(Бастакы ахтыы)
Саас чугаһаан иһэр. Аны умнуган-төннүгэн буолан, үйэм туруору сыыры таҥнары сүүрэн мэҥитэн иһиэ дии санаатым. Онон адьас кыра да буоллар сурукка, төһө кыайарбынан, хааллара сатыырга сананным. Баҕар, ол кимиэхэ эмэ наада буолуо.
Алампа Соппуруонап киһи быһыытынан ураты сымнаҕас, көссүө, ыгымсыйбат, кыыһырбат, саҥа таһааран күлбэт, сирэйэ киһи көрүөн үчүгэй гына сырдыы түһэн мичээрдиир уонна хаҥас илиитин ытыһынан бастаан сүүс өттүн, онтон иэдэһинэн аллараа өттүн соттон, сэҥийэтинэн аллараа түһэрэн кэбиһээччи.
Манна таарыччы кэпсээтэххэ, Алампа бииргэ төрөөбүт убайа Василий Иванович диэн учуутал баара. Дьэ улуу киһи диэбит киһилэрэ. Кинини мин кыра кылааска үөрэнэ сылдьан көрөр этим. Ыас хара баттахтаах, төбөтө кыратык салҕалыыр, модороон дьүһүннээх дьигиһийбит киһи курдук өйдүүбүн. Биирдэ, тоҕотун, хайдаҕын билбэтим буолан баран, дьиэтигэр сылдьан турардаахпын.
Миигин бэркэ үөрэ-көтө көрсөн кэпсэппитэ. Эмиэ Алампа курдук ытыһынан сотору-сотору сирэйин соттумахтыы түһэн ылара. Саҥа таһааран күлбэтэҕэ, күлэр да диэбэт этилэр, дьон.
Оччолорго сэттис кылааска оҕолоох, ойохтоох эдэр дьон үөрэнэллэрэ. Мин кинилэр бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэтэллэрин болҕойон иһиллиир этим. Онно Василий Иванович туһунан кэпсэтэллэрэ. Кини таптыыр ойоҕо өлбүтүн, онтукатын аһыйан арай да өлө сыспытын. Онтон ыла арыгы иһэр буолбутун туһунан бэрт иэйиилээхтик, аһынан кэпсииллэрэ. Ойоҕун киһиттэн уратытык таптыыра үһү.
Ардыгар учууталлара ыалдьан үлэтигэр тахсыбатаҕа хас да хоммутун, онно үөрэтэр оҕолоро хардарыта ыарыылыылларын, өссө элбэх буолан тиийэннэр тугу эрэ истэллэрин кэпсэтэллэрэ. Оннооҕор икки улахан, күүстээх уолаттар (Петр Егорович Кулаковскай, Василий Севастьянов, Прокопий Егорович Табынанов, арааһа, Константин Потапов эмиэ баара) уочаратынан учууталларын икки хонноҕун анныттан ылан, өйөөн кылаастарыгар киллэрэр буолар этилэр. Ону: «Василий Иванович кылааска кириэ эрэ кэрэх. Астык киирии буолар. Элбэҕи эбэн тахсар», – диэн бэккэ дуоһуйан кэпсэтэллэрэ.
Атын улахан дьон улаханнык саҥарбакка эрэ: «Улуу киһи», – дэһэллэрэ.
Мин Софроновтар аҕаларын Баанньа оҕонньору иккитэ көрбүтүм. Биирдэ эһэбэр Быргый Уйбааҥҥа тугу эрэ сүбэлэтэ диэн ааттаан кэлэн эһэбиниин күн аҥара кэпсэппиттэрэ. Оччолорго мин олох кыра оҕобун, онон быстах-остох эрэ өттүлэрэ өйбөр олорон хаалбыт. Ыалдьыта тахсан барбытыгар эһэм: «Ити Баанньа оҕолорун үөрэттэрэн, барыларын сүһүөхтэригэр туруортаан, билигин ытык ыалынан ааҕыллар. Өйдөөх, киһи үтүөтэ киһи», – диэн син уһуннук саҥарбытыттан ордон хаалбыт.
