(Суруйааччы Иннокентий Сосин туһунан ахтыы)
Биһиги дьиэ кэргэн 1954 сыллаахха аҕабыт Илья Гаврильевич Сосин төрөөбүт нэһилиэгэр Моорук Суолатыгар көһөн кэлэн олохсуйдубут. Ити сыл Т.Е. Сосин огдообото Евдокия Ефимовна Обутова–Дуня Маама дьиэтигэр дьукаах кыстаатыбыт. Мин олохтоох начаалынай оскуолаҕа үһүс кылааска үөрэнним. Нөҥүө сааһыгар М.И. Сосин–Дибдир Мэхээс дьиэтигэр көһөн таҕыстыбыт. Ити кэмтэн Киэсэ Сосин диэн аймахпын, устудьуон уолу, сыл баһыгар-атаҕар көрөр буолбутум.
1955 сыл күһүнүгэр Майаттан партия райкомун бастакы сэкирэтээрэ С.И. Сосин таҕыста. Кэккэлэһэ дьиэҕэ Дуня Маамаҕа дьиэлэнээччи. Кэлбит киэһэтигэр биһиэхэ киирдэ. Кини кэлбитин истэн убайдара Дибдир Мэхээс кэллэ. Испирдиэн сонунуттан дьоммут сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ, үөрэ-көтө көбдьүөрүү бөҕө буоллулар. «Ойуунускай дьыалата тиллибит. Сотору Байкаалап аата тиллиэҕэ!» – дэсиһэллэр. Мин хоско утуйаары сытар оҕо «норуот өстөөҕө» аатырбыт суруйааччы Былатыан Ойуунускай туһунан улахан дьон кэпсэтиитин сэргээн, утуйар уум көтөн хаалла. Истибэтэхпин иһиттим, билбэтэхпин биллим.
Моорук начаалынай оскуолатыгар оҕо аҕыйаҕынан төрдүс кылааска Табаҕа оскуолатыгар үөрэнним. Ыалга олорор оҕо тэһийбэппин, дьиэбин ахтарым бэрт. Онон субуота аайы дьиэбэр кэлэ-бара аҕыс биэрэстэлээх сири сатыы хаамабын. Ардыгар, Табаҕа эбэ халдьаайы сыырын үрдүгэр «Булганин» холкуос саҥа туттубут хонтуоратыгар таарыйан, зоотехнигынан үлэлиир аҕам атыгар олорсон атах тардыстабын.
Биир сырыыга аҕам атын айан суолуттан туоратан таһааран, сайылык алаас сыырын үрдүгэр киһи уҥуохтарыгар тохтотто уонна: «Манна кыһыл хамандыыр сытар», – диэтэ. Ыҥыырдаах акка мэҥэстэн иһэбин. Аҕам көхсүттэн өҥөс гыммытым, өрт уота сиэн өрө салаабыт сулумах түөрт кырыылаах баҕана турар. Киһи уҥуоҕун буоругар олордуллубут титириктэр үүнэн эрэллэр эбит.
Саҥа дьыл өрөбүллэригэр ханна эрэ учууталлаан эрэр Киэсэ Сосин кэлэн, биһиэхэ хонно. Мин аҕам хоһоон суруйар эдэр киһини улахан суруйааччы курдук саныыр. Тоҕо диэтэххэ, «Биригэдьиир Марыына» хоһооно ырыа буолан, хас бырааһынньык кэнсиэрин көтүппэккэ ылланар буолла. Киэһэ аһыы олорон: «Быраатыҥ эмиэ хоһоон суруйар», – диэн, мин сыттыгым анныгар укта сылдьар хоһоонноох тэтэрээппин ылан көрдөрдө. Тус кистэлэҥмин аһан биэрбитигэр аҕабар кыһыйа санаатым да саҥата суох хааллым.
Сарсыныгар бараары туран, убайым тэтэрээппиттэн биир хоһоону ыраас илиискэ устан биэрэрбэр эттэ. Мин, «чистописание» уруогар үөрэммит оҕо, чэрэниилэ иһитигэр бөрүөлээх уруучукабын уган ыла-ыла, сонотон-синньэтэн бөдөҥ буочарынан устан биэрдим. Ону ылан, көрө түһэн баран, чиэппэрдии бүк тутан, бинсээгин ис сиэбигэр уктан кэбистэ.
Олунньу ый саҥатыгар дьиэлэнэн олорор ыалым остуолугар саҥа кэлбит «Колхоз кырдьыга» хаһыат ууруллубут. Соҕотох илиистэн турар хаһыаты эргитэ туппутум «Литературнай муннук» диэн рубрикаҕа икки хоһоон бэчээттэммит. Онтон биирдэстэрэ «Байкалов туһунан ырыа» диэн мин хоһоонум эбит. Хоһоон аннынан «Костя Сосин, Табаҕа сэттэ кылаастаах оскуолатын төрдүс кылааһын үөрэнээччитэ» диэн ырылыччы суруллубут. Сүрдээҕин үөрдүм, хос-хос аахтым. Ити Мэҥэ Хаҥалас оройуонун хаһыатын 1957 сыл тохсунньу 29 күннээҕи нүөмэрэ. Убайым хаһыат эрэдээктэрэ Н.С. Кириллиҥҥэ хоһооммун туттаран ааспыт эбит диэн, кэлин сэрэйэ саныыбын.
Алтыс кылааска үөрэнэ сылдьан, кыс ортото Бүтэйдээх орто оскуолатыгар үөрэнэр буоллум. Убайым Иннокентий Михайлович ньиэмэс тылын үөрэтэр эбит. Улахан таҥара дьиэтин таһыгар аҕабыт олорбут дьиэтигэр үс учуутал дьиэ кэргэн кыстаан олороллор. Дьонум икки кыараҕас хоско бэйэлэрэ да элбэхтэр. Саҥаһым ийэтэ, балта уонна туорайдаах олоппоско олорор буолан эрэр кыыстара Даша. Онно мин эбилинним.
Күһүн сэттис кылааска үөрэнэ кэлбитим, ыалым Өлөчөйгө көспүттэр. Мин сир уонна халлаан икки ардыгар хаалбыт курдук сананным, дьоммун суохтаатым.
Убайым Иннокентий Михайловичтаах кэлин Майа сэлиэнньэтигэр уһуннук олорбуттара, үлэлээбиттэрэ. Мин тыаттан, дьиэбэр кэлэр курдук ааһа барбакка, кэлэ-бара хонобун-өрүүбүн. Саҥаһым Улахан Дуня, балта, эдьиийим курдук саныыр киһим, Кыра Дуня, ийэлэрэ Балбаара эмээхсин оҕолорун курдук истиҥник сыһыаннаһаллар. Ону өрүү иһирэхтик санааммын, махталынан ахтабын.
Оройуонум хаһыатыттан тэптэн, оҕо эрдэххэ «Бэлэм буол», эдэр сылдьан «Эдэр коммунист» хаһыаттарга, уолан сааспыттан Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун литературнай сурунаалыгар «Хотугу сулуска» («Чолбоҥҥо») хоһооннорбун таһаартаран кэллим. Россия Суруйааччыларын сойууһугар чилиэнинэн 1994 сыллаахха ылыллыбытым. Саха билиҥҥи литературатыгар оҕо суруйааччыта дэттэрдим.
Мин хоһоон суруйар, айар үлэм эркээйилээх суолум төрдүгэр убайым, оччотооҕу эдэр Киэсэ Сосин, турар. Ол түгэни мин алгыс курдук ылынабын.
Константин Сосин,
СӨ үөрэҕириитин туйгуна,
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах гражданина
«Чолбон» 12-с №-рэ, 2018