«Айыыны өйдүүр иһин…»

ЫРЫА АЙЫЫТА

Ырыа айыыта сайын

Хас нуоҕай умнас аайы

Иһийэр уу-чуумпутук,

От-мас иччитин курдук.

Алгысчыт санаалаахха,

Ырыаһыт дууһалаахха

Айыы аартыгын тэлэ

Иэйэр дииллэр илэ.

Олох уохтаах сүмэтин,

Туойуу кыырай сүргэтин

Ол ыччат ырыатыгар

Оччоҕуна алкыйар.

Тылын истиҥ иччилээн

Өлбөт тыынныыр бүөмчүлээн,

Айымньытын ымыылаан,

Айыы аналлыыр наллаан.

Бэс ыйыныы ичигэс,

Сөлөгөйдүү минньигэс

Сол ырыа көрбүтүнэн

Сүрэххэ түһэр бэргэн.

Эмчит күүстээх отунуу,

Өлбөт мэҥэ уутунуу

Сол хоһоон олус сэдэх,

Соччонон күндү бэлэх.

Сайыҥҥылыы сайаҕас,

Иэйиэхситтии уйаҕас

Соннук ырыаһыт киһи

Дэҥҥэ айыллар үһү.

Ырыа айыыта онон

От-мас аайы хорҕойон

Иһийэр уу-чуумпутук,

Иһиллиир, чуҥнуур курдук…

        * * *

Ийэкээм, ириэнэх эн хааҥҥыттан

Илгэ-сиик ылан, хаппат силиһим,

Иһирэх сыламҥар атаахтаан

Ииммэт – сипсиэрдээх айгыр силигим.

Эн эрэ, ийээ, далбар эйгэҕэр

Эриэккэстик мин сириэдийэбин,

«Байым тапталынан иэнигийэр

Баар-суох планетам, Сирим – эн», – диибин.

Ол иһин олус атыҥырыыбын

Орто дойду хаар-муус сигилитин,

«Ийэ сирим, буорум» диэн ааттыыбын

Илэ манна эн баарыҥ иһин.

Ийээ, буор кутуҥ – миэхэ өҥ буорум –

Ийэ сир курдук өрүү баар буоллун.

        * * *

Сайыспаппын мин ааһар кэми:

Сүтүөр ийэлии муус сүрэхтээҕэ.

Аһыйбаппын бүтэр үйэни:

Кииринньэҥ аҕалыы кур үөрэхтээҕэ.

Тыыннаах кэммит тулаайахтара

Кэлэр кэмҥэ сүктэрбитин күүтэ,

Оһох кэннигэр иҥэ-сүтэ

Олохпутун бараатахпыт – туора.

Аны субу илии охсуспут

Эдэр үйэбит туора көрөөрөй?

Аал уот иннигэр олордорбут,

Бэйэ кэмин ил тыыныгар өргөйө!

Иэйэ үлэлээммит, сайа таптааммыт,

Кэргэн кэммит санаатын таптарбыт.

        * * *

Айыы тылын, айылҕа тылын

Билбэхтэспит бэйэҥ

Күн тылынан, сир тылынан

Сипсийэҕин аны эн,

Айыы тылын аманынан! –

Алгыстаах бэйиэтим,

Айылҕа тылын албанынан! –

Аалыастыыр ичээним…

Бу муор-туор олохпутунан –

Муҥурданар бэйэбит

Ол эн Аар Саар олоҥхоҕун

Үөйбэт бүтэй эттээхпит,

Айыы тылын ньоҕоҕунан

Сирэйгэ силлэһэбит,

Айылҕа тылын хоймоҕунан

Харахха хаахтаһабыт!..

Уутааҕар чуумпуруохтаахпыт,

Эйигин истэр иһин,

Дьэҥкэрэ хаптатыахтаахпыт

Ис иирбэбитин,

Айыы илгэтэ ардаххын

Искэ иҥэрээрибит,

Айылҕа өлбөт мэҥэтэ аараххын

Өйгө түһэрээрибит…

Хонуу отунуу хобугунаһыахтаахпыт,

Айылҕаны таайар иһин,

Сир үөнүнүү сибигинэһиэхтээхпит,

Айыыны өйдүүр иһин…

        * * *

Күн тахсар

Көмүөл былыт ытарчатыгар,

Өһөҕүрэ, тыҥыы бөлүөхсэр

Өс-саас күн көмүс чаачарыгар

Онтон… оо, дыыгыныы түстэ ох

Олох күөтүгэр кутуллан –

Кэдэрис гынна муус олбох,

Кэйиллэ, кэрбэнэ, уулла!

1977

        * * *

Чаҕыйбаппын

        олох долгунугар

                    оҕустарарбыттан,

Олох сөрүүн урсунугар

        далбаарыйа устарбыттан…

Чаҕыйабын

        ыраах кутаалар

                    ыҥырар күүстэриттэн,

Кыһыл суруктаах хайалар

        чугаһыыр түөстэриттэн…

Эрэммэппин

        олох сылааһыгар

                    астына иттиэхпэр,

Олох күннээх алааһыгар

        кэрэмэс аты сиэтиэхпэр…

Эрэнэбин –

        эдэр хатыҥнар

                    өлбөт сырдыктарыгар,

Сахам кыһыл оҕолорун

        дыргыйар сыттарыгар…

1986

СОЛБУЙУО СУОХ

Салыйбыт кутуҥ састаҕа

Саас-үйэ тухары

таптал илгийэр сыралҕан

Тылларыгар аны.

Орто дойдуга булбатах

Ордук сылаас хоонньуҥ

Хоһооҥҥо сыччах баарыттан

Хомойдум, доҕорум.

Номох буоларга ол иһин

Номоҕон бэйэкэҥ

Ыксаатаҕыҥ дуу, үөһэттэн

Ыстанан түһээхтээн?!

Таптала суох олох да суох.

Тыл-өс солбуйуо суох…

Олох илгэтэ

Олох кимиэллээх илгэтин үрдэ

Оҕо киһиэхэ минньигэһэ бэрдэ!

Сананара тунах ыһыах Айыытыныы

Саамал кымыһынан айах туттарардыы…

Орто саастарбыт көйөргө утаҕа

Олус көөнньөн ханнарбат утаҕы:

Симиир иһиттэн ыймахтаатаҕын аайы,

Сир итирикситигэр кубулуйар Айыы.

Ордон хаалаахтыыр кырдьарбыт саҕана

Ол дьол аһыттан хабархай салааһына:

Алгыстаах олох кырыыстаах ньоҕоҕун

Амырыын дьаатынан тобоҕолоноҕун…

Халлаан таҥарата, түстэр-түһэн,

Хара сири өҥсүтэҕин, сиҥҥэр түһэн.

Айхаллыым

Иэйэхсит алгыһын иһиллии

Иһийиим мин өйдүүн-сүрэхтиин –

Ис-испин иэйиинэн илгэлии,

Итэҕэл кымыһын иитиэхтиим.

Иһэгэй ол Айыым кэриэтэ

Иһирэх айылгым иһиттэн

Иһэрдии итиэннэ эһиэхэ

Илгэбин – сабарай иһиттэн.

Айыҥат хааны туой алгыырга,

Алкыйа ыллыырга-туойарга

Ананан айыллан кэлбиппин

Арыйан, айхаллыым аны мин

Аар Ыһыах ыралаах кыһыны,

Алгыстаах кырдьыыбын – кырыыһы!

Сабарай Илгэ

Чолбон. – 2019. – №4

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар