэриэбинэ эмискэ сэргэхсийэ түспүтэ харахха тута быраҕыллара. Дэриэбинэҕэ эдэр үлэһит кыыс кэлэрэ улахан сонун буоллаҕа дии. Ханнык баҕарар дэриэбинэҕэ курдук, эмээхситтэр барахсаттар «саҥа кыыс биир эмэ уолбутун таба көрүө дуо, кийиит буолан хаалыа» диэн бүөм баҕа санаалаахтар быһыылааҕа.

Күн-дьыл түргэнник ааһан испитэ. Хайыы-үйэ Өктөөп бырааһынньыга чугаһаан эрэрэ. Оччолорго тыа сиригэр бу бырааһынньык олус тэрээһиннээхтик, көхтөөхтүк буолара: кулуупка бастаан дакылаат, онтон улахан кэнсиэр уонна түүн хойукка диэри үҥкүү. Биһиги бырааһынньыкка эрдэттэн бэлэмнэммиппит. Кэнсиэри бэлэмнээччи, тэрийээччи, салайааччы олохтоох кыыс Нина этэ. Оройуоҥҥа сылын аайы култуура уонна спорт эстафетата ыытыллар буолан, кэнсиэр туруоруута чэпчэки этэ. Дьону түмэн бэлэмнэнии эрэ тэриллиэхтээҕэ.

Ыччаттар үлэлэрин кэнниттэн киэһэ аайы репетицияҕа кэлэр буолбуттара. Биир киэһэ урут көрбөтөх уолум баар буолбут этэ. Кини киирэн кэлбитигэр бары сэргэхсийэ, эмискэ үмүөрүһэ түспүттэрэ.

Аттыбар турар Нинаттан:

– Ити кимий? – диэн соһуйбут курдук ыйыта охсубуппуттан бэйэм да кыбыстан ылбытым.

– Ээ, ити киирбит уолу этэҕин дуо? Кеша… Баар-суох мааны уолбут, актыбыыс, – диэн түргэн баҕайытык этэн баран, мин диэки дьээбэлээх баҕайытык көрө түспүтэ. – Наһаа үчүгэй уол, билиһиннэриэҕим.

Онно көрөөт, сүрэҕим хайдах эрэ бүтэйдии нүөлүйэн ылбыта. «Бу кини дуо?..» диэн соһуйбут курдук буолбутум. Мин кинини таптыы көрбүтүм. Бастакы көрүүттэн таптал баарын истэр этим да… Ону тоҕо эрэ итэҕэйбэт этим.

Ити курдук киэһэ аайы ыччаттар кулуупка кэнсиэрдэригэр бэлэмнэнэ түмсэллэрэ. Мин оскуола эрдэхтэн сыанаҕа ыллыыр үөрүйэхтээҕим да, репетицияҕа хас сырыы аайы наһаа долгуйар этим, Кеша, бука, көрө-истэ олор-доҕо, туох эрэ диирэ буолла дии саныырым. Кеша эмиэ ыллыыра, олус үчүгэй куоластааҕа. Уол ыллыыра миигин өссө абылыыр курдуга. Итинтэн ыла бэйэм да билбэппинэн атын баҕайы эйгэҕэ киирэн барбытым. Саныырым эрэ кини, күн аайы репетицияны эрэ кэтэһэр буолан хаалбытым. Ол эрээри биирдэ даҕаны саатар көннөрү кэпсэтэн да ылбатахпыт.

Күүтүүлээх Өктөөп бырааһынньыгын киэһэтэ тиийэн кэлбитэ.

Бу киэһэни мин билигин сааһыран да олороммун олус күндүтүк саныыбын. Олоҕум биир умнуллубат кэрэ түгэнэ диэммин, куоракка да олордорбун, бу бырааһынньык киэһэ уоттаах сырдык уулуссанан уруккуну, быданнааҕыта ааспыт киэһэни саныы-саныы дьаарбайарбын сөбүлүүбүн.

Кэнсиэр бэркэ ааспыта, дьон элбэҕэ, ытыс көхтөөх таһыныыта да санаабытын көтөхпүтэ. Кэнсиэр кэнниттэн үҥкүү саҕаламмыта. Мин манна кэлиэхпиттэн кулуупка үҥкүүгэ бу бастакы сылдьыым этэ. Саала биир кытыытыгар истиэнэҕэ кыргыттары кытта кэпсэтэ турдахпына: «Аня, эйиэхэ кэллилэр», – диэн аттыбар турбут кыыс сибис гыммытыгар эргиллэ түспүтүм, Кеша кэлэн турар эбит. Олус соһуйбутум, долгуйбутум, кини эрэ кэлиэ диэн кэтэспэккэ, кинини санаабакка турдаҕым дии. Үҥкүүгэ ыҥырбыта. Ол киэһэ кини наар миигин кытта үҥкүүлээбитэ. Ол курдук билсиһэн кэпсэппиппит. Түүн дьиэбэр атаарбыта.

Ол түүн ыраас халлааҥҥа бачымах курдук элбэх сулус дьиримнии, хамсыы турар курдуктара. Толору соҕус ый ыраас хаары сырдатан, тула барыта сырдыгынан сандааран олороро. Биллэн туран, бастакы тымныылар түһэр кэмнэрэ буоллаҕа, оттон миэхэ бу чуумпу түүн, чараас соҕус таҥастааҕым эбитэ буолуо да, олус сылаас, чэбдик курдуга. Дэриэбинэ биир улахан уулуссатынан балачча уһуннук хаамсыбыппыт. Ол тухары айахпыт хам буолбакка кэпсэппиппит. Өр сүтэрсэ сылдьан баран саҥа көрсүбүт дьон курдук этибит. Олбуорум кэлииккэтин таһыгар арахсыахпытын баҕарбат курдук өр турбуппут. Эмискэ Киэсэ кууһан ылан уоспуттан уураан ылбыта. Бу үчүгэйин, сылааһын, имэҥнээҕин… Мин ууллан хаалбытым…

Итинтэн ыла көтүөхпүн кыната суох курдук сылдьыбытым. Үлэм да бэркэ, санаа хоту баран испитэ. Нэһилиэк иһигэр ыытыллар уопсастыба үлэтигэр көхтөөхтүк кыттан, үлэлээн испитим. Киэсэлиин куруук истиҥник көрсөр, кэпсэтэр буолбуппут. Кини хатыҥыр, үрдүк уҥуохтааҕа, сырдык кыраһыабай сэбэрэлээҕэ, уурбут-туппут курдук ыраастык таҥна сылдьара. Оскуоланы үчүгэй сыаналарынан бүтэрэн баран, «оскуола – производство – үрдүк үөрэх» диэн оччотооҕу девиһинэн совхозка үлэлии хаалбыт этэ. Сааһыран эрэр ийэлээх аҕатыгар олорон дэриэбинэ таһыгар баар сүөһү пиэрмэтигэр нормировщигынан үлэлии сылдьара. Үчүгэйдик уруһуйдуур буолан кулууп, бибилэтиэкэ киэргэтиитигэр өҥөтө элбэҕэ, бырааһынньыктарга тахсар истиэнэ хаһыаттарыгар олус бэркэ ойуулуура. Бэйэтин кыанар спортсмен, оскуоланы бүтэрэр сылыгар оройуон ыһыаҕар оҕолорго мас тардыһыытыгар бастаабыт этэ. Ону таһынан үчүгэйдик тустара. Бэйэ-бэйэбитигэр тардыһыыбыт, истиҥник, чугастык санаһарбыт улахан тапталга кубулуйан барбыта, көрсүбэтэх, кэпсэппэтэх күммүт суох курдуга.

Күн-ый биллибэккэ ааһан испитэ. Ыам ыйа үүммүтэ. Халдьаайы быарынан ньургуһуннар араҕас көбүөрү тэлгэтэн кэбиспит курдук хойуутук хоҥкуйа үүммүттэрэ. Чуумпу сааскы киэһэ онно сиэттиһэ сылдьан дьаарбайбыппытын бу бэҕэһээ курдук саныыбын.

Саас Киэсэ аармыйаҕа сулууспалыы барар буолбута. Ол быстах арахсыыны ыарыылаах соҕустук ылыммыппыт. Мин, харахпыттан уу-хаар баһа-баһа, «наһаа таптыыбын, олус суохтуоҕум, хайаан да кэтэһиэҕим» диэн киниэхэ сыллаан-уураан туран эппитим, тылбын биэрбитим. Киэсэ миэхэ күн аайы суруйуох буолбута, «эйигиттэн суругу эмиэ күн аайы күүтүөҕүм, сулууспалаан кэллэхпинэ ыал буолуохпут» диэбитэ. Мин киниэхэ анаан-минээн оҥорбут ойуулаах-бичиктээх, тапталга билинэр тыллардаах ырыанньыкпын бэлэхтээбитим.

Сотору Киэсэ аармыйаҕа барбыта, оччолорго үс сыл сулууспалыыллара.

3.

Дэриэбинэҕэ олоҕо биир тэҥник устан испитэ. Мин үлэбин олус сөбүлээбитим, ааспат-арахпат ахтылҕантан онно эрэ аралдьыйарым. Чуумпу киэһэлэргэ Киэсэбин саныырым, суохтуурум улаатара, сурук суруйарым, оттон аармыйаттан сурук быыстала суох кэлэ турара.

Кыһын ааһан сайын буолбута. Уоппускабар дойдубар сайылаан баран Сыырдаахха кэлбитим. Саҥа үлэлээн истэхпинэ, оройуоҥҥа култуура салаатыгар ыҥырбыттарыгар дьиксинэ саныы-саныы киирбитим. Соччо үчүгэйэ суох сонуну истибитим уонна, хайыахпыный, сөбүлэһэрбэр эрэ тиийбитим. Сопхуоска саҥа инженер-механик кэлэр буолбут этэ, бибилэтиэкэ үрдүк үөрэҕин бүтэрбит кэргэммэр идэтинэн үлэ баар буоллаҕына эрэ үлэлии барабын диэн туруорсубут. Онон миигин атын сиргэ көһөрөр буолбуттар эбит. Оройуон кииниттэн чугас биир бөдөҥ нэһилиэк бибилэтиэкэтигэр декрет уоппускатыгар барбыт дьахтар оннугар анаабыттара.

Бэркэ үлэлии олорбут уонна дьонун-сэргэтин билсэн сөбүлээбит сирбиттэн барарбыттан олус хомойбутум. Хайа, уонна манна тапталбын көрүстэҕим, таптыыр, кэтэһэр уолум дойдута буоллаҕа дии. Манна барыта кинини санатара ээ…

Саҥа сиргэ үлэлээн барбытым. Уопсай дьиэҕэ биир хоһу биэрбиттэрэ. Дьону кытта билсэн истэххэ, сир сир курдук, дойду дойду курдук эбит этэ. Эмиэ үлэ үөһүгэр түспүтүм. Бибилэтиэкэҕэ дьон сылдьыыта олус элбэх этэ, онтон санаам көтөҕүллэрэ, үлэлиэх баҕам улаатара.

Үлэбэр тахсыахпыттан биир эдэр киһи куруук кэлэн кинигэ уларсарын, кэпсэтэ сатыырын бэлиэтии көрбүтүм. Киһини кытта хайдах кэпсэппэт буолуомуй? Сүрдээх ис киирбэх көрүҥнээх, бэйэм бараа саастаах олохтоох уол. Коля диэн ааттаах. Совхозка суоппардыыра, партком сэкирэтээрин таһара. Уол сытыы-хотуу этэ, кыһын өрөбүллэргэ хаста да куоракка киллэрэн маҕаһыыннарынан эҥин күүлэйдэппитэ. Партком сүрдээх сымнаҕас саастаах киһи этэ, бука, билсэр кыыһым куоракка наадалаах диэн киниттэн көҥүллэтэн эрдэҕэ буолуо. Куорат да чугаһа, бу турдаҕа, ууннахха уҥуор биэрэк буоллаҕа. Хайдах эрэ улахан күһэллиитэ суох сыһыаммыт чугасаһан барбыта. Мин Коляны Киэсэни көрөөт да таптаабытым курдук таптаабатаҕым. Уол уол курдук этэ, ол эрээри олус ис киирбэх көрүҥнээҕэ. Элбэҕи аахпытын, билэрин, билэ сатыырын, кэпсэтэргэ интириэһинэйин ордук сөбүлээбитим быһыылааҕа. Кинини өр, хас да хонукка көрсүбэтэхпинэ, суохтуур, чуҥкуйар курдук буолан барбытым. Кэлин: «Хайа, ханна сырыттыҥ, өр да буоллуҥ», – дэтэлиир буолбутум. Устунан мин Коляҕа убанан, букатын иирэн хаалбытым, кинитэ суох сатаммат курдук буолтум. Саас ыал буолбуппут.

Оттон Киэсэттэн суруктар быыстала суох кэлитэлээбиттэрэ да ааҕа-ааҕа кистээн иһэрим, хоруйдаабат этим. Дьон өссө саллаат уоллаах эрээри атын уоллуун чугасаһа сатыыр, чэпчэки кыыс эбит диэхтэрэ диэн кыбыста саныыр буолбутум. Аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар саллаат дойдутуттан ахтылҕанын таһаарар сонуннаах суруктары, таптыыр кыыһыттан истиҥ, сылаас тыллардаах суругу күүтэр бөҕө буоллаҕа дии. Оттон Киэсэ миигиттэн сурук кэлбэт буолан хаалбытыттан сүрдээҕин санааргыыр буолбут, тоҕо суруйбатый диэн араас санааҕа ылларбыт. Табаарыстарыгар суруйан сураспыт да, ким да, тугу да билбэт эбит. Дьэ, онтон оскуолаҕа үөрэммит табаарыһыттан Никитаттан сурук туппут. Никита суругар мин Сыырдаахтан атын сиргэ үлэлии барбыппын эппит уонна онно тиийэн олохтоох уолга эргэ тахсыбытым туһунан маннааҕы дьон кэпсииллэр диэбит. Киэсэ ити күүппэтэх сонунун истэн баран дөйбүт курдук буолан хаалбыт, «ол иһин да… ол иһин да…» диэмэхтээбит. Хайыа баарай, буолбут буоллаҕа… Тохтуу түһэн баран миэхэ уһун соҕус суругу суруйбута.

Ити кэмҥэ үһүс сылын сулууспалыы сылдьара.

4.

Колялыын сылтан эрэ ордук олорбуппут. Маҥнайгы уохтаах таптал сойон барбыта. Коля сотору-сотору арыгылыыр, күнүүлүүр, арыгы истэҕинэ айдаарар, сороҕор илиитин да көтөҕөр буолбута. Маҥнай кини арааһынай буоларыгар соччо кыһаммат курдук этим, онтон кэлин тулуйарбыт буолан барбытым. Арахсарга быһаарыммытым, оттон Коля арахсыбат санаалааҕа, онон аҕыс айдаанынан арахсыбыппыт. Манна үлэлии хааллахпына, син биир сүгүн олордуо суоҕа диэн үлэбиттэн уурайан, дойдубар барарга күһэллибитим.

Сайын ыанньыксыт ийэбэр сайылыкка көмөлөспүтүм, ол быыһыгар балтыларбын кытары сир астаабытым. Күһүн, баҕар, олохтоох кулуупка үлэ тахсыа диэн эрэннэрбиттэрин кэтэһэрим.

Биир куйаас күн балтыларбынаан сайылык үрдүнээҕи куруҥ тыаттан дьэдьэннээн, икки ыаҕайабытын толорон үөрэн-көтөн дьиэбитигэр киирбиппит, ийэм утары тахсан:

– Аанчык, ыалдьыттаах олоробун. Саллаат. Эйиэхэ кэлбит, эйигин ыйыталаһар. Чэйдэттим. Хаһыат көрө олорор, – дии тоһуйда.

– Кимий? Ким диэний? – наһаа соһуйбуппун, долгуйбуппун биллэримээри, уоскуйа сатыы-сатыы, сибигинэйэ былаан ыйыттым.

– Киэсэ диэн үһү. Эдэр, оттомноох баҕайы оҕо… – диэн ийэм үөрбүт курдук саҥарда.

Итини истэн, сүрэҕим айахпынан тахсыах курдук битигирии түспүтэ, куйаастан тэтэрбит иэдэстэрим өссө кытара умайдылар быһыылааҕа.

«Оо… Кини кэллэҕэ… Хайдах-хайдаҕый?.. Тоҕо миэхэ кэллэҕэй?.. Оттон мин кинини таҥнарбытым ээ, кини ыраас тапталын… Кини ыраас, чиэһинэй тапталын, оттон мин…» Турбут сирбэр ытаан киирэн барбытым.

Ийэм соһуйда быһыылааҕа:

– Хайа, хайдах буоллуҥ? Билэҕин дуо, кинини? Уоскуй уонна дьиэҕэ киириий… – диэн ааттаһардыы саҥарбытыгар, кырдьык да диэбиттии уоскуйа түспүтүм.

Бэйэбин көрүнэ, оҥосто түһэн баран, тугу көрөбүн диэбиттии сэрэнэ соҕус туттан дьиэҕэ киирбитим. Балтыларым хайыы-үйэ саллааттыын үөрэ-көтө кэпсэтэ олороллорун көрөн хайдах эрэ чэпчээбит курдук буолбутум.

– Дорообо… – Киэсэ ойон туран утары хаампыта.

– Дорообо, тоҕо кэллиҥ? – диэн олуонатык ыйыппыппын кулгааҕым эрэ истэн хаалбыта.

– Хайдах тоҕо?.. Оттон эйигин көрөөрү… көрсөөрү… – Киэсэ мух-мах барбыта.

– Көрөрүҥ курдук бу… Кэргэннээх этим, арахсыбытым…

– Билэбин…

Киэсэ өссө тупсубут, уһаабыт, дьиҥнээх эр киһи киэбэ киэптэммит этэ. Бэйэ-бэйэбитигэр салгыы тугу этиэхпитин бу диэн билбэт курдук турбахтаабыппыт.

– Чэ, оҕолоор, тахсан оонньооҥ, – диэппин кытта балтыларым сып гынан хаалбыттара.

– Хайа, Аанчык, хаһан да билсибэтэх дьон курдук турабыт дуо? – Киэсэ оргууй аҕай истиҥ баҕайытык этэрин кытта уол түөһүгэр саба түһэн ытаан барбытым.

Киэсэ сайылыкка хас да хоммута. Сайылык кэрэ айылҕатын, салгынын саҥа билбиттии бу кэрэ түгэни олус үчүгэйдик атаарбыппыт. Элбэҕи кэпсэппиппит, өйдөһөн, эйэлэһэн үөрбүппүт-көппүппүт. Онон Киэсэни кытта Сыырдаахха барсар буолбутум.

Киэсэ дьиэтэ, ханна баарын билэрим да, биирдэ да сылдьа илигим. Дьиэ-уот, таһыттан көрдөххө, дьэндэйэн улахана, көстүүлээҕэ үчүгэйэ бэрдэ. Ол дьиэҕэ киирэрбиттэн долгуйарым. Туох диэхтэрэй? Бу дойдуга үлэлии сылдьыбыппын, уолларын кытта билсибиппин, онтон атын сиргэ баран кэргэн тахсыбыппын, арахсыбыппын барытын билэ-истэ олордохторо. Тыл обургу уһун кутуруктаах, хайдах тиийбэт, иһиллибэт буолуоҕай?

Мин тугу да умнан туран, батыһан тиийдим. Таптыырым бэрт буоллаҕа. Киэһэлик этэ. Кырдьаҕастар бааллара. Уолларынаан киирэн кэлбиппэр соһуйдулар быһыылааҕа да, сахалыы сиэр быһыытынан көрсүбүттэрэ. Ийэтин бу диэн саҥа көрбүтүм, сааһыран эрэр толуу көрүҥнээх эмээхсин этэ. Оттон аҕатын куруук көрөөччүбүн, отделениеҕа биригэдьиир буолан, совхоз араас тэрээһиннэригэр баар буолааччы, наҕыл, холку көрүҥнээҕэ, куруук дьону кытта кэпсэтэ-ипсэтэ сылдьарын билэбин. Эмээхсин хара бастааҥҥыттан миигин сөбүлээбэтин, Киэсэ биһикки сыһыаммытын утарарын биллэрэн: «Олох оҥостуута эдэр саас оонньуута-көрө буолбатах, бииртэн биир сибэккигэ көтө сылдьар үрүмэччи буолбатах, сатаан олоруохпут дии саныыгыт дуо, дьэ саарбах…» – диэн быһа-хото этэн барбыта. Оттон оҕонньор улаханы тугу да саҥарбатаҕа, эмээхсинин диэки буойардыы көрүтэлээн ыла-ыла, наар аралдьытардыы атыны кэпсэтэ сатыыра. Эмээхсин уолугар олох сыһыарбатын билэммин, холбоһор да буоллахпытына, кы-рыы харах кынчыатыгар сылдьыыһыкпын дии санаабытым. Ол киэһэ дьүөгэ кыргыттарбар баран халыахпын баҕарталаабытым да, Киэсэ дэлби көрдөһөн хаалбытым. Оо, ол түүн хойукка диэри Киэсэбинээн ыарахан, харах да уулаах кэпсэтии буолбута… Сатаан олоруохпут суоҕа, кэбис, эрдэтинэ эйэлээхтик арахсыахха диэн быһаарыммытым. Сарсыарда тураат, дойдубар төннүбүтүм. Киэсэм барахсан көрдөһө-ааттаһа сатаабыта, хараҕыттан уу-хаар баһа-баһа туран хаалаахтаабыта. Билигин төһө да элбэх күн-дьыл аастар, уруккубун санаан бэйэбиттэн бэйэм хомойобун… 

5.

– Ол күһүн дойдубар, били, кэтэс диэбит үлэлэрэ тахсыбатаҕа. Арай ыаллыы нэһилиэккэ орто оскуолаҕа бибилэтиэкэр үлэтэ көстөн онно үлэлии барбытым. Оҕолору кытта алтыһан, үгүс тэрээһиннэри ыытан, араас иирбэ-таарба санааларбын аралдьытан, син сэргэхсийэн барбытым. Киһи үлэтин сөбүлээн үчүгэйдик сырыттаҕына, күн-дьыл сөҕүөх курдук биллибэккэ, түргэнник ааһааччы. Ол курдук самаан сайын биирдэ тиийэн кэлбитэ. Оскуола оҕолоро сайыҥҥы сынньалаҥнара буолан, бибилэтиэкэҕэ соҕотохто чуумпуруу буола түспүтэ. Ол оннугар ыалларга ыраахтан-чугастан оҕолоро, сиэннэрэ сайылыы кэлиилэрэ элбээн барбыта.

Биир киэһэ дьиэлэнэн олорор эмээхсиммэр Үлүксээскэ чугас соҕус олорор ыала эмээхсин ыалдьыттыы кэлбитэ. Эмээхситтэр барахсаттар дэриэбинэлэрин иһигэр ким кэлбитин-барбытын истэ-билэ олорор сир түннүктэрэ буоллахтара эбээт. Ыалдьыт эмээхсин тэллэх баттаһа олорор ыала эмээхсиҥҥэ уола икки кыра оҕотунаан сайылыы кэлбиттэрин, хас да сыллааҕыта кэргэнэ олохтон барыаҕыттан огдообо хаалбытын, муор-туор соҕустук олорорун кэпсээбитэ. Эдэр киһи үрдүк үөрэх кыһатыгар учууталлыырын, көрсүө, сэмэй майгылааҕын миигин иһиттин диэх курдук улаханнык саҥаран сырдаппыта. Мин ону өскүөрүтүн эрэ курдук истэн кэбиспитим.

Эмиэ биир күн, күнүс диэххэ… Таһырдьа уот куйаас, мин сөрүүн дьиэҕэ оҕолор формулярдарын сааһылыы олордохпуна, ааны тоҥсуйан эдэр, интеллигент көрүҥнээх, мааны киһи киирэн кэлбитэ.

– Петр Егорович диэммин, Дьокуускайтан, уоппускабар дойдубар…

– Аанч… Анна Николаевна…

Ити курдук сэмэйдик билсибиппит. Били ыалдьыт эмээхсин кэпсиир киһитэ буоллаҕа диэн сэрэйбитим. Соччо улахан кэпсэтии тахсыбатаҕа эрээри, туох эрэ киһини сэргэхситэр санаа үөскээбитэ.

Кэлин көрсүһэн, кэпсэтэн истэҕим аайы лоп бааччы тыллаах-өстөөх киһини испэр сөбүлүү санаабытым. Элбэҕи аахпыта, билбитэ чахчы биллэрэ, литература туһунан олус умсугутуулаахтык кэпсиирэ, киһи эрэ утаппыттыы истэ олоруох курдуга. Ол быыһыгар тус олохпутун даҕаны кэпсэтэн ыларбыт. Эмиэ күннэр элэҥнээн испиттэрэ. Петр Егорович уоппуската бүтэн барарын саҕана: «Миэхэ кэргэн таҕыс, бииргэ олоруохха, мин эйигин таптыыбын. Сөбүлэһэҕин дуо?» – диэн иитиэхтии сылдьыбыт ис санаатын соһуччу эппитэ. Ити этииттэн соһуйбутум даҕаны, испэр үөрбүтүм даҕаны. Сөбүлэспитим. Петр Егорович бэрт сотору куоракка көһөрөн киллэриэх буолбута.

Онон көһөрдүү бэлэмнэнэн барбытым.

6.

Хас да сыл ааспыта. Киэсэ олоҕун уларытан ыаллыы оройуоҥҥа үлэлии барбыт этэ. Дойдутугар табыллан үлэлиэ суохпун диэн уонна табыллыбатах тапталын бааһын оһорунаары, умнаары даҕаны буолуо дии саныыбын. Онно тиийэн биир нэһилиэк кулуубугар оформитель-худуоһунньугунан үлэҕэ киирбит. Нөҥүө сылыгар оҕо саадыгар үлэлиир олохтоох кыыһы кэргэн ылбыт. Хас да сыл үчүгэйдик олорбуттар, уоллаах кыыс оҕоломмуттар. Тастан көрдөххө, дьоллоохтук олорор ыал ыал курдуктар эбит. Ол эрээри Киэсэ сотору-сотору арыгы иһэр, сороҕор дьиэтигэр улаханнык айдаарар буолбут. Кэргэнэ кинини олус таптыыр, сөбүлээн эргэ тахсыбыт буолан, сарсыныгар өйдөннөҕүнэ ааттаһан, саатар оҕолоргун санаа диэн элэ-была тылын этэрэ, арыгыгын эмтэтиэххэ, көн, киһи буол диэн көрдөһөрө үһү. Киэсэ кэргэнэ этэрин, көрдөһөрүн ылынар курдуга да, хас да хонон баран эмиэ иһэн-аһаан кэбиһэр эбит. Кэлин олох да үлэ диэни умнан, дьиэтигэр сытан эрэ иһэр буолбут. Кэргэнэ ити үлүгэри тулуйбакка, оҕолорун илдьэ дьиэтиттэн тахсан барбыт.

Хас да хонон баран, ыаллара дьиэҕэ ким да киирбэт-тахсыбат буолбутун иһин дьиксинэн дьаһалтаҕа тыллаан, иһиттэн хатыылаах ааны тоҕо тардан киирэн көрбүттэрэ, киһи көрүөх дьулаана үһү… Киэсэ муҥнаах оронугар хайдах эрэ табыгаһа суохтук кэдэрги түһэн сытарын булбуттар. Сүрэҕэ тулуйаахтаабатах… Аҕата оҕонньор кэлэн, ытаан-соҥоон ылан барбыт…

7.

– Аанчык, оттон кэлин, манна куоракка хайдах олорбуккунуй? – Ирина дьүөгэтэ үчүгэйдик олорбутун билэр эрээри, бу хобдох кэпсээн кэнниттэн санаатын көтөҕөөрү ыйытта.

– Оҕолорбут улаатан, үөрэхтэнэн, ыал буолан барбыттара, хас да улааппыт сиэннэрдээхпит. Кэргэним барахсан син сааһыран, сэттэ уончатыгар чугаһаан иһэн, ыалдьан бараахтаабыта. Олус үчүгэй киһи этэ, биирдэ мөхпөтөҕө, кыыһырбатаҕа, эгэ, тарбаҕынан таарыйыа дуо? Билигин олус суохтуубун, санаабатах күнүм суоҕун кэриэтэ. Бэйэтин харыстаммакка ыччаты иитиигэ, үөрэтиигэ олус элбэхтик үлэлээбитэ. Улахан килэйэр-халайар баайбыт суоҕа, аһыыр астаах, таҥнар таҥастаах этибит. Оҕолорбут, сиэннэрбит кэлэ-бара сылдьаллара. Ааммыт куруук аһаҕас этэ, доҕотторбут, үөрэппит ыччаттарбыт куруук ыалдьыттыыллара. Оо, кэргэним туһунан ахтыах, саныах диэтэххэ, баһаам бөҕө буоллаҕа дии. Ити истиэнэҕэ араамаланан турар хаартыскатын кытта куруук кэпсэтэ, аттыбар баарын курдук саныы сылдьабын. Ол эрээри аны бу кэлин соҕотох олорон, тэһийбэтэхпинэ, чуҥкуйдахпына, туой Киэсэбин, маҥнайгы тапталбын, саныыр-ахтар буолан хааллым. Дьикти баҕайы… Ону бэйэм даҕаны билбэппин, бука, тапталбын таҥнарбыппыттан кэмсинэбин быһыылаах. Арай бииргэ олорбуппут буоллар, билигин кини баар буолуо этэ дуо, дьоллоох буолуохпут этэ дуо дии саныыбын ээ. Ааспыт күһүн, эмиэ эйигин соһуччу көрсүбүтүм курдук, куоракка Киэсэ чугас эдьиийэ дьахтары билэн, көрсөн кэпсэппиттээҕим. Онно кини Киэсэ оҕолоро улаатан дьон, үлэһит буолбуттарын, кырдьаҕастар өрдөөҕүтэ барбыттарын кэпсээбитэ. Киэсэ аармыйаҕа сулууспалыы барарыгар бэлэхтээбит халыҥ ырыанньыкпын, суруктарбын кэриэс курдук ууруна сылдьыбытын билигин аны кини харайан сытарын олус долгуйа истибитим. Саас халлаан сылыйыыта киниэхэ тахса сылдьыах буолбутум, кэлээр диэн ыҥырбыта. Ырыанньыгы, суруктары уонна биир эмэ оччотооҕу хаартыскатын көрдөөн бэйэбэр ылар санаалааҕым. Биэриэ эбитэ дуу, суоҕа дуу?.. Билигин миэхэ Киэсэ хаартыската биир да суох ээ. Ону баара, бу абааһы ыарыы туран кыайан тахсыбакка хааллым.

* * *

Ити курдук Аанчык курус кэпсээнин түмүктээбитэ. Сааскы күн киирэн, түүн ыраатан ыас хараҥа бүрүүкээбит этэ.

Оо, олох барахсан! Арааскын, эрэйдээххин уонна күндүгүн даҕаны…

Степан Марков

Чолбон. – 2021. – №1

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар