АЙЫЛҔАТТАН АЙДАРЫЫЛААХТАР

Владимир КОНДАКОВ-СР Норуот эмчиттэрин Ассоциациятын президенэ, профессор, суруйааччы.

АЙЫЛҔА ДЬИКТИ АЙЫЫТА УЛУУ ААНА УДАҔАН

(Кылгатыллан бэчээттэнэр)

Аананы аатын, фамилиятын, аҕатын аатын сороҕор сыыһаллар. Төрөөбүт, олорбут да сирин былдьаһаллар. Оннооҕор онно көмүллэ сытар диэн букатын атын сири ыйар дьоннор эмиэ баал- лар. Төрүт онно суоҕунан аймаҕырҕааһын, атын да ситимнээх курдук этиилэр иһиллэн ааһаллар. Отгон саха улуу удаҕана Аана дьиҥнээҕэ, кимтэн кииннээх, хантан хааннаах, ким диэн толору аатгаах, хайдах дьүһүннээх, туох-ханнык майгылаах, ханнык улуу талааннаах киһи этэй? Туох дьикти улуу эмчит, туох ураты айдарыылаах удаҕан этэй? Үйэлэр алтыһыылара, былаастар ула- рыйыылара киниэхэ ханнык-туох сабыдыалламмыттарай? Аана төрүттэрэ кимнээҕий? Билигин кини чугас аймахтара кимнээҕий? — диэн уонна да атын ыйытыыларга тохтоон кэпсээн аһарыахпыт. Аана туһунан суруйар син чэпчэки. Тоҕо диэтэххэ, кини туһунан миэхэ балачча элбэх матырыйаал баар. Ол эрээри Аана туһунан суруйар уустуктардаах. Тоҕо диэтэххэ, кини олус сүдү киһи: кини туһунан көннөрү киһи курдук ыллыҥ да суруйарыҥ уустук.

Аана туһунан суруйарга кини бэйэтэ ону көҥүллүүрэ эмиэ наада. Оччоҕо эрэ үчүгэй, дьиҥнээх суруйуу тахсыан сөптөөх. Тоҕо эрэ мин Аана суруйууга киириэн, номоххо, историяҕа хаалыан, дьон үтүө тылынан ахтан-санаан ааһыан, үйэлэргэ өлбөөдүйбэт өйдөбүлгэ киириэн баҕарара буолуо дии саныыбын. Аана дьиҥнээх айыылыы үтүө санаалаах киһи, сырдык эйгэлээх улуу эмчит, удаҕан буолар. Аана кэмигэр кинини үөрэтэр кыахтаах Улуу Айыы ойууна суох буолан биэрбитэ абалаах суол диэтэҕиҥ! Ол гынан баран Аана кэлиҥҥи ыччакка син биир үтүө сабыдыаллаах.

       Онон Улуу Эдьиийбит суруйарбын көҥүллүүр ини диэн санааттан суруйан эрэбин. Докумуоннарынан көрөн Аана саамай төрдүн Бекчонон Кулакыев диэн киһини буллубут. Бу  Кулакый уола Бөкчөнөөн 1689-1780 сыларга олорбут, 91 сааһыгар өлбүт. Бөкчөнөөн диэн аат хайдах эрэ ньохо киһини өйдөтүөн сөп. Ону баара улахан чэгиэн киһи буолан 91 сааһыгар  тиийэр. Онон Бөкчөнөөн диэн туттарыттан — хаптарыттан, эбэтэр үлэһититтэн ааттаммыт буолун сөп. Бу киһи Дуоҕа Боотурдааҕы кытта кэлбит чугас уруулара дуу эбэтэр буойун киһи дуу  сиэнэ буолуохтаах. Онон аны Кулакыйы уонна кини аҕатын, кинилэргэ кэргэн буолбут дьахталлар ааттарын-суолларын булар,  чуолкайдыыр наадалаах. Оччоҕо өссө элбэх чуолкайданыа. Итилэр кэлин көстүөхтэрэ. Ол гынан баран ону күүттэхпитинэ уһуубут. Ол иһин билигин туох баарынан суруйар сөп дии саныыбын. Кэлин матырыйааллар эбии киириэхтэрэ  буоллаҕа дии. Бөкчөнөөн Кулакыев – Кулакый уола Бөкчөнөөн — Телиги Быкрина – Быыкыры  кыыһа Тиэлиги диэн 1702 сыллаахха төрөөбүт,  Тоҕус нэһилиэгин киһитэ Быыкыры Тулааһынап кыыһын кэргэн ылан түөрт уол оҕону төрөппүттэрэ. Онтон бастакы уола Лэкэттэ сүрэхтэнэн, Василий Колтовской диэн буолбута.

 Бөкчөнөөннөөх Тиэлигигэ тохтоон ааһар  наадалаах. Бу генетика өттүттэн улахан кыахтаах дьон эбит. Ол курдук икки кэнники уолаттарын, улаханнык сааһыран баран төрөппүттэрэ. Жюль (Дьүүл) Бекчонов (докумуоҥҥа суруллубутунан) диэн уолларын 1762 сыллаахха Бөкчөнөөн 73 саастааҕар, Тиэлиги 60 саастааҕар төрөппүттэрэ. Биир сыл буолан баран оҕонньор 74, эмээхсин 61 саастаахтарыгар Мекерек (Мөкөрөк) – Андрей Михайлов диэн буолбуттара. Оттон Василий диэн уоллара 1730 сыллаахха төрөөбүт Лүүчүн киһитэ Тутука Быыкырын кыыһын кэргэн ылбыта. Бу дьон бары Аһахтааччы сиригэр Сааһаабыт диэн ходуһалаах этилэр. Баһылайдаах  Кэтириинэ Иван Колтовской диэн уол оҕону 1785 сыллаахха төрөппүттэрэ. Маны таһынан Анна,  Дария, Феодосия, Хотуннуур диэн кыргыттардаах этилэр. Иван Авдотья Егорова  1791 сыллаахха төрөөбүт кэргэннээҕэ. Манна даҕатан эттэххэ, сахалыы Огдооччуйа, нууччалыы Евдокия диэн ааппыт докумуоннарга Авдотья, Евдокия диэн киирэ сылдьар. Уйбааннаах  Огдооччуйа үс уол оҕону төрөппүттэрэ. Онтон дьэ, биһиги 1815 сыллаахха төрөөбүт Миитэрэй линиятын тутуһабыт. Үгүс сэһэннэргэ Аана Тукун Уйбаан кыыһа диэн кэпсииллэр. Тукун — бу Иван Колтовской буолара чуолкай. Уйбаан Аана эһэтэ буолар.  Онон Аана толору аата Анна Дмитриевна  Иванова буолар.

 Аананы ийэтин өттүттэн ырыттахха маннык тахсар. Көстүбүтүнэн хос эһэтэ Бекялтя Чохобутов 1727 сыллаахха төрөөбүт киһи. Кини кэргэнэ Авдотья — Огдооччуйа — Хомолто Омоносова 1741 сыллаахха төрөөбүт Тыайа дьахтара эбит. Бекялтя — Бэкэлтэ — бу диҥнээх Муоһай

киһитэ, кини Жесеня диэн оттуур ходуһалаах эбит. Жесеня — Дьөһүнньэ — бу Бооҕуда эбэ хайа еттүгэр баара буолла?! Икки уол, үс кыыс оҕоломмуттара. Олортон сүрүн суолу тутуһан 1777 сыл- лаахха төрөөбүт Тимофей Гаврилов-Тортукка кэлэбит. Тимофей Анна Андреева диэн кыыһы кэргэн ылан үс уол, биэс кыыс оҕону төрөппүттэ- рэ. Олортон 1811 сыллаахха төрөөбүт Авдотья — Огдооччуйа диэн кыыс Дмитрий Ивановка кэргэн баран, үөһээ кэпсээбитим курдук, Ааналааҕы төрөппүт.

Аана кыра эрдэҕиттэн сүрдээх оттомноох, бедөҥ-садаҥ киһи буолара биллэр оҕо этэ. Сотору улаатан бэрт кэрэ дьүһүннээх кыыс оҕо буола улааппыта. Аанаттан оруобуна 60 сыл балыс Иосиф Тимофеевич Мальцев кини тас дьүһүнүн ойуулаан суруйтарбыта. Иосиф оҕонньор Аанаттан чугас сиргэ үөскээбит, кинини элбэхтик көрбүт киһи этэ. Аана 87 саастааҕар өлбүтэ докумуон быһыытынан дакаастанар, ол аата Иосиф 27 саастаах туруу эр киһи буолбутун кэннэ. Иосиф Мальцев кырдьыбыт Аана тас дьүһүнүн маннык ойуулаан хаалларбыта: «Улахан толуу көрүҥнээх, 2 миэтэрэ дуу, арыый кыайбат дуу үрдүктээх, онно сөп суон, бөдөҥ мүһэлээх харылаах, сүрдээх улахан илиилэрдээх эмээхсин этэ. Кэтит үрдүк сүүстээҕэ, киэҥ арылхай харахтааҕа, үрдүк, кырыылаах, биллэ-биллибэт сүһүөхтээх муруннааҕа. Дьүһүнүгэр киһи булар омсото диэн айаҕа киэҥ этэ уонна аллараа уоһа тэллэҕэрдиҥи соҕуһа. Эдэригэр бэрт сырдык, ыраас, кэрэ сэбэрэлээх эбит быһыылааҕа. Элбэхтик удаҕаннаабыт буолан хаана-сиинэ сүрдээҕин дьэбидийбит этэ. Эдэр дьон кыайан кэпсэппэт этибит, ыйыттаҕына эрэ хоруйдуурбут. Кырдьаҕас да дьон бэркэ дьулайа- дьулайа кэпсэтэллэрэ. Тугу эмэ сыыстара, омсолуу иһиттэҕинэ, хараҕын кырыытынан кынчарыйар курдук көрөр идэлээҕэ. Хараҕа киэҥэ да, сытыыта да дьулаана бэрдэ. Аргыый көллөҥнөөн хаамара (кырдьан буолуо — автор), олус дуоспуруннаахтык туттара. Саҥардаҕына тыла-өһө киттиэннээх, саҥата-иҥэтэ наһаа ньиргиэрдээх этэ. Хайдах эрэ көхсүн иһиттэн кирдьигинээн тахсар бөдөҥ куоластааҕа».

Аана оҕо сааһа кыһалҕата суох ааһан, улахан кыыс буолан барбыта. Сүрдээх ыраас хааннаах, кэрэ дьүһүннээх, үрдүк уҥуохтаах, толору эттээх- сииннээх, дьон барыта хараҕа иҥнэр кыыһа буолбута. Сэһэн быһыытынан Миитэрэйдээх Огдооччуйа ыал улахан оҕолоро буоланнар, атын сирдэринэн тарҕанан олохсуйбуттара. Сэһэннэргэ кэпсэнэринэн, Аана улаатан эрдэҕинэ, быраата Холохоно Ньукулай кыратыгар, Миитэрэй өлөн бу дьон тулаайах хаалбыттара. Сотору Аана биллибэт ыарыыга ыалдьан хаалбыта. Огдооччуйа аймаҕыттан Микииппэр кинээстэн — Никифор Николаевтан көрдөспүт. Никифор  Лүүччүҥҥэ 1856-1866, 1875-1876 сылларга кинээстээбитэ, 1851-1852,  1859-1861 сылларга Орто Бүлүү улууһугар кулубалаабыта, оттон 1840-1841 сыл быыбарынай кулуба этэ. Дьэ, улахан үлэһит киһи диэтэҕин. Никифор эдьиийигэр Огдооччуйаҕа. Сиэн балтыгар Аанаҕа элбэхтик көмөлөспүтэ. Аана удаҕан буолаары ыалдьарын билэн,  Огдооччуйалыын сүбэлэһэн баран, Хаарпа ойууну уонна кутуруксут Уллук Уйбааны кыырдарбыттара. Бастакы түүннэригэр Аллараа  Дойдуга түһэн кыыра сылдьыбытгар. Онтон бэрт түргэнник төттөрү ойон тахсан, бастакы уонна иккис түүннэригэр үөһээ Дойдуга тоҕус олох тухары кыырбыттар. Үс түүн кыыран бараннар, Хаарпа ойуун эппит: «Үөһээттэн туттарыылаах удаҕан буолуоҕа. Орто Дойдуга эмиэ хабааннаах.  Оттон дьэ, Аллараа Дойдуга суох эбит. Онно кыырар анала суох. Биир кыыс оҕо сырыытын сылдьыыһы. Билигин да суолу билэрэ буоллар, иннибитигэр түһэ сылдьыах эбит. Билиги Дохсурума удаҕан диэн ааттанар. Үөһээ Дойдуга Иэйэхсиккэ, Айыыһыкка, Күрүө Дьөһөгөйгө, Ала Мылахсыҥҥа барыларыгар тиийэр алгыстаныа. Кэлин аата-суола аан дойдуга тарҕаныа, суон сураҕа иһиллиэ», — диэн баран Хаарпа ойуун Аана төбөтүгэр силлии-силлии имэрийбит. Аана ойуун алгыһын үүт түһэрэн иһэрэ эбитэ үһү. Хаарпа салгыы алҕаан-домноон — эппит: «Оҕом Аана, дьиҥнээх оҕо бэйэҕиттэн кэлэр тускута суох буолаахтыыра буолуо диэн  көрүүлэнним».

Никифор ойууттар атахтарын соболоҥун  үчүгэйдик төлөөбүт. Сотору Аана үтүөрэн, төлөһүйэн кыыс да кыыс буолбут, ыҥырыыларга сылдьан дьону эмтээн киирэн барбыт. Эмтээһинэ табыллан, дьон-сэргэ улаханнык кэрэхсээн барбыт. Кыыс олус кэрэ дьүһүннээх буолан, кэргэн кэпсэтэр уолаттар үксээбиттэр. Баай да ыал уолаттара ыйыттарар буолбуттар. Кыыс  буоллаҕына, кимиэхэ да сөбүлэҥин биэрбэтэх.

Ийэтэ: “Үчүгэйдик олорор биир эмэ ыал уолугар тахсыбаккын. Бэйэбит тулаайахпыт дии», — диэн кыыһыгар кыыһыран саҥарар буолбут. Сотору Мастаахха көһөн олохсуйбуттар. Аана быраата Ньукулай уолу көмөлөһүннэрэн Алыһардаах диэн күөл соҕуруу өттүгэр, Хайыҥда кытыытыгар  дьиэ туттан, онно олохсуйбуттар.

Күһүн буолан, көтөр-сүүрэр соҕуруу күрэммит, ыллаан-туойан эһиилгигэ диэри быраһаайдаспыт. Үлэҕэ-хамнаска баттатан, киҥэ-наара холлубут Огдооччуйа кыыһын эмиэ тылынан аала олорбут: «Бу курдук олоруох дьоммут дуо эр киһитэ суох?! Дьоллоох киһи кэргэннээх буолар. Үчүгэй ыал оҕолорун сирэҥҥин дуу, эргэ тахсар дьылҕаҥ суох буолан дуу, маннык олорон эрдэхпит дии.  Эйигин арай үөһээ абааһы уола ойох ыларыгар тиийдэ». Кыыһа көрдөҕүнэ ийэтэ сүрдээҕин дьэбин уоһуйа саҥарбыт.

Бу кэнниттэн туох буолбутун Аана бэйэтэ кэлин дьоҥҥо маннык кэпсиир эбит: «Ийэм бэйэтэ да абааһы кэптээх баҕайы этэ. Итинник саҥардаҕына киэһэ таһырдьа тахсан дьиэм таһыгар сырыттахпына, Үөһээ Халлаан диэки тыас куугунаабыта.  Онно көрдөхпүнэ, биир киһи Үөһээ Халлаантан  түһэн иһэрэ. Ыксаандьиэм диэки харбыалаһан истэхпинэ, эмискэ иннибэр баар буолбута уонна: «Ийэҥ эппитинэн мин эйигин ойох ыла кэллим”,  — диэн хаҕынайбыта. Оччолорго лаппа сэниэлээх этим. Эмискэ түөскэ аспытым да, тимир курдук этэ, кыратык бүдүрүс эрэ гыммыта, арахпатаҕа. Дьиэбэр куотан киирбитим да, син  биир түүлбэр — биппэр биллибитинэн барбыта.

Аана ыксаан ити эҥэргэ ойууннуу сылдьар Николай Павловы-Сыгынньах ойууну ыҥыран, холбоһуох диэн бэйэтэ тылланар. Ньукулай үөрүүнэн сөбүлэһэн, холбоһон ыал буолаллар. Сыгынньах  Ньукулай аатырбыт Нээтийэ ойуун сиэнэ этэ диэн кэпсииллэр. Нээтийэ ойуун Үөһээ Бүлүүгэ Алтан Оттоох диэн сиргэ төрөөбүтэ үһү. Кэлин Унаардаахха көһөн кэлэн олохсуйан икки уол оҕону төрөппүт. Кэргэнэ олохтоох кыыс эбит. Онтон биир уолун уола бу сыгынньах Ньукулай буолар.

Ааналаах Ньукулай көһөн кэлэн, Унаардаах күөлүн уонна Унаардаах Бэрэтин икки ардыгар баар хонуу  тыатыгар хаптаҕай улахан өтөххө олохсуйаллар. Кинилэри кытта ыаллаһа Имэҥнээх Сэмэн, Бырдьаҕаһыт Борокуоппай, Мэхээ Борисов диэн дьоннор олорбуттар. Ааналаах хас да сыл олорбуттар, байбыттар, элбэх сүөһүлэммиттэр, үлэһит-хамначчыт дьоннордоммуттар. Чохуу аҕатын ууһуттан биир кыыс оҕону ылан ииттибиттэр. Бу оҕо улаатан ынах хомуйар буолтун кэннэ, арай Аана хат буолбута биллибит. Төрүүрэ кэлбитигэр Куба Сиэбиккэ Күүлэлээх диэн сир- гэ олохтоох Ньукуу баай уола Сонтуорка ойууну ыҥыран айыыһыттаппыттар, алҕаппыттар.

Онно сылдьыбыт дьон Уоһук Мальцевка маннык кэпсээбитгэр: «Сонтуорка ойуун үс атахтаах төгүрүк остуолу оҥорторбут. Ону тулатыгар талаҕы токурутан түһэртээн баран, балаакка курдук хара  таҥаһынан бүрүйтэрбит. Аана бэрт эрэйинэн быыһаммыта. Оҕотун Сонтуорка ойуун ылан били балааккатын иһигэр уган кэбиспитэ. Биһиги тугун да өйдөөн көрбөккө хаалбыппыт. Сонтуорка балаакка иһигэр кэмпиэти үлтү кырпалаан угара, ону сиэн тумус тыаһа топ-тобугурас этэ.

Муус устар ортотугар Айыыһыта аттанар күнүгэр Аана таҥнан олорбута. Дэлби кубарыйан хаалбыт этэ. Сонтуорка ойуун дьэбин уоһуйак туран: «Аана оҕотун мин үөһэ үтэйиэм, аҕатын төрөппүт ийэлээх аҕатыгар илтэриэм. Хахсааттыыр Харын уолун уолутган оҕоҥ бу. Ону эһэлээх эбэтигэр ииттэрэ үтэйэбин. Ону бу соҕуруоккаҥ аттыгар олорон көр. Дьиэҥ аанын аһыахтара. Ортоку сэргэҕэ олордон үтэйиэм», — диэбитэ уонна балаакканы арыйа тардыбыта. Онно көрбүппүт суор оҕото хонтоҥнуу олорор эбит.

Ону Сонтуорка саба тутан ылан, таһырдьа таһааран ортоку сэргэҕэ соҕуруу диэки хайыһыннара олордубута уонна кутуран дьүһүрүппүтэ. Сонтуорка кэнниттэн кутуруксута эмиэ алгыс бөҕөнү алҕаабыта. Аана суор уола көтөрүн дьиэҕэ олорон көрөн олорбута. Барыта үс-түөрт күөс быстыҥа үтэйбиттэрэ. Онтон Сонтуорка дьиэҕэ кыырбытынан киирэн Аал Уоту алҕаабыта. Аана- ны кэлэн имэрийбитэ-томоруйбута, домнообута уонна: «Миигиттэн үрдүкү да буолларгын, эйигин эмтээбитэ буолар дьылҕаланным, тускуланным», — диэбитэ.

Кэлин Аана улахаҥҥа кыырарыгар улахан уолун Суору ыҥырар буолбута.

Дьөккөҥҥө Хапчаҕайга олорор Акулина Алексеевна Кондакова, Филипп Дмитриевич Гоголев кэргэнэ, Степан Филиппович Гоголев ийэтэ, биирдэ балык уҥуоҕар харан эрэйдэммитэ. Сыппыт, кыайан аһаабат, нэһиилэ тыынар буолбут. Ыксааннар Дьөккөнтөн аттаах киһини Унаардаахха ыыппыттар. Ол киһи тиийбитэ Аана айанныырдыы бэлэм олорор үһү. «Чэ, бара охсуохха, киһигит ыксаата. Аккын манна хааллар», — диэн Аана ыксаппыт. Түргэнник айаннаан Хапчаҕайга кэлээт, Улуу удаҕан дьиэҕэ ойон киирбит уонна тас таҥаһын устаат, Өкүлүүнэ хоһугар киирбит, уонна: «Оо! Балтым эрэйдээх иэдэйбиккин… Тута киһи ыытыаҥ этэ буоллаҕа дии», — диэбит, онтон дьиэлээхтэри көмөлөһүннэрэн, барытын бэлэмнээн, эмтээн киирэн барбыт. Кыталык сототун уҥуоҕунан маҥнай көхсүнэн оборон көрбүт уонна эппит: «Олус да кытаанахтык олорбут эбит. Бэйи түөскүнэн оборон көрүөххэ. Балтыбын көрөн туран өлөрүөм дуо?!». Суордуу хаһыытаат, түөһүнэн оборон хааннаах, ириҥэлээх уҥуоҕу сулбу тардан таһаарбыт. Салгыы түөһүттэн дэлби оборон ыраастаабыт уонна эппит: «Уҥуоҕуҥ өр сылдьыбыт, хараарбыт, көр, бу. Дьэ, дьолуҥ билиэҕэ. Сэттэ хонукка кыра- кыратык ууллубут арыы ырааһын эрэ иһиэҥ. Онтон бэргээбэтэххинэ, өссө сэттэ хонукка арыыны кытта сылаас үүтү иһиэҕиҥ. Биир сыл устата итии уонна тымныы аһы аһаайаҕын. Ириҥэрэн моһуоктаабатаҕына, өссө сэттэ хонон баран убаҕас хааһыта сиэр. Арыый кытаанах аһылыгы 99 хонон баран сэрэнэн сиэҕиҥ. Кэлин хааһыны кытта холбуллубутунан сүөгэйдэ сиир буолаар. Ити күүс киллэриэҕэ. Билигин 7 хонукка тохтоон ыарыылыам, эмтиэм. Кэлин бэргээтиҥ да, ыҥыраар. Тута кэлиэҕим. Соторунан ханна да барыам суоҕа». Сэттэ хонукка ыарыылаабыт, эмтээбит уонна барбыт. Өкүлүүнэ үтүөрэн, Аананы иккистээн ыҥырбатахтар. Кэлин Өкүлүүнэ үйэлээх сааһыгар улуу удаҕаҥҥа махтанара дииллэр.

Суор уол кэнниттэн 3-4 сыл буолан баран иккиһин хат буолбут. Төрүүр кэмигэр сүтэн хаалбыт. Ону көрдөөбүттэр да, булбатахтар. Арай Сыгынньах ойуун холку баҕайытык: «Чэ, чэ, көрдөөн эрэйдэнимэҥ. Туох аанньаны төрөтөөрү сылдьар үһү!» — диэбит.

Биир сарсыарда Имэҥнээх Сэмэн эмээхсинэ Сүөкүлэ көрдөҕүнэ, Идэр көлүйэ өтөҕүттэн чугас, Аана киниэхэ көхсүнэн туран биир көҥдөй чөҥөчөккө алыһары уган эрэр үһү. Сүөкүлэ төттөрү ыстаммыт. Сотору Улуу удаҕан этэрбэһин быатын сүөрэн, тимэҕин нэлэккэйдээн баран үргүлдьү хотонтон дьиэҕэ киирэн кэлбит уонна Сүөкүлэ диэки хайыһан хатааһын чолбонун курдугунан көрөн туран: «Сүөкүлэ, тоҕо миигин кэтии, батыһа сылдьаҕын?» — диэбит.

Аана эмтииригэр бу иккис оҕотун: «Кыыһым, Алыһарым!» — диэн ыҥырар үһү. Өссө 3-4 сыл буолан баран, Улуу удаҕан үсүһүн хат буолбут. Төрүүрүгэр кинилэртэн чугас олорор Хойбочох Маарыйа удаҕаны ыҥырбьттар. Бу сырыыга кэкэ- бука диэн чыычаах саҕа көтөр төрөөбүт. Ону Аана бэйэтэ көтүппүт. Кэлин эмтииригэр: «Уолум Кэкэм-Букам», — диэн ыҥырар буолбут.

Улуу удаҕан биир өтөх иһигэр бүгэн олорботоҕо. Киэҥ сирдэринэн айанныыра. Атын улуустарга да сылдьара, Дьокуускай куоракка үгүстүк сылдьара. Куорат баай, биллиилээх ыалларыгар, губернатор дьиэтигэр тиийэ кини күүтүүлээх ыалдьыт буолара. Эдэр сааһыгар улахана, толуута, кырасыабайа бэрт буолан, сахалыы симэхтэри толору кэтэн, үрүҥ солко бастыҥынан тигиллибит уһун мааны былааччыйаны  кэтэн, Саха сирин бастыҥ кырасаабыссаларын кытта үгүс улахан малааһыннары, остуоллары киэргэппитэ, олус кэрэ сөҥ куолаһынан элбэх сүрэхтэри долгуппута.

Эмтииригэр даҕаны үгүс айдаана, саҥата – иҥэтэ суох эмтэтэлиирэ. Сахалыы билэр да, билбэт да олохтоох нууччалар эмиэ эмтэтэллэрэ. Ыарыыны ылҕаан, эмтээн кэбиһэр эдэр, үрдүк уҥуохтаах, үтүөкэннээх таһаалаах, сырдык-ыраас сэбэрэлээх, такымын ааһа түһэр долгуннурар хараҥа кугастыҥы баттахтаах, киэҥ арылхай харахтаах ураты кэрэ эдэр кыыс дьахтары дьиктиргии сөҕө көрөллөрө. