Матрена Попова,
тыл билимин хандьыдаата
Саха бастакы дьахтар суруйааччыларын дьылҕалара:
Анна Неустроева төрөөбүтэ 120 сылыгар
ХХ үйэ саҕаланыытыгар саха дьахтар суруйааччыта суоҕун кэриэтэ этэ. Ол биллэн турар, манныгы кытта ситимнээҕэ: бастатан туран, оччотооҕу кэмҥэ сахалар ортолоругар үөрэхтээх киһи олус аҕыйаҕа, буолаары буолан дьахтар аймах ортотугар; иккиһинэн, саха дьахтарын социальнай туруга бу кэмҥэ мөлтөх буолан, айар үлэнэн дьарыктанар кыаҕа суоҕа. Баай төрүттээх эбэтэр сэниэ ыал кыыһа, ону да дьоно көҥүллээтэхтэринэ, үөрэнэр дьолго тиксэрэ. Ол курдук, саха маҥнайгы суруйааччы дьахталлара Вера Давыдова уонна Анна Неустроева, сэниэ ыал кыргыттара буолан, үөрэҕи ылар, айар уонна уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанар кыахтаммыттара. Вераны уонна кини балтыларын үөрэттэрэр туһуттан аҕалара Дмитрий Васильевич Давыдов Амма Солобуодатыгар олорон дьиэ үлэһитинэн үөрэхтээх сыылынайдары анаан ылара. Вераны салгыы Дьокуускай куоракка киллэрэн, кыргыттар гимназияларыгар тоҕус сыл үөрэттэрбитэ, кэлин кыыс педагогика техникумун бүтэрбитэ.
Оттон Анна Неустроева үөрэхтэнэригэр бииргэ төрөөбүт убайа, саха литературатын төрүттэспит Николай Денисович Неустроев, оччотооҕуга Дьокуускайдааҕы түөрт кылаастаах куорат училищетын үөрэнээччитэ, улахан оруолу оонньообута. Төрөппүттэрин тылыгар киллэрэн, Анна бастаан Баайаҕа, онтон Уолба оскуолаларыгар үөрэнэрин ситиспитэ. Кэлин кыыс Дьокуускайга педагогика техникумугар үөрэнэ киирбитэ, оччотооҕу куорат уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттан барбыта.
Дойдуга буола турар революциялыы, национальнай босхолуур хамсааһыннар кэмнэригэр Саха уобалаһыгар дьахтар боппуруоһа политическай партиялар, ордук социал-демократтар, федералистар болҕомтолорун тарпыта. Сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ, дьахтар боппуруоһа сытыырхайбыта, патриархальнай-феодальнай тутултан дьахтары босхолуурга, өй-санаа, культура өттүнэн кинини сайыннарарга улахан болҕомто ууруллубута. Саҥа былаас улуустарга дьахталлар кэмитиэттэрин тэрийтэлээбитэ, олор нөҥүө дьахталлар олорор, үлэлиир эйгэлэрин тупсарарга кыһаллыбыта. 1924 сыллаахха ахсынны 22 күнүгэр III Бүтүн Саха сиринээҕи сэбиэттэр съезтэрэ халыым төлүүрү тохтоппута. Оттон 1927 сыллаах V съезд уурааҕынан ийэ уонна оҕо доруобуйатын харыстааһын – өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйа харыстабылын үлэтин сүрүн хайысхаларыттан биирдэстэрэ буолбута. Күүстээх тэрээһиннээх үлэ түмүгүнэн, 1930-с сылларга өрөспүүбүлүкэ иһинэн дьахтар аймах 60% ааҕар, суруйар кыахтаммыта. Өрөспүүбүлүкэ салайааччыларын кэккэтигэр дьахталлартан эмиэ киирбиттэрэ. 1937 сыллаахха 425 коммунист дьахтар баар буолбута. Аҕа дойду Улуу сэриитин иннинэ дьахталлар ортолоругар учуутал, быраас, артыыс, партийнай үлэһит идэлээхтэр ахсааннара элбээбитэ.
Маннык балысханнык сайдыы кэмигэр бастакы дьахтар суруйааччылар уопсастыбаннай олох инники күөнүгэр сылдьыбыттара. Тус олохторо төһө да ыарахан буоллар, айар үлэнэн дьарыктаммыттара, үөрэх эйгэтигэр, уопсастыба сайдарыгар, ордук дьахтар аймах олоҕун тупсарар туһугар күүскэ үлэлэспиттэрэ. Вера Дмитриевна – бастакы үөрэх кинигэтин оҥорбута, онно оҕолорго аналлаах хоһооннору, кэпсээннэри суруйбута, оттон Анна Денисовна – саха дьахталларыттан бастакынан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнинэн киирбитэ, 1934 сыллааҕы Саха сирин суруйааччыларын кэмпириэнсийэтин, 1939 сыллааҕы Саха сирин суруйааччыларын I сийиэһин кыттыылааҕа, иккиэн оҕо литературатыгар таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.
Сэбиэскэй кэмҥэ кинилэр соччо ааттаммат этилэр. Иккиэннэрин аймахтара үксүлэрэ репрессияҕа түбэспиттэрэ, хаайыыга сыппыттара, сорохторо ытыллыбыттара. Анна Неустроева 44 сааһыгар ыалдьан олохтон туораабыта, онтон Вера Давыдова, 1977 сыллаахха, хара өлүөр диэри, дойдутуттан тэйэн Бодойбоҕо олорбута, учууталлаабыта, библиотекаҕа үлэлээбитэ. Олохторо, ордук 1937 сыллаахтан, кэтэбилгэ ааспыта, Вера кэлин даҕаны Саха сиригэр төннөр кыаҕа суоҕа.
Вера Дмитриевна – «Саха омук» культурнай-сырдатар уопсастыба актыбыыската, «Кэскил» айар ыччат түмсүүтүн старостата, 1922 сыллаахтан оскуолаларга саха, нуучча тылларын, уруһуй, естествознание предметтэрин учуутала, 1924 сыллаахха – Саха АССР Үөрэҕириигэ уонна доруобуйа харыстабылыгар наркоматын иһинэн тылбаас-литература хамыыһыйатын чилиэнэ. Ити кэмҥэ «Айылҕа үөрэҕэ» учуобунньугу тылбаастыыр, оскуола программаларын оҥорор. 1925 сыллаахха кулун тутар 8 күнүгэр буолбут Бүтүн Саха сирин үлэлээн иитиллэр дьахталларын бастакы сийиэһигэр делегатынан талыллар. 1934 сыллаахха Саха сирин 17 бастыҥ учууталын кэккэтигэр киирэн, Москва, Ленинград куораттарга экскурсияҕа барар, Н.К. Крупскаяны кытта көрсөр, кэпсэтэр чиэскэ тиксэр. Вера Дмитриевна кэргэнэ Петр Иванович Оросин конфедералистар хамсааһыннарыгар кыттыгастаах аатыран 1927 сыллаахха хаайыллан, Соловки (Соловецкий лагерь особого назначения) лааҕырдарыгар тоҕус сыл сытан тахсан баран, Бодойбо куоратыгар олохсуйар, киниэхэ кыыһын илдьэ көһөн барар.
Анна Неустроева Вера Давыдоваттан икки сылынан балыс этэ. Иккиэн аатырбыт баай Оруоһуттар сыдьааннара, онон аймахтыылар.
Анна Денисовна 1903 сыллаахха кулун тутар 3 күнүгэр Байаҕантай улууһун Төрдүс Байаҕантай нэһилиэгэр (билигин Таатта улууһун Алдан нэһилиэгэ) сэниэ ыалга төрөөбүтэ. Онон, быйыл төрөөбүтэ 120 сылын бэлиэтиибит. Анна дьонугар саамай кыра оҕолоро этэ, убайа Николай Денисович ыал улахан оҕото уонна соҕотох уол эбит. Алта оҕоттон түөрдэ тыыннаах хаалан киһи-хара буолбуттар.
Кыраайы үөрэтээччи Антонина Николаевна Неустроева бэлиэтииринэн, Анна 1914-1921 сыллардаахха Баайаҕаҕа Байаҕантайдааҕы норуот училищетыгар, онтон 1922-1923 үөрэх дьылыгар Уолбаҕа Дьөҥкүүдэй сэбиэскэй трудовой оскуолатыгар 7-с кылааска үөрэммит буолуон сөп. Убайа Николай Денисович Дьөҥкүүдэй оскуолатыгар 1922-1924 сылларга учууталынан үлэлээбит. Убайын көмөтүнэн, Анна өссө оскуолаҕа киириэн инниттэн сатаан ааҕар буолбута.
Оскуола кэнниттэн Анна 1923 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогика техникумугар туттарсан киирэн, 1927 сыллаахха диэри үөрэммитэ, ол эрээри доруобуйата мөлтөөн, тохтууругар тиийбитэ. 1926-1927 сылларга дойдутугар Таатта Төрдүгэр ликпууҥҥа учууталлаабыта, 1927-1928 сылларга куорат 4-с оскуолатыгар саха тылын үөрэппитэ, 1929 сыллаахха куорат оҕо уһуйаанын уһуйааччытынан үлэлээбитэ. Ол кэнниттэн 1931-1933 сылларга «Холбоско» дьыала-куолу тылбаасчыта, 1933-36 сылларга кинигэ кыһатыгар эрэдээктэр, 1936 сылтан кэлин «Хотугу сулус» буолбут «Кыһыл ыллык» сурунаал эппиэттиир уонна литературнай сэкирэтээрэ.
Анна Неустроева киэҥ эйгэҕэ биллибит бастакы суруйуулара ыстатыйалар этэ. Ол курдук, 1925-1930 сылларга тыа дьахталларын үлэлэрин-хамнастарын, оҕо уһуйаанын, сэллик диспансерын туһунан тэттик ыстатыйалара «Кыым» хаһыакка утуу-субуу бэчээттэммиттэрэ. Маны таһынан, бу кэмҥэ тылбааһынан умсугуйан туран дьарыктаммыта, икки тылбаас кинигэтин бэлэмнээн таһаартарбыта.
Анна Денисовна бэйэтин кэмин үөрэхтээх, сайдыылаах дьахталларыттан биирдэстэрэ буолан, үөлээннээхтэрин ортотугар сырдатар үлэнэн киэҥник дьарыктаммыта. Ол курдук, 1924-1927 сылларга Дьокуускай куорат сэбиэтигэр дьахтар отделын үлэтигэр кыттыбыта, 1925 сыллаахха Саха сирин дьахталларын I сийиэһигэр делегатынан талыллыбыта.
«Кыым» хаһыат 43 №-гэр тахсыбыт «Дьахталлар тугу этэллэрий?» диэн бэлиэтээһинигэр 1925 сыллаахха от ыйын 6 күнүгэр Уолбаҕа буолбут дьахталлар мунньахтарын туһунан суруйбута. Бу мунньахха Саха сиринээҕи үлэһит дьахталлар мунньахтарын түмүк тылын ырытыспыттар, тыа дьахталлара ханнык былаанынан үлэлиэхтэрин сөбүн кэпсэппиттэр уонна маннык диэн санааларын биллэрбиттэр: «1-нан, маҥнайгы саха үлэһит дьахталларын мунньаҕын уонна хомунньуус баартыйатын эҕэрдэлиибит диэн; 2-һэ, урут үлэлээбит, салаллыбыт үлэһиттэр тахсан, үлэлээн, мунньахпытын чаастатык оҥорон, биһигинник үөрэҕэ суох, кыра-дьадаҥы дьахталлары салайаллара, үөрэтэллэрэ буоллар, үчүгэй буолуо этэ диэн көрдөһөллөр уонна мунньахха сылдьарбытыгар эрдэрбит дьиэбитин дьиэлээн, үлэбитин тэҥнииллэрэ буоллар, бэрт буолуо этэ диэн» («Кыым», 43 №, 1925 с. балаҕан ыйын 17 күнэ).
«Дьахтар оттотугар үлэ» диэн 1928 сыллаахха «Кыым» хаһыакка таһаарбыт ыстатыйатыгар алтынньыга Байаҕантай улууһугар буолбут мунньаҕы сиһилии суруйбута. Манна тыа дьахталлара кинилэргэ аналлаах тэрээһиннэри сэргииллэрэ, олохторугар уларытыы киллэрэргэ дьулуһуулара, салалтаҕа ирдэбил туруораллара, билэр-көрөр баҕалара сиһилии суруллубут. Холобур, соҕуруу киин куораттарга, нуучча дэриэбинэлэригэр үлэлииргэ анаммыт матырыйааллар, куорат дьахтарын үлэтин былаана тыа дьахтарыгар сөп түбэспэттэрин, онон кинилэргэ бэйэлэригэр сөптөөх былааны оҥорон биэрэллэрин ирдээһиннэрэ дьахтар аймах оччотооҕу кэмҥэ сайдар суолу олохтоохтук оҥосторго туруммуттарын кэрэһэлииллэр.
1926 сыллаахха «Что должна знать о себе женщина» диэн А.В. Гофмеклер брошюратын сахалыы тылбаастаабыта оччотооҕу кэмҥэ сонун матырыйаал быһыытынан үрдүктүк сыаналаммыта.
«Кыра оҕо сылдьар саха саадын үлэтэ» (1930 c.) ыстатыйаҕа оҕо уһуйаана үлэлиир бэрээдэгэ сиһилии суруллубут: оччотооҕу кэмҥэ кыра дьону көрөргө-истэргэ, үөрэтэргэ туох-ханнык усулуобуйалар тэриллибиттэрин билэҕин, кылгас кэм иһигэр саҥа былаас бары хайысхаҕа күүстээх тэрийэр үлэни хайдах быһыылаахтык ыыппытын өйдүүгүн.
Сэллик диспансерын туһунан ыстатыйатыгар саха норуотугар улахан охсууну оҥорбут, ыалы ыалынан эспит түбүркүлүөһү утары үлэ хайдах тэриллэрин сиһилии суруйбут, дьон доруобуйатыгар улахан болҕото ууруллар буолбутун итэҕэтиилээхтик ойуулаабыт.
Анна Денисовна тулаайах хаалбыт, репрессияламмыт аймахтарын оҕолоругар күүс-көмө буолара, аһынан-таҥаһынан, үлэ миэстэтэ булан биэрэн көмөлөһөргө дьулуһара. Дьоно ахталларынан, элбэх саҥата суох, бэрт сытыары сымнаҕас майгылаах эбит. Чугас дьонун – убайын Николай Денисовиһы, ийэтин, аҕатын ыарыылаабыт, тиһэх суолларыгар атаарбыт.
Кэргэнэ Иван Дмитриевич Баланов биир дойдулааҕа этэ. Дьокуускай духуобунай семинариятыгар үөрэммит, А.С. Рыдзинскай этэрээтин байыаһа, 1924-1929 сылларга «Кыым» хаһыат эрэдээктэрин солбуйааччы, кэлин эрэдээктэр, 1930-1932 сылларга Дьокуускай куораттааҕы үөрэх салаатын сэбиэдиссэйэ, 1932-1934 сылларга Саха сиринээҕи судаарыстыбаннай национальнай библиотекаҕа сахалартан бастакы дириэктэр. 1934 сыллаахха Москваҕа Саха АССР олохтоох бэрэстэбиитэлинэн ананан үлэлии бараары сылдьан, Тааттаҕа дьонун кытта көрсө тахсан баран, сыыстаран, тымныйан олохтон туораабыт.
Анна Неустроева оччотооҕу кэм дьахталларыттан тас көстүүтүнэн да уратылааҕа. Ол курдук, кини баттаҕын кылгас гына кырыйтарар, сороҕор, ордук бултуу бараары тэриннэҕинэ эр киһилии таҥнар эбит. Кини дьоппуон саалааҕын, онон бэркэ диэн кустуурун, куобахтыырын туһунан ордук суруйааччылар ахтыыларыттан билэбит. Холобур, В.А. Протодьяконов–Кулантай: «Кини дьахталлартан улахан сааһыт, олус бэргэнник ытааччы быһыылааҕа,» – диэн эппитин Ю.И. Васильев–Дьаргыстай суруммута «Тиргэһиттэр» (2003) кинигэтигэр киирбитэ.
Айар үлэнэн Анна Денисовна ордук 1930-с сылларга таһаарыылаахтык дьарыктаммыта: 1936 сыллаахха «Албын», «Таарымта», 1937 сыллаахха «Тиргэһиттэр», «Куттамсах куһаҕан», 1938 сыллаахха «Ороһукаан», «Оҕолор», 1939 сыллаахха «Саһыл, эһэ уонна оҕо», «Тураахтар», «Ходуһа дьүһүнэ», «Оҕонньордоох эмээхсин», 1943 сыллаахха «Кэһии» диэн кэпсээннэри суруйбута. Тыыннааҕар «Кэпсээннэр» (1939) уонна «Кэпсээннэр: орто саастаах оҕолорго» (1945) кинигэлэрэ тахсыбыттара. Бэчээттэнээт, Анна Денисовна ордук суруйааччылар ортолоругар киэҥ сэҥээриини ылбыта. Ол туһунан бэйэлэрин ахтыыларыгар Амма Аччыгыйа, В.А. Протодьяконов–Кулантай суруйан тураллар.
