Дойду сурахтаах, сурт кэриэстээх
Сэлэмдьи, Бурея, Амгунь өрүстэр Амыр эбэҕэ суккуллар салааларын тардыыларынан сахалар бэрт өрдөөҕү кэмтэн суол тэлбиттэрэ, сырыы олохтообуттара биллэр. Кэм-кэрдии аастаҕын аайы бу сирдэри кытта ситимнээх өйдөбүл умнуллан, сүтэн-оһон иһэрэ кистэл буолбатах. Оттон бу былыргы сахалар уһун айаннарын аартыга, улуу Кытай сиригэр тиийэр эркээйилээх суолларын төрдүнэн буолара.
Төһө да тэйиччи буоллар бу сир Саха сирин кытта сибээһэ бэрт дириҥ силистээх этэ. Урукку өттүгэр Амыр сахалара диэн өйдөбүл үөскээһинэ бу түөлбэҕэ Саха сирин өттүттэн түүлээх сонорун, атыы-эргиэн тарҕаныытын уонна манна көмүс хостооһуна сайдыытын кытта ситимнээҕэ. Ол эрээри быдан ол да
инниттэн, бэрт эрдэтээҥҥи кэмтэн саха тыллаах бу сири булбутун туһунан үгүс устуоруйа чахчылара кэрэһэлииллэр. Үккэ уонна Сэлэмдьигэ сахалар өссө XVШ үйэ бастакы аҥарыгар баалларын туһунан М-с Камчаткатааҕы экспедиция кыттыылааҕа Я.И. Линденау матырыйаалыттан көрөбүт.
Амыр сахаларын туһунан маҥнайгы сиһилии суруйууну А.Миддендорф манна 1844 сыллаахха сылдьыбыт экспедициятын түмүгүнэн оҥорбута. Кини суруйарынан сахалар бу сиргэ бэрт былыргы кэмтэн баалларын, кинилэр олохтоох омуктар истэригэр киэҥник тарҕаммыттарын, түүлээх булдугар, атыыга-эргиэҥҥэ биллэр-көстөр оруоллаахтарын бэлиэтиир. Кини саха атыыһыттара бэрт ыраах тиийэллэрин, Кытай оччотооҕу кыраныыссатын нөҥүө кытта сылдьалларын суруйар. Кини оччолорго манна эргинэр 25 саха атыыһыта баарын аахпыт. Кинилэр олохтоох омуктар ортолоругар атыыны-эргиэни киэҥник тарҕаппыттарын таһынан, манна Улуу Кытай сирин кытта сылдьыһыы ситимэ олохтоноругар кырата суох кыттыыны ылбыттара саарбаҕа суох.
Манна Амыр сиригэр XIX үйэ ортотугар чинчийэр үлэни ыыппыт Р. Маак бэйэтин үлэтигэр олохтоох сахаларга сыһыаннаах эмиэ үгүс саҥа чахчылары аҕалбыта. Оттон Приамурскай генерал-губернаторыгар «чиновник особых поручений» диэн чыыннаах Петр Шимкевич ааҕыытынан 1894 сыллаахха 500 саха баарын ыйар. В. Серошевскай төһө да тас сахалар тустарынан оччолорго чуолкай сибидиэнньэлэри булбатаҕын ыйдар, Амыр сиригэр баар түөлбэ сахалар бөлөхтөрө киэҥник биллэрин суруйар.
Оттон И. Майнов 1897 сыллааҕы биэрэпис түмүгүнэн маннааҕы сахалар үксүн Ньыман сиригэр баалларын аахпыта. Ол курдук 233 эр киһи уонна 86 дьахтар — барыта 319 киһи. Онон оччолорго Амыр сиригэр-уотугар 340 саха ол иһиттэн 245 эр киһи уонна 95 дьахтар баара. Суруйууларга барыларыгар даҕаны маннааҕы сахалар олохтоох тоҥустары кытта ыкса сибээстээхтэрин, бэрт өртөн алтыһыы түмүгэр ыкса уруурҕаһыы тахсыбытын бэлиэтииллэр, ону таһынан бу сирдэргэ атыы-эргиэн тарҕаныытыгар ураты суолталаммыттарын ыйаллар.
Былыргы саханы олох кыһалҕата ханна тиэрпэтэҕэ баарай. Манна сахалар олохсуйбут төрүөттэринэн бу дойду үгүс бултаах, күндү түүлээх баай тайҕата буолбута саарбаҕа суох. Онон манна сахалар бастакы араҥалара булду кытта ситимнээх этэ диэххэ сөп. Кинилэр кыһын Бурея, Сэлэмдьи үгүс салааларынан булт соноругар сылдьаллара. Саас эрдэ өрүс мууһа эстэрин баттаһа Ньымаҥҥа, Умальта төрдүгэр хомуллаллара.
Үгүс саха төһө да дойдуларыттан тэлэһийэн, атын сиргэ сырытталлар бэйэлэрин улуустарын кытта сибээстэрэ быстыбат буолара, сурукка кинилэр төрөөбүт нэһилиэктэрин улуустарын дьонун быһыытынан киирэллэрэ. Ону үгус архыып докумуоннара туоһулуулларын таһынан оччотооҕу үгэс быһыытынан төрөөбүт [улуустара, нэһилиэктэрэ киһи уҥуохтарын таастарыгар суруллубутун көрүөххэ сөп. Маннааҕы сахалар үксүн Илин, Арҕаа Хаҥалас, Боотуруускай, Байаҕантай улуустарыттан төрүттээх этилэр. Атыыһыт, кыанар өттө кэлэ-бара сылдьара, оттон кыаммат араҥа дойдуларыттан тэлэһийэн бу ыраах сирдэргэ олохсуйан хаалаллара. Ол курдук бу сиргэ олохтоох сахалар үөскээн-тэнийэн маннааҕы кыра омуктары кытта алтыһан уруурҕаһан барбыттара.