Баанньаны улаатан баран, ыалга киирэн кэпсии-ипсии дабдыгырайа олорорун көрөн аһарбытым. Обургу өндөс, кырдьан буолуо ээ, умса нөрүйбүт оҕонньор этэ. Икки кулгааҕа, Баһылайын курдук, улахан баҕайы даллайбыт оҕонньор этэ. Улахан уола Баһылай адьаһын аҕатын куопуйата этэ.
Сөптөөх халыйыы барда. Алампа уҥуоҕунан орто, хоп-дьип курдук бэйэтигэр сөрү-сөп эттээх, ол да курдук тутта-хапта сылдьар буолара. Хап-хара баттаҕын наар бэрээдэктээхтик тараана сылдьара. Таҥаһа-саба көннөрү. Этигэр сөрү-сөптүк олоро сылдьар харааран көстөр көҕөччөр көстүүмнээҕэ (ону өтүүктээн эрэрин төрүт көрбөтөҕүм. Бэйэтэ сылдьан эрэн кумаламматах, ыраас буолара). Мэлдьи араарбат хара шарфиктааҕа.
Түргэн-түргэнник, ол гынан баран наһаа харбыаласпакка туттан-хаптан хаамара, сылдьара. Дьону кытта кэпсэттэҕинэ, бастаан соһуйбут курдук көрө түһэрэ уонна ол киһитин сириччи көрөн туран наҕыллык кэпсэтэрэ.
Тас өттүттэн көрдөххө, Алампа ураты ыар санааҕа ыллара сылдьар курдук этэ. Онтукатын атын дьоҥҥо төрүт биллэрбэт, кэп туона, сордоно-муҥнана сылдьыбат буолара.
Оҕомсох этэ. Ол эрээри ымманыйа сылдьыбат, көннөрү көрөрө-истэрэ сымнаан, тылынан майааннаһан ылар этэ.
Өлүөхтэрэ биир буолбут доҕорун Өлөксөй оҕотун, миигин, улаханнык сымаансыйа көрсөрө, кэпсэтэрэ. Киниэхэ оҕото суоҕа – сүрдээх улахан охсуу этэ. Онтукатыттан буолуо ээ, киһиттэн эрэ барытыттан итэҕэс киһи курдук туттара. Аны бэйэтин ис санаатын киһини кытта үллэстибэккэ, иһигэр муунту буола сылдьар майгылаах. Күн сиригэр Өлөксөйүнүүн эрэ эн-мин дэһэн санааларын сайгыы атастаһаллар эбит.
Аны ураты таптыыр ойоҕун киһи арааран ылан, онтон ыла ытыы сылдьар буолан хаалбыта. Ордук көскө, хаайыыга сылдьан кэлэн баран, наһаа уйарҕаабыта. 1. Оҕото суоҕа; 2. Ойоҕун киһи былдьаан баран, бэйэтин дьыалаҕа-донуоска эрийэн хаайыынан, көһүнэн кыйдаабыттара; 3. Доруобуйатын сүтэрэн, өлөрө чугаһаан; 4. Өлөксөйүн аһыыта – барыта түмүллэн, хараҕын уутун кыаммат буолан хаалбыт этэ. Бэл, эдэр эрдэҕинээҕи хаартыскатын көрө-көрө ытыыра, Өлөксөйүн аҕыннаҕын аайы хараҕыттан уу саккырыыра.
Оо, нап-нарын дууһалаах Алампа барахсан!
Алампа: «Аҕаҥ эмп үлэһиттэрин ураты биһирээн, бары араас сыһыаннарыгар махтанан бөҕө сытаахтаабыта. Бэл, сиэстэрэ кыргыттар киирдэхтэринэ, арааһынай эйэҕэс тылынан эйэргэһэ сытаахтаабыта.
Өлөрүн эрдэттэн билбиппит. Бэйэтэ да билбитэ уонна бастаан утаа ону кыйдыы, ол туһунан санаабат буола сатыырга бэйэбитин күүһүлэнэр этибит. Оттон Алексей Елисеевич бэйэтин өрөсүһэр курдук туттара, үлэ бөҕөтө. Былааннара: 1. Наречиены бүтэрбит грамматикатын чөмчөтүү; 2. Сахалыы тылынан охсор-бэчээттиир массыына бырайыага; 3. Саха тылын туһунан санааларын этии; 4. Кэнэҕэски дьоҥҥо кэс тыл хаалларыы; 5. Оҕолоругар кэриэһин этии. Итилэри ити этиллибит бэрээдэгинэн суруйан хаалларыахтаах этэ. Дьэ ону ыарыы обургу толотторботоҕо.
«Доҕорум барахсан, – диэн баран, – ити грамматикатын…» – диэн иһэн салгыы саҥарбакка, хараҕын уутун сотто олороохтообута.
Аҕам бүтэрээри сылдьар грамматиката сүппүтүн туһунан истэр этим уонна хас да киһиэхэҕэ кэпсээн, сурукпар да суруйан турабын да, ким да кыһаллыбат, төттөрүтүн сурукпар киллэрбиппин кичийэн туран сотон кэбиһэллэр. Ити миигин сымыйаччынан ааҕалларыттан эбитэ дуу, туохтан төрүттээҕэ эбитэ дуу? Дьэ билбэтим уонна дьиктиргиибин эрэ.
Аҕам эрэйдээх биһиэхэҕэ соҕуруу барыан эрэ иннинэ киһиргээн суруйбут этэ: «Үлэ бөҕөнү үлэлээтим. Саха тылыгар грамматика суруйан бүтэрэн эрэбин. Наречиены бүтэрдим», – диэн. Ол суругар: «Сүөһүгүтүн эһимэҥ. Аккытын атыылаан харчы оҥоруҥ. Мин эһиэхэҕэ икки тыһыынчалаах библиотека атыыластым», – диэбит этэ. Чэй аҥаара (икки плитка), эдьиийбэр ырбаахы таҥаһа ыыппыт этэ. Ону эдьиийим:
– Аҕам дьэ кыһала сүрдэммит дии. Кэһиитэ үлүгэрэ. Аата, эрэйдээҕим, сатаатар, уолаттарыгар ыстаан таҥаһа ыыттаҕа баҕас дуу. Сатаатар, биир бүтүн чэйи ыыттаҕа дуу. Аҕам эрэйдээх, санаата кэлэн, оҕолордоохпун диэн дьаһайаахтаабыт, – дии-дии, дэлби күлээхтээбитэ.
Эдьиийим Лариса күн курдук күндү эдьиийим. Эмиэ биир туспа киэҥ-куоҥ, кыыһырар диэни билбэт киһи этэ. Оо, күндү эдьиийкээниэм, муҥ саатар, мин учуутал буоламмын, мин хамнаспын ылаҥҥын, үөрэн-көтөн быычыгыраан бараҥҥын өлбүт баҕас буоллаҕыҥ дуу. Эрдэ өлбүтүҥ аанай-туонай абаккатыан!!!
– Мин Алексей Елисеевич сыҕарым эпэрээссийэҕэ киириитин быраастары кытта кэпсэтэн, туох да туһата суох буолуохтааҕын билбитим уонна Алексей Елисеевичка кииримэ диэн этэн көрбүтүм. Онуоха кини доруобай эрдэҕинээҕитин курдук сүр тэбэнэттээхтик көрөн олорон: «Алампа-баба. Киһиттэн ураты уйан дууһалааххын. Дьиҥнээх поэт нарын дууһата. Аһыныыгынан сирдэтинэҕин. Алампа барахсаан, эн биһиги букатыннаахтык арахсарбыт адьас бу кэллэ ээ. Билигин миэхэҕэ хайдах өлөбүн эрэ диэн санаа баар. Ыарыыга таах сытан биэрэн көмүллэтэн өлөбүн дуу, биитэр кинини кытта кыам кыргыһа сытан өлөбүн дуу диэн. Мин иккиһин ордоробун. Тоҕо? Бастакыта, «баҕар» диэн баар ээ. Баҕар, эмчиттэр барахсаттар ыарыыбын ылан кэбиһиэхтэрин сөп. Иккиһэ, хайа да өттүн билии хирургия сайдыытыгар туһалаах. Онон, алаас оҕото Алампам оҕотоо, мин иккиһин ордордум. Хомойорум баар, дойдубар ийэм ааҕы кытта, эбэтэр убайбын кытта кэккэлэһэ көмүллүбэтим», – диэхтээбитэ.
Онон ити сыҕарым эпэрээссийэни Алексей Елисеевич бэйэтин көрдөһүүтүнэн оҥотторбуппут.
Алампа кэлин өлөрүн чугаһыгар доҕорун Өлөксөйү санаатаҕына, үксүн ытаан тахсара. Ураты да ытыктыыра. Мэлдьи «Алексей Елисеевич» диирэ. Дэҥ кэриэтэ «Алеша» диэн аһарара.
Алампа барахсан биирдэ мин хайыһарга күрэхтэһэрбин истэн баран: «Маладьыас. Спордунан мэлдьи дьарыктан. Мин эдэрбэр ураты үчүгэйдик билисипиэтинэн тэбэргэ, сылдьарга үөрэммитим. Саас өрүс эстиитигэр куорат олохтоохторо өрүс биэрэгэр киирэн муус устуутун көрөллөрүн бэккэ сөбүлүүр этилэр. Киэһэ дьон бөҕө төттөрү-таары хаамсаллара. Мин онно киирэн билисипиэтинэн сылдьарым. Дьон быыһынан тэбэн сылымната сылдьар үчүгэй да буолара. Ол сылдьан уруулбун туппакка тэбэн иһэммин, сиэппиттэн кумааҕы ылан, онно пиджагым сиэбиттэн махорка ылан куттан, бөппүрүөскэ эринэн, уматынан, табаахтыы-табаахтыы элэҥнэтэ сылдьар буоларым. Ол сылымната сылдьарбын бэйэбин бэйэм обургутук хайҕанарым, дуоһуйарым. Аны төһөлөөх да уйуттубат гына итирдэхпинэ (кини оҕото суоҕуттан, мунчаарыыта күүһүрэн кэллэҕинэ арыгы иһэн аралдьыйар эбит) билисипиэтим үрдүгэр олордохпуна, дьиэбэр үчүгэйдик тиийэр этим. Эн хайыһардыыр идэҕин төрүт быраҕыма. Кытаат», – диэхтээбитэ. Оттон мин сүрэҕим мэһэйдээн хайыһарга күүскэ тэппэтэҕим.
Алампа диэн ураты сымнаҕас, насыыба, чиҥ өстөөх, көссүө аххан, чараас, нарын дууһалаах киһи этэ. Бэл, саҥа таһааран, алларастаан күлбэт этэ. Күллэҕинэ сирэйэ мичээринэн сырдыы түһэр уонна сирэйин соттумахтаан ылар. Оччоҕо дьикти да үчүгэй көстүүлэнэрэ.
Мин Алампа туһунан урут тугу билбиппин, истибиппин, кэпсэппиппин суруйталаан турабын да, наар сотон, биитэр «көннөрөн» кэбиһэр этилэр.
Биирдэ Саха тыйаатырыгар «Күкүр Уус» оонньонно. Мин ону истибэккэ хааламмын, бастакы күнүгэр сылдьыбатаҕым. Каассаҕа бара сылдьыбытым да, билиэт бүппүт этэ. Ол нөҥүө күнүгэр үөрэнэ тиийбитим, кэпсээн бөҕөтө: «Наһаа күүстээх, улуу пьеса үһү. Көрө олорор дьон уҥаталаабыттарын, таһырдьа көтөҕөн таһааран тыын киллэрбиттэр үһү. Ол иһин, ураты күүстээх өттүн мүлүрүтэ түһэргэ Суорун Омоллооннуун театр коллектива сүбэлэспиттэр», – диэн уолаттар кэпсээн-ипсээн үллэҥнэтэллэр. Мин, үөрэхпиттэн бүтээт, оҕолортон харчы ыламмын кассаҕа ыстанным. Аара баран иһэммин, оччотооҕу орой мэниккэ хайдах сырдык санаа кылам гыммыта буолла, билигин дьэ хайҕанабын.
Миэхэҕэ өйбөр Алампаҕа билиэт ылыахха диэн өй көтөн түстэ. Оннук сырдык санааланан каассаҕа тиийбитим – билиэт хайа сахха бүппүт. Ыксааммын учууталбар, биир нэһилиэгим киһиэхэ, артыыс Васильев Пантелеймон Иннокентьевичка тиийдим. Киһим саҥа туран аһаары сылдьар эбит.
– Хайа, Реас, «Күкүрү» көрдүҥ? – диэн ыйыта тоһуйда.
– Суох. Билиэт булбакка бу ону көрдөһө сылдьабын.
– Хас билиэти? Кавалер даамалаах буолуоҥ дии, – дии-дии, күлэн таҥнары өҥөйөн хаһылыччы көрөн тураахтаата.
Оо, барахсан, сатаан да үөскээбит үчүгэй киһи этэ. Билии-көрүү дириҥэ киниэхэҕэ баара, учуутал гиэнэ учуутала. Учууталга ананан үөскээн баран, артыыс суолун туппута. Васильев Пантелеймон Иннокентьевич Күкүр Ууһу толорор.
Чэйдии олордохпутуна, Петр Решетников лэглэрийэн киирэн кэлэн, остуолга олоро түстэ. Ону-маны кэпсэтии, күлүү-салыы кэнниттэн Пана:
– Петя, эр бэрдэ, элик үтүөтэ икки билиэттэ булан Реаска аҕал эрэ, – диэтэ.
Решетников:
– Сорукка сылдьар сорук боллур уол ону өр гыныам дуо, – диэт, остуолтан туран, хоспут иһигэр «атынан» көтүттэ да, сиэбиттэн икки билиэти хайа икки ардыгар ылбыта буолла, иннибэр тохтуу түһээт тоҥхох гынан баран утары уунна. Күлсүү, үөрүү-көтүү бөҕө буолла.
Мин Полевой уулуссаҕа Алампа олбуоругар көттүм. Алампа аҥар өттө ампаар, урукку хара дьиэтин биир муннук, кыараҕас баҕайы хоско соҕотоҕун олороохтуур этэ.
Кэри-куру буолан олороохтуур эбит. Киирбиппэр үөрэ түстэ. Мин «Күкүр Уус» туһунан кэпсээтим. Бэккэ сэҥээрэн иһиллээтэ.
– Мин эйиэхэҕэ билиэт аҕаллым. Барабыт дуо? – диэн ыйыттым.
Алампа үөрэ түһээхтээтэ. Сирэйин соттуммахтаата. Чаһыытын көрдө. Хаска буоларын ыйытта. Ити кини обургутук долгуйдаҕына итинник туттара.
Мин төһөҕө барарбын болдьоһон бараммын, кэлиэх буолан дьиэлээтим. Төннөн кэлбитим, Алампа мэлдьи кэппит көстүүмүн кэтэн, шарфигын эринэн, баттаҕын суунан, тараанан, үөрбүт-көппүт, чэпчээбит көрүҥнэнэн чөрөллөн бэлэм олорор эбит.
Ити кэмҥэ Таатта Боссокуоп диэн кулаах оҥорон, саппыйатын тэбээн ыыппыт оҕонньордоро көрөн-харайан, аһатан олорор этэ.
Тыйаатырга хойутуу сыһан тиийдибит. Дьон бөҕө. Үп-үллэҥнэс. Биһигини ким да көрбөт да быһыылаах. Турбахтаан бараммыт залга киирдибит. Биир да иллэҥ миэстэ суох. Хата туран эрэ көрөөччүлэр бааллар.
Антракка дьон кэккэлэһэ төттөрү-таары хаамса сылдьаннар, Саха тыйаатырын саҥа үрдүкү кэрдиискэ таһаарбыт күүстээх ахан «Күкүр Уус» туһунан кэпсэтэн сааҕынаһыы, сөҕүү-махтайыы сүрдээх. Мин эмиэ хаамсарга этэн көрдүм, киоскаттан тугу эмэ ыларга этэн көрдүм да, Алампа төрүт буолбата. Ити бастакы этиибин, кэлин санаан көрдөхпүнэ, улахан оҕотуйуу эбит. Ылыммата сөп.
Биһиги бэйэ-бэйэбитин кытта тыл бырахсан киҥир-хаҥыр ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ түннүк анныгар турдубут. Дьон биһигини икки чөҥөчөк курдук элэс көрүтэлээн ааһаллар. Ону даҕаны дэҥнэтэ бэрт аҕыйах киһи. Ким даҕаны дорооболоһо, кэпсэтэ сатаабата. Онно бааллара ээ билигин Алампа «поклонниктара», Өлөксөйү «дьиҥнээхтик өрүһүйбүт» аатырар дьон. Суруйааччылар даҕаны.
Биһиги, турбахтыы түһэн бараммыт, киирэн оннубутугар олорон кэбиспиппит уонна турбатахпыт.
Алампа дьиэтигэр төннүүтүгэр улаханнык сылайбыт, санаата түспүт көрүҥнээҕэ. Мин кинини дьиэтигэр тиэрдэн бараммын, таһырдьанан бэйэм дьиэбэр барбытым. Онтон бириэмэм сөп түбэспэккэ, икки дуу, үс дуу хонон (чуолкайын умнан кэбиспиппин) баран тиийбитим. Алампа ыарытыйдым диэн сытара. Киирбиппэр сэргэхсийэн, туран олордо. Ону-маны кэпсэтэн баран, мин тулуйбатым:
– Анемподист Иванович, «Күкүр Уус» тыллыын-өстүүн үчүгэй суруйуу буолбат дуо? Биһиги нэһилиэк Сиэллээх сиэнэ, эн ийэҕинэн хаан урууҥ Дмитрий Кононович Сивцев суруйуута ээ. Ханньас нэһилиэгэ Куонаан Сиипсэби билэр инигин? – диэтим.
– Ол ийэтэ кимий? – урут ону билбэт, эбэтэр умнубут эбит.
– Атаҕа суох Миисэ (сүрэхтээҕэ Микииттэ) оҕонньор балта, Кириһиинньэ Сиипсэп кыыһа. Эн ыкса ыалыҥ. Эһиги сайылыккытыттан кини кыстыга биэрэстэ эрэ ини, – диэн үчүгэйдик билэр киһи быһыытынан кэпсээн-ипсээн кэбистим.
– Оттон ити Күкүр Ууһу толорбут артыыһы билэҕин дуу? Станиславскай үчүгэйдик тамаҕар силлээбит киһитэ ээ, бадаҕа.
– Ити биһиги Сиэллээх нэһилиэгин киһитэ Васильев Пантелеймон Иннокентьевич. Идэтинэн, үөрэҕинэн учуутал. Мин учууталым. Физикаҕа үөрэппитэ. Кини курдук учууталга түбэһэн үөрэммэтэҕим. Оттон ити артыыс буоларга бэйэтэ кэтэхтэн, ааҕан уонна дьиҥнээх биэрбит талаанынан сылдьар, – диэн билэрбин биир тыынынан сүөкээтим.
– Ыстаарыһа Лөгөнтөй диэн киһи баара ээ. Ол кини оҕото буоллаҕа дуу?
– Оннук. Нуучча Көстөкүүн диэн сураҕырбыт киһи баара эбитэ үһү. Ол уола Лөгөнтөй оҕото.
– Оттон ити Күннэйи толорбут кыыс кимин билэҕин дуу? Кырыһыабай да оҕо эбит.
– Ити биһиги Таатта, Уолба. Слепцова Дария, – диэтим. Кини Күннэйи ураты да үчүгэйдик толорбута. Эчи, төрүт кэрэ кыыс кырааскаланан тубуспута – ураты кэрэ этэ. Аны артыыстарбытыттан астыммытым, толороллоро үрдүк таһымнаахтарыттан үөрбүтүм да бэрт буолан: – Атын да артыыстарбыт бэйэлэрин уобарастарын ураты үчүгэйдик биэрдилэр буолбат дуо? – диэн ыйыттым.
Алампа үгэһинэн сирэйин имэринэн, тохтуу түһэн баран:
– Сахалар дьиҥнээх уонна талааннаах артыыстаммыппытыттан үөрэбин. Бэйэҥ көрдүҥ дии, толорор образтарыгар толору киирэн хаалан баран оонньуулларын. Күкүр Уус адьас дьиҥнээх Күкүр Уус буолан баран, киһи сатаан оонньуур диэбэт гына Күкүр бэйэтэ бэйэтинэн сылдьарын. Ити сырыттаҕына, ким эмэ «Васильев» диэн ыҥырдаҕына, төрүт билиэ суоҕа этэ бэйэтин ыҥырбыттарын. Ол курдук обраһыгар толору, бүтүннүү киирэн хаалар эбит. Улуу да артыыстаммыт эбиппит. Артыыстарбыт бары да дьиҥнээх артыыстар эбит.
– Оттон, Анемподист Иванович, пьесабыт даҕаны улуу суруйуу буолбат дуо? – мин төлөннүрэ түстүм.
Алампа олоро түстэ уонна:
– Пьесаны биир тылынан үрдүттэн саба быраҕан сыаналаатахха – үчүгэй. Күүстээх суруйуу. Тылын-өһүн да улаханнык чочуйан, ардыгар күүстээх тылларынан суруллубут. Ити эн алҕас ыйытаҕын ээ. Пьесаны барытын, элбэх өттүнэн көрөн сыаналыахтааххын. Туох-ханнык иннинэ бастатан автор туруоруммут сыалын ситиспит дуо? Ону дьэ үчүгэй литературоведтар кыайаллара буолуо. Иккиһинэн, ону ситиһэргэ талыталаабыт образтара сөпкө талыллыбыттар дуо? Ити пьесаҕа Сивцев колхозтааһын кэмигэр кылаас өстөөхтөрүн охсуһуулара саба баттанар. Күкүрүҥ типичнай саха ууһа.
Колхозтааһын уонна баайдары кылаас быһыытынан эһии 1929 сылтан барбыта. Оччотугар Кинээс Бииктэрэ хайдах ордон хаалбыт киһи эбитэ буолла? Аны бардама, сытыыта, соҕотоҕун бүтүн былааһы кытта утары охсуһа сылдьар үөрэхтээх саха диэн хайдаҕа эбитэ буолла. Аны ити көнө баҕайы, судургу, ол эрээри, уус буолан дьонунан ытыктанар Күкүр сордооҕу тоҕо куһаҕаҥҥа тарда сатыыр? Аҕатын саҕаттан кинилэр атахтарыгар үҥэн үөскээбит оҕонньор барахсаны куһаҕаҥҥа сөрүү сатыыр туох акаары бардам үөрэхтээҕий? Ити Бииктэри типиичнэй образ быһыытынан киллэрбэппин. Ити үөрэхтээх баайдары абааһы көрдөрөргө үөрэтэр уонна пьеса конфлигын сытыырҕатарга оҥоһуллубут, өйтөн оҥорон көрөн оҥоһуллубут персонаж.
Оттон типичнэйэ суох персонаж үйэтэ суох уонна кинилэр сүрүн герой буолбакка, быстахха туттарга киирэн тахсыахтаахтар.
1930–31 сылларга колхозтарга кытай, кэриэй үксүү сылдьыбыттара. Ону көрдөрөн ааһарга Сивцев кытайы туттубута оччотооҕу кэми көрдөрөргө олус үчүгэйдик киллэрэ түһэн ылбыт. Артыыһа даҕаны (Н. Гоголев) күнү быһа оҕуруот аһын үүннэриигэ кыһанан дьүккүөрдээхтик үлэлээбит кытай хааман иһэрин, чохчойон олорорун, бэл, төбөтүн хамсатыылыын үүт-үкчү гына көрдөрдө. Быһата, хаама сылдьар, саҥарар кытайы толору куопуйалаата. Итини киһи типичнэй диэн сөп.
Эн сэҥээрэргиттэн, сөптөөхтүк хайгыыргыттан сабаҕалаатахха – пьеса суруйан холонон көрүөххүн сөп эбит. Хас дэлэгэй мин дүҥүрбүн сыыһа охсубатах буоллахпына, суруйдаххына өйдөөр:
1. Пьеса итинник уһун буолуо суохтаах. Ол көрөөччүгэ да, көрдөрөөччүгэ да сылаалаах. Оччоҕо «аҕыйах тыл минньигэс, элбэх тыл сымсах» дииллэрин курдук буолан хаалар.
2. Итинник быһаҕынан тэлэкэччийэн, саанан ытыһан дьон чувстволарыгар тиийии – судургу.
Дьон чувстволарыгар тыл күүһүнэн тиийиэхтээххин. Тылын күүһүнэн ытат, күллэр, иэннэрин кэдэҥнэт, үөрт-көтүт. Суруйуу күүһэ диэн ол буолуохтаах.
Ити мин «баҕар» диэммин этэбин. Суруй, суруйума диэбэппин. Суруйар баҕа күөрэс гыннаҕына – эйигин туох да тохтотуо суоҕа. Ол баҕаҥ түүн да утутуо суоҕа, күнүс да олордуо суоҕа. Бииргэм тобулута анньа, кэйиэлии сылдьыаҕа, – диэн баран, күлэрдии мичийэн, сирэйин соттумахтаан кэбиспитэ.
– «Күкүр» күүстээх суруйуу, – диибин.
– Үчүгэй. Мин биир суолун, фольклору сүрдээх үчүгэйдик туттарын, Алексей Елисеевич «Андаҕарын» бэртээхэй миэстэҕэ киллэрэн, пьесатын ураты тупсарбытын обургутук биһирээтим. Урут театры аан бастаан тэрийиибитигэр биһиги оонньоон муҥнанаахтыырбыт. Алеша эмиэ биир биллэр артыыспыт буола сылдьыбыта. Онно суруйуу тылын өйгө ылан баран, өрүү сыыһа саҥарбат эрэ мөккүөрдээх этибит. Сорохпут суфлерунан эрэ, кини саҥатын иһиллээн, сыыһа-халты саҥаран муҥнанара. Ити билиҥҥи дьонтон улахан да намыһах кэрдиискэ турар эбиппит.
Мин үөрэнэр буоламмын, Алампа ыалдьар буолан киниэхэҕэ үгүстүк сылдьыбатаҕым. Аҕыйахтык сылдьаммын, сороҕун түҥ-таҥ соҕустук кэпсэтэн баран, кыбыстаммын атахпынан да куоппут түбэлтэлээхпин.
Биирдэ Дзержинскэй икки нүөмэригэр уопсай дьиэҕэ олороммун үһүс куурус уола Михайлов Никон саҥа суккун сону атыылаһан кэллэ (күһүн-саас кэтиллэр сону). Ымсыырдым аххан. Атыылаһар кыаҕым суох. Стипендиянан эрэ аһаан олоробун.
– Никон, ыалга баран кэлиэхпин биирдэ соҥҥун уларыс эрэ, – диэтим.
Киһим улгумнук уларыста.
Харааран көстөр күөх тааҥнаах сабыс-саҥа суккун сону үйэбэр биирдэ үрдүбэр уурунан (билигин санаатахпына, быһа налапаайдаммыт бөрүкүтэ суох таҥас), Улахан уулусса тротуарын устун хааман элэҥнэтэн саха театрыттан иҥинним. Сирим муҥурданна. Эмискэ Алампаҕа көстөн кэлэр киһиргэс санаа күөрэс гынна. Бардым. Алампа соҕотоҕун курдук соҕотох. Киирбиппэр үөрдэ. Мин үчүгэй соммун нэлэппитинэн олордум.
Ону-маны кэпсэтэн баран:
– Үчүгэй баҕайы сонноох эбиккин дии, – диэтэ.
– Ыых, – диэн ыган таһаардым.
– Бэйэҥ киэнэ дуу? – уорбалаабыт быһыылаах эбит.
– Ыых, – мин киһиргээн сымыйалаан кэбистим уонна онтон кыбыстаммын сирэйим уокка баттаабыт курдук буоллум.
– Сүөһүлээххин дуу? – диир.
– Баар, – арыый кэҥээтим.
– Хас сүөһүлээххин? – мин сүөһүбүн да билбэт тойооску эбиппин, эмиэ кытар гына түстүм.
– Сэттэлэр, – диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла (дьиҥэр, үс сүөһүлээх эбиппин).
– Сылгылааххын дуу?
– Баар, – диэн бар гыннардым.
– Хаһый?
– Түөттэр, – бу биир эрэ аттаах киһи сылгы бөҕөлөнө түстүм. Дэлби тириттим, тугу эрэ эбии сымыйалаан бараммын, таһырдьаны былдьастым.
Алампа саҥата: «Баай баҕайы эбиккин дии», – дии хаалла. Онтон кыбыстаммын Алампаҕа кэлин сылдьыбатаҕым.
Уопсай дьиэҕэ тиийиибэр Никон сонугар обургутук кыыһыран тиийбитим. Кырдьыга да Никон соно бүдүрүппүтэ.
Реас Кулаковскай
Чолбон. – 2024. – №5