Анна Неустроева литературнай нэһилиэстибэтэ «Очерк истории якутской советской литературы» (1970), А.Е. Захарова «Якутская детская литература» (1981) диэн билим үлэлэригэр литература сайдар тосхолун иһинэн ырытыллыбыта, сыаналаммыта. Ол курдук, «Албын», «Тиргэһиттэр», «Оҕолор» айымньыларын жанрын новелла диэн быһаарбыттара. Оҕолорго аналлаах айымньыларыгар оҕо уйулҕатын үчүгэйдик билэр буолан суруйааччы кинилэр иэйиилэрин, санааларын итэҕэтиилээхтик ойуулуур, оттон улахан дьоҥҥо аналлаах айымньыларыгар хаалынньаҥ хараҥа олоҕу саралыыр диэн бэлиэтээбиттэрэ. Кэлиҥҥи кэмҥэ тыл үөрэхтээхтэрэ Ю.И. Васильев–Дьаргыстай, И.П. Винокуров кини айымньыларын ырыппыттара.
Тыл билимин хандьыдаата Юрий Иванович Васильев–Дьаргыстай убайдыы балыс Неустроевтар нэһилиэстибэлэрин үөрэтиигэ, кинилэр ааттарын үйэтитиигэ утумнаахтык үлэлэспитэ. Ол иһигэр Анна Денисовна айымньылара, тылбаастара, ыстатыйалара, кини туһунан ахтыылар, о.д.а. киирбит «Тиргэһиттэр» диэн кинигэтин хомуйан, баай ис хоһоонноох киирии тыл суруйан 2003 сыллаахха таһааттарбыта, суруйааччы төрөөбүтэ 90 сылын көрсө 1993 сыллаахха П.А. Ойуунускай аатынан Литература музейыгар ииппит кыыһа Акулина Михайловналыын, музей үлэһитэ Р.Т. Аммосовалыын ахтыы киэһэни тэрийбиттэрэ. Анна Денисовна тыыннааҕар да, кэлин да маннык тэрээһин ыытылла илик.
Суруйааччы саамай бастыҥ айымньытынан «Тиргэһиттэр» диэн кэпсээнэ буолар. Бастаан 1938 сыллаахха «Хотугу сулус» альманахха бэчээттэммитэ, киэҥ биһирэбили ылан хрестоматиялыы айымньы буолбута, араас сылларга үөрэх кинигэлэригэр киирбитэ. Кини бэйэтэ оҕо эрдэҕиттэн булчут буолан тыа оҕото айылҕаны кытта быстыбат ситимин, саха киһитэ оҕоҕо харыстабыллаах сыһыанын ураты психологиялыы хартыына гына ойуулаабыта, уус-уран таһымынан билиҥҥи ыччат дьону да кэрэхсэтиэн кэрэхсэтэр.
Анна Денисовна норуот тылынан уус-уран айымньытын үйэтитиигэ эмиэ үлэлэспитэ. Ол курдук, ааттаах-суоллаах олоҥхоһуттар, тойуксуттар айымньыларын түмэн, оҥорон 1945 сыллаахха «Кырдьык кыайар» диэн хомуурунньугу таһааттарбыта өссө даҕаны анал идэлээхтэр сыанабылларын эрэйэр.
Түмүктээн эттэххэ, саха бастакы дьахтар суруйааччылара Вера Дмитриевна Давыдова, Анна Денисовна Неустроева бэйэлэрин кэмнэригэр айымньылаахтык үлэлээн ааспыттара. Айар үлэлэрин үтүө суобастаахтык, олус үрдүк хаачыстыбалаахтык толорон дьон-сэргэ ытыктабылын ылыахтарын ылбыттара. Ол эрээри, биир өттүнэн санаан көрдөххө, «норуот өстөөхтөрө» аймахтардаах буолан, биир кэм кэтэбилгэ сылдьыбыттара, кырыы хараҕынан көрүллүбүттэрэ баар суол. Кинилэр олох уустугун барытын тулуйан, туох да буолбатаҕын курдук үлэ үөһүгэр сылдьыбыттара күүстээх санааны, халбаҥнаабат кытаанах майгыны-сигилини эрэйбитэ чахчы. Өскөтүн санааларын көҥүллүк этэр кыахтаахтара эбитэ буоллар, бука, өссө чулуу айымньылары суруйан хаалларыахтарын сөптөөҕө.
Күн-дьыл уларыйан, ол кытаанах кэмнэр ааһаннар, билигин саха бастакы суруйааччы дьахталларын сырдык ааттара өрө тутуллар, хаалларбыт нэһилиэстибэлэрэ толору сөптөөх сыанабылы ылар кэмнэрэ кэллэ диэн этэр кыахтаахпыт.