Амырга сахалар хас да түөлбэ сиринэн олорбуттара биллэр. Хосман үрэх төрдүгэр Гуга диэн сиргэ бигэ хаһаайыстыбалаах, бэйэтин суотугар эмиэ таҥара дьиэтин туттарбыт Кандинскай диэн биллэр киһи олоҕо баар эбит. Оттон Орель күөл аттыгар турар Кульчу диэн түөлбэҕэ ХХ үйэ саҥатыгар саха баайа Афанасьев сирдээх эбит. Манна 1913 сыллаахха 7 саха, 4 нууччалар олорор дьиэлэрэ баара. Бу сахалар бары да киэҥник биллэр, ытыктанар Приамурскай генерал-губернаторыттан көмүс мэтээллээхтэр эбит. Ол гынан баран оччотооҕу сахалары бу сиргэ «олохсуйбут» эбэтэр «кэлэ-бара» сылдьар диэннэргэ араарыахха сөп буолуо. 1926 сыллааҕы биэрэпис көрдөрөрүнэн уокурукка 398 саха баара: Абхараҕа — 39, Сэлэмдьи-Бурея оройуонугар — 139, Чекундаҕа 199 киһи олорбут. Ону таһынан, Бирскэй оройуоҥҥа (билигин Еврей автономнай уокуругар киирэр) сахалар 1922 сыллаахха уокурук Миннацделыттан эминэн көмөҕө наадыйалларын, бэйэлэрэ кэпэрэтиип тэринэллэрин уонна кинилэргэ сахалыы оскуола аһалларын, онно саха учууталын уонна сахалыы үөрэнэр кинигэлэри туруорсаллар эбит.
Олохтоох сахалар сүрүн дьарыктара үксүн булду, атыыны-эргиэни кытта ситимнээх этэ. Манна үгүс саха бэдэрээт үлэтигэр сылдьара, бу үлэ үксэ сахалар илиилэригэр баара. Кэлин көмүс хостооһунугар сыстан тиэйэр-таһар үлэҕэ үгүстүк сылдьаллара.
Маннааҕы дьаарбаҥкаларга сүрүн атыыны-эргиэни тэрийэр саха атыыһыттара этилэр. Сэһэҥҥэ киирбит саха атыыһыттара манна атыы-эргиэн тэнийэригэр, олох-дьаһах сайдарыгар биллэр суолу-ииһи хаалларбыттара саарбаҕа суох. Ол курдук Буреяҕа (Чекундаҕа), Умальта төрдүгэр, Катоҥҥа. Урми үрэххэ, Орель күөлгэ, Тугурга (Бурукаҥҥа), Амгуҥҥа, Бираҕа тиийэ тарҕаммыт атыы-эргиэн кинилэр быһаччы кыттыыларынан уонна тэрээһиннэринэн ыытыллар этилэр. Бэрт эрэйдээх суоллаах-иистээх, бу ыраах тайҕа сиригэр тиийэр уһун айаны, үгүс сыраны-сылбаны, күнү-дьылы эрэйэрэ. Манна кыһын-сайын үгүс сэтиилэрдээх айанньыттар сырыылара, атыыһыт тардыытын тиһигэ быстыбат буолара. Үгүс түүлээх хомуйааччыны манна кыһыҥҥы сыарҕа суола аҕалара, сайын мантан ындыы суола субуллара. Саха атыыһыттара эргинэр табаардара сүрүннээн түүлээх, эт-арыы, тимир оҥоһуктар, ону таһынан сылгыны, дьиэ табатын үөрүн үүрэн аҕалан олохтоохторго батарыы биир туспа эргиэн көрүҥэ буолара. Ону таһынан сахалар манна бэрт былыргыттан сүөһү үүрэр хас да суоллаах этилэр. Атыыһыт биир сиргэ олороро табыллыбат, киниттэн элбэх кэлии-барыы эрэйиллэр этэ, сайын үксүн табаар ылына Саха сиригэр бараллара. Кыһын маҥнайгы сыарҕа суолунан таһаҕас тардан атыы-эргиэн тэрийэ кэлэллэрэ. Оттон булчут табаһыт сахалар араҥалара эмиэ атын олохтоох омуктар кэриэтэ ханна да ырааппакка бу сиргэ сылдьаллара.
Бу сиргэ ыытыллар дьаарбаҥкаларга тыһыынчаттан тахса дьон тоҕуоруһар элбэх суумалаах эргиир тахсар эбит. Маннык түмсүүлэргэ атыы- эргиэн эрэ буолбакка дьаһаах төлөөһүнэ, таҥараҕа тиксии онтон да атын тэрээһиннэр ыытыллар буолан ыраахтан-чугастан хомуллар тоҥустар маннык түмсүүлэри сугулаан диэн ааттыыллара. А.Е. Кулаковскай суруйарынан Саха уобалаһыттан сыл аайы көмүс бириискэлэригэр 700000 суумалаах сүөһү уонна эт атыыга барар эбит.
Амыр өрүс орто уонна үөһээ салаалара былыр-былыргыттан үгүс омук тоҕуоруспут түөлбэлэрэ этэ.
Манна бааллара бирардар, манегрдар, даурдар, орочоннар, негидаллар, маньчжурдар, солоннар. Бу
көс омуктар үгүс араҥалара XIX үйэ иккис аҥарыттан Кытай сиригэр тиийбиттэрэ биллэр. Оттон эбэ алын тардыытынан нанайдар, ульчилар, гиляктар, ороктар, удэгэлэр уо.д.а. Балар саха атыыһыттарын бэркэ билэр этилэр. Сахалар манна тэрийэр атыылара-эргиэннэрэ олохтоох омуктар олохторугар-дьаһахтарыгар улахан суолталаах буолбута саарбаҕа суох. Сахалар уонна олохтоох омуктар ыккардыларыгар ыкса алтыһыы, уруурҕаһыы барбыта бэрт өрдөөҥҥү кэмтэн саҕаламмыта биллэр.
Сахалар бу сиргэ олохсуйуулара дириҥ силистээҕин үгүс музей матырыйааллара кэрэһэлииллэр. Холобур Хабаровскай кыраайы үөрэтэр музейыгар билигин 100-тэн тахса сахалар культураларын кэпсиир
мал-сал хараллан сытар. Бу үгүс өттө П. Шимкевич хомуйуута буолар. Манна киһи кэрэхсиир мала-сала элбэх, холобур бэрт дьикти ойуулаах ойуун түһүлүгэ, саха ууһа охсубут батыйата, үҥүүтэ, айата, кураактаах саа көрүҥнэрэ о.д.а. бааллар. Манна мунньуллубут былыргы саха көмүс оҥоһуктара ураты миэстэ- ни ылаллар. Көмүс, тимир оҥоһуктар сахалар атыыга барар биир биллэр табаардара буолара. Саха симэхтэрэ тупсаҕайдарынан олохтоох кыра омуктар: тоҥустар, орочооннор, негидаллар, ульчилар, нанайдар ортолоругар ураты биһирэнэр мал быһыытынан киэҥник тарҕаммыттара биллэр. Олохтоох омуктартан хомуллубут саха дьахтарын көмүс симэхтэрэ, курдара, сүрэхтэрэ, ытарҕалара музей коллекциятыгар кэрэхсэнэр экспонат буолаллар. Былыргы атыыһыттар көмүс оҥоһуктары тус интэриэстэригэр эмиэ туһаналлар эбит. Холобур, көмүс сүрэх тоҥус кинээһин чыынын туоһулуур анал бэлиэ буолан туттулла сылдьыбытын Благовещенскай куорат музейыгар көрүөххэ сөп. Саха тардыы көмүс курун ульча омук Дечули аҕатын ууһун бэлиэтэ гынан харыстаан илдьэ сылдьыбыттар. Сэрэйдэххэ, бэрт улахан атыылаах күндү мал кинилэргэ тиксибит буолуохтаах.
НЬЫМАН АТЫЫҺЫТТАРА
Бу тыл урукку өттүгэр, ордук илин эҥэр улуустар ортолоругар тарҕаммыт буолуохтаах. Ол быһыытынан Пекарскай тылдьытыгар киирэ сылдьар. Сахалар Ньымаҥҥа олохторо өссө 1844 сыллаахха баар этэ диэн ити кэмҥэ манна экспедицияҕа сылдьыбыт А. Миддендорф суруйан турар. Бу сырыытыгар айанньыт манна көрсүбүт сахаларын туһунан үгүс бэлиэтээһиннэри оҥорбута.
Оччолорго Учуртан саҕалаан бу сирдэр бэлиэ тоҕойдорун хабар олохтоох дьаарбаҥкалар ситимнэрэ олохтоммут кэмэ этэ. Ол курдук Учуртан Сэлэмдьигэ түһэр Инкан үрэх төрдүгэр бастакы улахан атыы-эргиэн барар сирэ баара. Иккис эргинэр сирдэрэ Умальта үрэх Буреяҕа түһэр төрдө буолара. Онтон Тугур үрэххэ баар Бурукааҥҥа тиийэллэрэ. Мантан суоллара Амгунь өрүскэ туһаайыллара. Манна Сулук диэн сиргэ бэрт киэҥ атыы-кутуу барара. Бүтэһик улахан түмүллэр сирдэрэ Ньымаҥҥа буолара. Манна Чоҥхойго кэлэн бэйэлэрин олохторун аттыгар баар Дьаарбаҥ диэн сирдэригэр үгүс киһини-сүөһүнү тоҕуорутар атыы тэриллэрэ. Сахалар атыыларын-эргиэннэрин суола манан эрэ бүппэт этэ. Ол курдук Бира өрүскэ, илин байҕал аттыгар сытар Орель күөлгэ тиийэ айанныыллара. Атыыһыттар суоллара түбэһиэх сиринэн барбат, кинилэр манна олохтоох омуктар түөлбэ сирдэрин хабар аналлаах этэ.
1887 сыллаахха Ньыман дьаарбаҥыгар 31 атыыһыт 550 буут арыыны, 109 буут хоргуну, 5 буут үрүҥ бурдугу, 1086 төбө табаны батарбыт, ону таһынан 50575 солк. суумалаах 2627 саарба, 2958 тииҥ тириитэ атыыламмыт. Оттон Петр Шимкевич суруйарынан манна 60-ча саха атыыһыта эргинэр эбит. Үгүстэрэ манна дьиэ-уот туттан олохсуйбуттар. Олортон чорботон 17 бөдөҥ атыыһыт баарын ыйар. Холобур, биир атыыһыт 500 буут арыыны, 100-тэн 500-кэ тиийэ дьиэ табатын аҕалан эргинэр. Бу атыыһыттар хас биирдиилэрэ кырата үстүү бирикээсчиттээхтэр, бэдэрээтчит үлэһиттэрдээхтэр. Ньыман атыыһыттарын сорсуннаах айаннара, түһүүлээх-тахсыылаах олохторо, байбыт-тайбыт суоллара сэһэн буолан номоххо киирбитэ мээнэҕэ буолбатах. Холобур, Ньымаҥҥа тиийэн байан кэлин кулуба, кинээс буола чыыннаммыт Илин Хаҥалас кулубата Силип Лиэпчикэп туһунан кэпсээннэр бааллар.
Кэлин сахалар эргиэннэрэ улам уостан, атыыһыттар сырыыларын уота-күөһэ мөлтөөн барбыт. Маныаха сүрүн төрүөтүнэн бу сиргэ кытай, нуучча атыыһыттара хойдон, уонна кэлин олох уларыйыытын быһыытынан да буоллаҕа буолуо. Ол да буоллар саха атыыһыттара олохтоох омуктар остуойбаларын кэрийэ сылдьан хойукка диэри урукку иэстэрин-күүстэрин хомуйаллара.
Оччотооҕу саха атыыһыттарын истэригэр биир биллэр киһи быһыытынан Тимофей Павлов аата ах тыллыан сөп. Петр Шимкевич кинини олохтоох атыыһыттар испииһэктэригэр бастакынан киллэрбитэ тү бэһиэхчэ буолбатах. Кини туһунан маннык суруйар: «Тимофей Павлов Нимаҥҥа дьиэлээх. Сулукка, Ур миҥҥа, Хабаровскайга, Бираҕа, Буреяҕа эргинэ тиийэр. Саха уобалаһыгар сылдьыбат. Түүлээҕинэн эргинэр, ойоҕо саха дьахтара олус үчүгэйдик нууччалыы саҥарар, тыаҕа учуутал тутан 12 саха уонна тоҥус оҕолоругар оскуола астаран үлэлэтэр. Атыыһыт ойоҕо оҕолору үөрэтиигэ эмиэ кыттар эбит. Оҕолору сайыҥҥы кэмҥэ туос ураһаҕа киллэрэн үөрэтэллэр эбит. Таҥара Сокуона үөрэҕи оҕолорго миссионер аҕабыт ааҕар».
Бу манна маҥнайгы оскуола этэ диэххэ сөп. Шимкевич сылдьарын саҕана атыыһыт Павлов уонча сыллааҕыта туттарбыт Таҥаратын дьиэтэ умайбытын кэннэ чөлүгэр түһэриллэн олохтоох ыстаарыһа Егор Чудинов көрүүтүгэр-истиитигэр бэриллибит. Ол аата быһа холоон 1880-с сыллар ортолорун диэки тутуллубут. Шимкевич түһэрбит хаартыскатыгар дьоһуннаах көрүҥнээх аҕамсыйбыт мааны киһи сото кэбиһэн олорор, түөһүгэр чыынын-хаанын туоһулуур мэтээллэрин иилиммит. Аттыгар сэрэйдэххэ ойоҕо — ыраас хааннаах хотун олорор. Кэннигэр эмдэй-сэмдэй оҕолор тураллар, бары куораттыы мааны таҥастаахтар. Манна даҕатан эттэххэ Шимкевич хаартыскаларыгар сахалар бары да таҥастыын-саптыын бэрт сэнэх көрүҥнээхтэр, атыыһыттар дьонноро диэх курдук. Өссө киһи бэлиэтии көрөрө бу сахалар төһө да дойдуларыттан ыраах сиргэ сырытталлар, бэйэлэрин үгэстэрин дьарыктарын илдьэ сылдьаллар эбит. Ону дьабака бэргэһэлэрин, көмүс симэхтэрин кэтэн, саха хотуурун онтон да атын тэриллэрин тутан хаартыс каҕа түспүттэрэ туоһулуур.
Ньыман сахалара этиллибитин курдук бэрт киэҥ сиринэн тарҕанан олорбуттара. Ол туһунан 1926-1927 сыллардааҕы биэрэпис дааннайдара маннык көрдөрөллөр. Холобур Сэлэмдьи-Бурея оройуонугар маннык сирдэринэн олороллоро: Бартанак үрэххэ 12 киһи, Бороҕон диэн сиргэ — 6, Майскай бириискэҕэ — 4, Сэлэмдьи салаата Наэргеҥҥа — 10, Покостаах үрэххэ — 37, Харгы үрэх салаата Эльгаҕа — 32 о.д.а. сирдэринэн.
Сахалар түөлбэ тылларын хомуйбут үлэтигэр Өксөкүлээх Ньыман тылын туспа тутан киллэрбит. Онно көстөрүнэн маннааҕы от-мас, кыыл- сүөл ааттара бэрт уратылаахтар эбит. Бу дойду балачча соҕуруу сытар буолан, сирэ-уота, отомаһа да атын буоллаҕа. Үксүн сис хайалардаах, халлааҥҥа харбаспыт үрдүк мастаах тайҕа тыалаах дойду. Холобур Амыр сиригэр үөскүүр кабан кыылы маннааҕы сахалар айдаар (атыырын) эбэтэр торооху (тыһытын) дииллэр эбит. Оттон маннааҕы тиигири элэмэс кыыл диэн аатынан эмиэ бэркэ билэр харамайдара эбит. Тайаҕы билигин да манна улуу кыыл диэн ааттыыллар.
ЧОҤХОЙ
Сахалар Ньымаҥҥа олорбут биир түөлбэ сирдэрэ Чоҥхой диэн аатынан биллэрэ. Бу сир оччотооҕуга сурукка «Ниманское инородческое собрание» диэн ааттанара. Бу сир, сэрэйдэххэ, ити аттыгар баар Ньымаҥҥа түһэр үрэх аатынан ааттаммыт.
Сахалар бу сүрүн олохторо хайдах көстүүлээх этэй диир буоллахха, Шимкевич суруйарынан, манна дьиэ-уот киэҥ сиринэн тарҕанан турбут. Барыта сүүрбэччэ олорор дьиэ, туспа кылабыыһа, таҥара дьиэтэ бааллар эбит. Дьиэлэр биир сиргэ буолбакка биэстии-алталыы буолан чөмөх-чөмөх үрэх кытылын устун турбуттар. Мантан Софийскай бириискэлэрэ 25 биэрэстэ кэриҥэ. Манна ыраахтан-чугастан үгүс суол түмүллэрэ, быһата киһи-сүөһү тоҕуоруһар, тохтоон ааһар түөлбэтэ эбит. Үрэх үрдүгэр олохтоохтор дьиэлэриттэн ырааҕа суох Дьаарбаҥ диэн ааттанар сиргэ сахалар күһүн саас киэҥ атыыны-ку тууну тэрийэр, дьону-сэргэни тоҕуорутар сирдэрэ эбит. Ньыман дьаарбаҥа бэйэтин атыытынан-эргииринэн, кэлиитинэн-барыытынан биир биллэр сир буолара. Сыллааҕы киирэр үбүн эргиирэ 50000 солк. буо- лар эбит. Сайын манна киһитэ биллэ аҕыйыыр, атыыһыттар табаар ылына Саха сирин диэки бараллар, сорохтор көмүс бириискэлэригэр, бэдэрээт үлэтигэр сылдьаллар.
Саҥа былаас турарын саҕана маннааҕы сахалар олохторун түөрэҕэ огдолуйан барбыта. Үгүстэр дойдуларын, улуустарын диэки таласпыттар, хаалбыттар олохтоох омуктары кытта холбоһон саҥа олоҕу саҕалаабыттар. 1926-1927 сс. олохтоох нэһилиэнньэ ортотугар оҥоһуллубут биэрэпис көрдөрөрүнэн Ньымаҥҥа 25 киһилээх 5 хаһаайыстыба баара ыйыллыбыт. Бу сэрэйдэххэ Чоҥхой буолуон сөп. Ол саҕана атыыһыттар дьиэлэриттэн үгүс саа мунньуллубутун булан уоттаабыттар диэн кэпсээн баар. Софийскай олохтооҕо Марфа Кириллова (Чудинова) (1930 с.т.) оҕо сылдьан Чоҥхой таҥаратын дьиэтин көрбүтүн өй дөөн хаалбыт: олус сиэдэрэй оҥоһуулаах, килбэчигэс паркет муосталаах, күлүмүрдүүр уоттардаах лаампалардаах үһү. Онон сирдэттэххэ манна таҥара дьиэтэ 30-с сыллар ортолоругар диэри турбут буолуон сөп. Сорох суруйууларга бу таҥара дьиэтэ 1937 сыллаахха умайбыта ахтыллар.
Былаас турбутун кэннэ, 1930-с сыллар диэки бу эргин олохтоох сахалары Ньыман үрэх үрдүгэр Ниманчик диэн сиргэ олохтууллар, онно колхоз киинэ тэриллэр. Бу колхоһу тэрийбит, кини бастакы бэрэссэдээтэлэ И. Колесов диэн саха киһитэ. Түүлээх булдунан, таба иитиитинэн дьарыктанар колхоз кэлин кини аатынан «Колхоз имени Колесова» дэнэрэ. Бэрэссэдээтэл 1938 сыллаахха репрессияҕа түбэһэн ытыллыбыт. Колхоз 50-с сылларга «Северная заря» диэн уларытыллан ааттаммыт. Кэлин бу түөрт кылаастаах оскуолалаах балачча обургу бөһүөлэк буолбут, манна үксүлэрэ сахалар, кэпсэтэр тыллара барыта сахалыы үһү. Олохтоохтор табанан, булдунан дьарыктаналлара. Ол олордохторуна бөһүөлэги 1963 сыллаахха эһэн, үксүлэрин 50-ча км. тэйиччи сытар сиргэ Бурея өрүскэ аҕалан Шахтинскай диэн ааттаан госпромхоз тэрийэн онно көһөртөөбүттэр, сорохтор Софийскайга тиийбиттэр. Кырдьаҕастар кэпсииллэринэн онтон ыла олохторо огдолуйан, тыллара сүтэн, умнуллан барбыт. Кинилэр билигин да ол сирдэрин олус үчүгэйдик саныыллар. Бу сиртэн бүтэһик ыал Чудиновтар кэргэттэрэ көспүттэр. Афанасий Чудинов оҕонньор кэтэх табата 1970 сыллар ортолоругар диэри баар этэ диэн кэпсииллэр, онон бүппүт таба бу сиргэ. Бу бөдөҥ, саар-тэгил уҥуохтаах, нууччалыы көрүҥнээх оҕонньор бэйэтин дьиҥ сахалыы тыынын ыһыктыбакка барбыта диэн кэпсииллэр. Кини төрдүнэн Чоҥхойго ыстаарыһанан олорбут Егор Чудинов сыдьаана буолара саарбаҕа суох. Билигин Софийскайга Чудинов оҕонньор кыыһа, 83 саастаах Марфа Кириллова олорор. Кини хас да уолаттара бары манна бааллар. Эмээхсин сахалыы кэпсэтэр, уолаттара син өйдүүллэр, барбах саҥараллар.
Биһиги сылдьар кэммитигэр ол сиргэ тиийэр кыаллыбатаҕа. Киһи ылбычча тиийэ охсубат суола-ииһэ суох тэйиччи сир. Онон ол сиргэ аҕыйах сыллааҕыта анаан бара сылдьыбыт Новай Ургалтан кэлэ сылдьар таҥара үлэһитин көрсөн кэпсэттибит. Кини онно турбут таҥара дьиэтин туһунан билэ-көрө, эргэ кылабыыһаҕа сиэр-туом оҥоро диэн ааттаан көмүсчүттэр көмөлөрүнэн тиийэ сылдьыбыт.Протоиерей Олег Киреев кэпсииринэн дьиэ-уот хаалбатаҕын кэриэтэ, элбэх киһи уҥуоҕа хараллан сытар былыргы кылабыыһаны көрбүтүн кэпсээтэ. Былыргы атыыһыттар дьон уҥуохтарын үксүн таастан, тимиртэн ураты тупсаҕай гына сакаастаан оҥортороллор эбит. Маны барытын былыр куорат сиртэн тиэйэн аҕалтарар мээнэ киһиэхэ кыаллыбат буолуохтаах. Төһө да өр кэм ааспытын иһин оччотооҕу дьон уҥуохтарын чугуун билиитэлэрин суруктарыттан үгүһү билиэххэ сөп.
Сахалар Софийскай бириискэлэригэр олохсуйуулара хойут буолбут буолуон сөп. Олохтоохтор кэпсииллэринэн сахалар манна көмүсчүттэртэн туспа сирдээх эбиттэр. Ол иһин буолуо бөһүөлэк кытыыта соҕус сирин урут Якутский поселок диэн ааттыыр эбиттэр. Ону таһынан мантан чугас сытар Үчүгэй диэн сиргэ олохсуйбуттар. Сахалар манна үксүн бириискэ араас үлэлэригэр сыстан үлэлииллэрэ, булка, от- мас бэлэмигэр сылдьаллара.
Бу түөлбэҕэ сахалар туспа бөлөхтөрө Усть- Ниман диэн өрүс төрдүгэр турбут кыра бөһүөлэккэ баара. Манна «Путь Ленина» диэн колхоз баара. Кэлин онно эмиэ госпромхоз тэриллибит, 1975 сыллааҕы халаан кэнниттэн бүтэһиктээхтик көһөрүллүөр диэри турбут. Манна эмиэ тоҥустары кытта үксүн сахалар олорбуттара, бу эргин маҥнайгы колхозтар сахалар быһаччы кыттыыларынан тэриллибиттэрэ уонна маҥнайгы бэрэссэдээтэллэр саха дьоно этилэр. Холобур, Сэлэмдьигэ 1930 сыллаахха Саха Остуойбата диэн сиргэ тэриллибит «Сырдык» колхоз бастакы бэрэссэдээтэлинэн саха киһитэ Я.Н. Никифоров үлэлээбитэ.
ЧЕКУНДА
Амыр сахаларын кытта өссө биир ыкса ситимнээх сиринэн Ньымантан 50-ча көс ыраах Бурея орто тардыытын туһунан турбут Чекунда ааттаныан сөп. Бу былыргы олохтоох омуктар тоҕуоруспут сирдэрэ кэлин атыы-эргиэн киинэ буолан көмүс хостооһунугар биир бэлиэ суолталаах сир быһыытынан XIX үйэ иккис аҥарыттан сайдан барбыт. Сахалар бу сири эмиэ бэрт өрдөөҕү кэмтэн булбуттара биллэр. Кэлин манна кинилэр олохсуйуулара үксээн, саҥа олох үөскүүрүгэр кырата суох оруолламмыттара, олохтоох ыстаарыһанан саха киһитэ талыллар этэ. Былаас турбутун кэннэ бу сир оройуон киинэ буолан тэриллибитэ түбэһиэхчэ буолбатах этэ.
1930 сыллаахха Ленинградтааҕы Хотугу норуоттар институттарын студена Д. Диодоров бэйэтин ыстатыйатыгар суруйарынан 1927-1928 сс. туругунан оройуоҥҥа 636 киһи баарыттан тоҥуһа — 415, сахата — 132, нууччата — 89 киһи. Ол курдук Чекундаҕа — 236 тоҥус, 115 — саха, 72 — нуучча баара. Краснай Ярга — 62 тоҥус, 21 — саха. Мантан көстөрүнэн үгүс саха Чекундаҕа баара ыйыллыбат. Оройуон 1237 табатын баһыйар үгүс ахсаана Чекунда тузсоветыгар баар эбит. Манна 1930 сыллаахха «Красный охотник» диэн 35 хаһаайыстыбалаах колхоз тэриллэр.
Чекунда оскуолата 1939 сыллаахха оройуоҥҥа бастакынан аһыллыбыт орто оскуола буолар. Бу оскуолаттан оройуон бастакы комсомоллара, национальнай кадрдар, учууталлар, салайар үлэһиттэр иитиллэн тахсыбыттара, Хомойуох иһин үгүс олохтоох ыччат сэриигэ ыҥырыллан барбыт, онтон төрөө бүт түөлбэлэригэр төннүбэтэхтэр. Орто оскуоланы бастакы бүтэрээччи уолаттар 1942 сыллаахха дириэктэрдэрин кытта бары тутуспутунан Аҕа дойду Улуу сэриитигэр барбыттар.
Чекунда сириттэн үгүс биллэр дьон үөскээн тахсыбыттара. Сэрии иннинэ манна учууталлаабыт В.Н. Афанасьев Саха сиригэр биллэр үтүөлээх учуутал уонна учуонай буолбута. Эбэҥки тылын үөрэтиинэн утумнаахтык дьарыктаммыт, Саха сиригэр Тыл, литература, история институтугар хотугу омуктар тылларын үөрэтиини олохтообут А.В. Романова эмиэ бу сиртэн төрүттээх Верхнебуреинскай оройуон хара маҥнайгыттан национальнай оройуон быһыытынан үөскээбитэ. Далькрайисполком быһаарыытынан 1927 сыллаахха «Верхнебуреинский туземный район народа эвенки (тунгусов)» диэн ааттанан тэриллибитэ. Оччолорго маҥнайгы оройуон салайааччылара олохтоох омуктар истэриттэн үүнэн-үөскээн испиттэрэ. Тузсоветтар, тузриктар үлэһиттэринэн олохтоох саха, тоҥус ыччаттара үлэһит буолбуттара. Кэлин сиртэн хостонор баайдаах оройуон сүрүн хайысхатынан промышленность буолан, чох, көмүс, молибден рудниктара, шахталара, тимир суол үлэҕэ киирэннэр кэлии киһи ахсаана күүскэ эбиллибитэ.
Ол түмүгэр сүрүн болҕомто бу хайысхаҕа ууруллар буолан олохтоох омуктар бааллара-суохтара, кинилэр кыһалҕалара кими да улаханнык долгуппат буолбута. 1930-с сыллар бүтүүлэригэр саҥа олоҕу төрүттэһэн испит олохтоох омуктар ыччаттара, оройуон тутаах үлэһиттэрэ репрессияланан сор суолламмыттара. Олор истэригэр Чекундаҕа уонна Ниманчикка колхозтар маҥнайгы бэрэссэдээтэллэрэ И. Колесов, Г. Лиханов диэн саха дьоно тутуллан ытылларга бириигэбэрдэммиттэр. Ону таһынан үгүс саха дьоно сэриигэ ыҥырыллан баран төрөөбүт түөлбэлэригэр эргиллибэтэхтэр. Ол кэмтэн саҕаламмыта бэйэлэрэ аҕыйах ахсааннаах кыра омуктар күн-түүн аччыыр, сүтэр-симэлийэр суолга киириилэрэ. Билигин бу сиргэ олохтоох омуктар биллэ аҕыйаан, тыллара-өстөрө умнуллан, арҕам-тарҕам сиргэ бытанан хаалан олороллор.
70-с сыллар ортолоруттан Буреятааҕы ГЭС тутуута саҕаланыаҕыттан сотору-сотору кэлэр халаан уутун түмүгэр эргэ бөһүөлэк суох буолбута. Олохтоохтору 7-с км. диэн ааттаах уруккута геологическай партия турбут сиригэр көһөрбүттэрэ. Аҕыйах хаалбыт олохтоохтору 3-4 сыллааҕыта бүтэһик алдьатыылаах халаан кэнниттэн аҕалтаабыттар. Билигин олорор сирдэрэ 200 эрэ киһилээх бөһүөлэк сабыллар туруктанан турар. Манна олохтоох омуктар саҥалара иһиллибэт буолбута ырааппыт. Биир эмэ төрүт олохтоох киһини да булар уустук. Бу иччитэхсийбит сиргэ билигин соҕотох хаалбыт тоҥус эмээхсинэ манна хаһан эрэ кини төрүттэрэ олоҕу төрүттээн, үөскээн-тэнийэн сылдьыбыттарын соҕотох туоһута буолан олорор.
А.Н. ЖИРКОВ КИМ ЭТЭЙ?
Ньымаҥҥа көмүһү хостооһун устуоруйатыгар Афанасий Никитович Жирков аата, бука, бигэтик киирэр буолуохтаах. Бу саха киһитэ бэйэтин кэ- мигэр биллэр көмүс бырамыысыланньыга, 1889- 1914 сс. хас да көмүс хостуур хампаанньалар кыттыылаахтара, ону таһынан Сэлэмдьи-Бурея тардыыларынан элбэх бириискэлэри тутан олорбута биллэр. Бэйэтин аатынан Афанасьевскай уонна Александровскай диэн бириискэлэрдээҕэ. Ивановскай бириискэ (билигин Сэлэмдьи оройуонугар бөһүөлэк буолан турар сир) 1894 сылтан кини бас билиитигэр киирэрэ. Кини быһаччы кыттыытынан 1891-1892 сс. Буом уонна Алдан үрэхтэригэр чинчийэр баартыйалар тэриллэн үлэлээбиттэрэ. Сорох суруйууларга кини Софийскай аттыгар Иерохан үрэххэ «Дмитриевскай», «Афанасьевскай» уонна «Анненскай» диэн бириискэлэрдээҕэ ахтыллар. Кини аата 2012 сыллаахха Благовещенскайга тахсыбыт «Деловой мир Приамурья» диэн дьоһун кинигэҕэ элбэх биллэр дьон аатын кытта киирэн турар .
Оттон П. Шимкевич кини туһунан маннык суруйар «Афанасий Жирков, саха, гимназияны бүтэрбит, көмүс хостооччу, Чоҥхойго дьиэлээх. Сылын аайы уонтан тахса сыл тухары Дьокуускайтан 400 бууттан ордук арыыны тиэйэр, 500 дьиэ табатын үүрэн аҕалар» . Мантан көстөрүнэн кини манна атыыны эргиэни кытта көмүһү хостооһун үлэлэригэр быһаччы кыттыбыт уонна тэрийбит киһинэн ааттаныан сөп. Ол курдук кини атыыһыт уонна көмүһү хостооччу быһыытынан аата бу сиргэ киэҥник биллибит. Кини туһунан Кулаковскай бэйэтин үлэтигэр ахтан турар. Саха сиригэр эрэ буолбакка киин сирдэргэ тиийэ сураҕырбыт миллионер атыыһыт оччолорго Россияҕа уонна омук сирдэригэр ыытыллар түүлээх аукционнарыгар уонна выставкаларыгар быһаччы кыттыыны ылара. Ахтыыларга бэйэтин үлэһитэ политкаторжанин поляк Сокульскай кыыһа ойохтоох эбит. Төһө кырдьыга биллибэт гынан баран кинини Парижка үрдүк үөрэҕи ылбыт, ойоҕун эмиэ онно ыытан үөрэттэрбит диэн сорохтор суруйаллар.
А.Н. Жирков киэҥ ыырдаах атыыһыт, көмүс хостооһунугар бэлиэ суолу хаалларбыт киһи буоларын таһынан бэйэтин кэмигэр бэрт сайдыылаах, оччотоооҕуга үөрэх-билии суолтатын өйдөөбүт, олоххо киэҥ көрүүлээх киһи быһыытынан сыаналанара. Дьонун-сэргэтин ортотугар меценат быһыытынан киэҥник биллэрэ, биир идэлээхтэригэр улаханнык убаастанар киһи эбит.
Үгүс суруйууларга уонна ахтыыларга А.Н. Жирков аатын кытта бу сиргэ маҥнайгы оскуола аһыллыытын, үөрэх тарҕаныытын кытта ыкса сибээстииллэр. Ол курдук А.Г. Слободчикова (кэргэнин тастыҥ балтыта) бэйэтин ахтыытыгар суруйарынан Чоҥхой оскуолатыгар маҥнай 5, онтон эбии 6 оҕо киирэн үөрэммит. Бу бары саха уонна тоҥус оҕолоро эбит. Учууталынан Сокульская Анна Александровна үлэлээбит. Бу оҕолор бары А.Н. Жирков суотугар босхо аһынан- таҥаһынан хааччыллан оскуола дьиэтигэр олорон үөрэммиттэр. Бастаан утаа Жирков өссө оҕолорун биэрэн үөрэттэрэллэригэр төрөппүттэргэ харчы төлүүр эбит. Маҥнайгы үөрэнээччилэртэн икки уол, биир кыыс оҕону Благовещенскай куоракка салгыы гимназияҕа уонна ремесленнэй училищеҕа үөрэттэрэ ыыталыыр. 1904 сыллаахха Чекундаҕа 30 оҕоҕо аналлаах саҥа оскуола туттаран астарар. Чекунда Чоҥхойтон быһа холоон балтараа сүүс биэрэстэ ыраах сытар сир. Ол туох санааттан оннук дьаһаммыта биллибэт. Сэрэйдэххэ, биир өттүнэн билиҥҥи сиригэр көмүс хостуур бириискэлэр дьалхааннарыттан, кэлии дьонунан туолар сирдэр куһаҕан содулларыттан тэйитэр санааттан буолуон сөп. Ону таһынан Чекунда бэйэтэ бэрт бүччүм сир, олохтоох омуктар ол иһигэр сахалар түөлбэлээн олорор сирдэрэ этэ. Ол иһин кэскиллээх буолуо диэн уонна бу сир хойут оройуон киинэ буолуоҕун өтө көрбүт буолуон сөп.
Саҥа оскуола икки үөрэнэр кылаастаах, утуйар хостоох, остолобуойдаах. Маҥнайгы учууталынан А.А. Сокульская 1900-1904 сылларга үлэлиир. Учууталы таһынан дьиэни-уоту көрөр, хаһаайыстыбаны тутар үлэһиттэрдээх. Оскуола бэйэтэ дьоҕус хаһаайыстыбалаах: оҕуруоттаах, ынахтаах, кууруссалардаах. Үгэс курдук оскуоланы бүтэрбит оҕолору эмиэ салгыы куоракка үөрэттэрэ ыыталлар эбит.
Ити кэмҥэ көмүс хостооччулар истэригэр А.Н. Жиркову утары, кинини туоратар сыаллаах үлэ ыытыллар, үгүс үҥсүүлэр, сууттар тэриллэллэр, ол түмүгэр 1908 сыллаахха атыыһыт эстэр турукка киирэн, уйунар кыаҕа суох буолан тэрийбит оскуолатын Үөрэх министиэристибэтин дьаһалыгар биэрэргэ күһэллэр. Ити кэмтэн бэлэмнээх учуутал көстүбэккэ ос- куолаҕа түптээх үлэ барбакка турбут.
Кэлин быстах-остох учуутал үлэлээбитин кэннэ 1916 сыллаахха Чоҥхой оскуолатын бастакы үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ кэлин гимназияны, онтон салгыы институкка тиийэн үөрэммит олохтоох саха атыыһытын кыыһа Павла Васильевна Афанасьева кэлэн учууталлаабыт.
Өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн Благовещенскай куоракка олорбут, төрөппүт кыргыттара куорат гимназиятыгар үөрэммиттэр. Бэйэтэ 1927 сылга өлүөр диэри «Внешторг» тэрилтэҕэ үлэлээбит. Муравьевскай уулуссаҕа бас билэр дьиэлээх эбит.
Ити курдук А.Н. Жирков киэҥник биллибит атыыһыт, бу сиргэ көмүс хостооһунугар, үөрэх- сайдыы тарҕаныытыгар биллэр-көстөр суолу-ииһи хаалларбыт саха киһитин аата бэйэтин кэмин чулуу дьонун ахсааныгар киирэрэ саарбаҕа суох. Ол быһыытынан кини аата ааттаныах уонна сурукка киирэн үйэтитиллиэх тустаах.
САХА ТЫЛА УОННА СИРДЭР ААТТАРА
Саха тыла Амырга бэрт эрдэтээҥҥи кэмтэн бу сиргэ балачча тарҕаммытын туһунан үгүс үлэлэртэн ааҕан билиэххэ сөп. А. Миддендрф суруйарынан бу дойду олохтоох омуктарыгар саха тыла иккис тылынан буолбута. Кини өссө бэйэтин кэмигэр Амырга Ур үрэххэ көрсүбүт тоҥустара хаһан да саханы көрбөтөх эрээри кини табаһыттарын кытта олус үчүгэйдик сахалыы кэпсэппиттэрин сөҕөн суруйбута баар.
Манна билигин саха тыла ыаллыы сытар сирдэри кытта тэҥнээтэххэ хомойуох иһин сүтэн эрэрэ харахха быраҕыллар. Олохтоохтор кэпсииллэринэн урут кырдьаҕастар баалларына бары сахалыы кэпсэтэр этибит дэһэллэр. Үгүс көрсүбүт дьонум сахалыы кэпсэппэтэхтэрэ өр буолан умнан эрэллэрин кэпсииллэр. Урут Чекундаҕа, Ниманчикка кэпсэтэр тыл наар сахалыы буолар этэ дииллэр. Ити сирдэр эстибиттэрин кэннэ тыллара сүтэр турукка киирбит. Онон саха тыла сүтүүтэ манна кинилэр түөлбэлээн олорор сирдэрин холкуостарын суох гыныыттан саҕаламмыта диэххэ сөп. Билигин аҕыйах кырдьаҕас баара син саҥараллар диэххэ сөп гынан баран кэпсэтэллэригэр син биир нуучча тылыгар көһө тураллар. Эдэрчи өттүлэрэ өйдүүбут дииллэр даҕаны, кэпсэтэн көрдөххө соччо оннук буолбатах курдук. Онон сахалыы саҥа бу сиргэ баар буоларын күнэ-ыйа ааҕыллыбыт курдук. Аҕыйах сылынан манна сахалыы саҥарар киһини булар уустук буолсу. Хомойуох иһин бэйэлэрин истэриттэн төрөөбут тылларын иһин туруулаһар, үөрэтэ-билэ сатыыр киһи баара көстүбэт.
Сэлэмдьи, Бурея, Амгунь тардыыларынан сахалыы ааттар бөлөхтөрө балачча тарҕаммыт. Ол барыта сахалар бу сири бэрт былыргыттан билэллэрин уонна киэҥник баһылаабыттарын туоһулуур буолуохтаах. Бу ааттар үөскээһиннэрэ, маннааҕы сирдэргэ иҥэн күн бүгүнүгэр диэри тиийэн кэлбиттэрэ бэрт үгүһү кэпсиир буолуон сөп. Онтон төһөтө умнуллубутун, сүппүтүн ким билиэ баарай. Көннөрү каартаҕа да киирбитинэн киһи хараҕар быраҕыллар сахалыы аат олус элбэх. Холобур, Миддендорф 1844 сыллааҕы экспедициятын каартатыгар олус үгүс сахалыы аат баара көстөр. Балаҕаннах, Джэс, Кыбыты, Б. Алы, М. Алы, Ымганнах, Тас хайдыбыт, Курун Сала, Тойон Үрэх, Мунньах, Күөх Хайа о.д.а. Бу ааттар бэрт дириҥ силистээхтэрэ саарбаҕа суох. Маныаха В. Серошевскай оҥорбут сабаҕалааһыннара киһи болҕомтотун тардыан сөп. Кини суруйарынан сахалыы аат сурукка киирэригэр Дьокуускай уонна Үт остуруогун сахатыйбыт хаһаахтара биллэр оруолламмыттарын ыйар. Ол баҕар хайа эрэ өттүнэн сөп буолуо.
Хойут оҥоһуллубут каарталарга сорох былыргы ааттар киирбэтэхтэр, ол сэрэйдэххэ кэлин умнуллубут эбэтэр атын тылларынан солбуллубут буолуохтарын сөп. Олохтоох кыраайы үөрэтээччи, маннааҕы сирдэр ааттарын хомуйуунан дьарык- таммыт А.Г. Латышева үлэтигэр сахалыы аат ба- лачча ыйыллыбыт. Сирдэр араас ааттарын тыл- баастаабытыттан көрдөххө сахалыы, тоҥустуу тэҥҥэ билэр эбит. Хомуйбут матырыйаалыгар уонтан тахса сахалыы ааттары киллэрбит. Балар сорохторо билигин тимир суол станцияларын аат- тара буолбуттара көстөр. Манна бааллар үрэхтэр ааттара Тумтай, Аваха, Амяксин, Балыктах, Учу- гай, Чемчуко, Адникан о.д.а. Ону таһынан сахалар олорбут түөлбэ сирдэрэ эмиэ ураты ааттаах буо- лаллар эбит: Покостах, Сахтыр, Борогон, Ботур, Алас, Самыр… Ол гынан баран маннааҕы ааттары сыныйан көрдөххө былыргы сахалар төрүттэрин- уустарын көрдөрөр сир аата суоҕун кэриэтэ. Үгүс ааттар бэйэлэрин уратыларынан көрдөххө хойут соҕус үөскээбит буолуохтарын сөп.
Билиҥҥи кэмҥэ олохтоох сирдэр ааттарын араастык туһаналлара көстөр. Ол курдук үгүс эбэҥкилии ааттаах тимир суол станциялара, разъезтар, бөһүөлэктэр баар буолбуттар. Холобур, БАМ тутуутун саҕана үөскээбит Алонка бөһүөлэк аатыгар бэйэбит олоҥхобут ааттана сылдьар быһыылаах. Ол туһунан А.Г. Латышева эмиэ ахтыбыт. Маны Новай Ургалга олорор 84 саастаах олохтоох саха оҕонньоро М.С. Федоров бигэргэтэр.
Ити курдук ыйыталаһан истэххэ сахалыы аат тахса турар эбит. Ол курдук Үчүгэй үрэххэ түһэр Тойон диэн ааттаах үрүйэ, Буреяҕа түһэр Таастаах үрэх, Акишма үрэх Токур, Курумурак, Колболоок диэн салаалардаах, Ньымаҥҥа Тиис, Кюряляк үрэхтэр түһэллэр, бу эргин өссө баар Томтор диэн үрэх, Чекунда аттыгар Дардалаах диэн улахан күөл — бу ааттары билигин да олохтоохтор, ол иһигэр кэлии нууччалар эмиэ тутталлар. Ити курдук үгүс сахалыы ааттары ааттаталыы туруохха сөп.
Ити курдук биһигиттэн төһө да тэйиччи сыттар хаан-уруу тардыылаах Амыр сирэ төрүппүт- ууспут дириҥ кистэлэҥин иҥэриммит ытык сир быһыытынан, олохтоох сахалар дьылҕаларын суола-ииһэ омукпут устуоруйатын быстыспат сорҕото буоларын умнарбыт сатаммат. Утум ситимэ быстыбатын.
историческай наука кандидата.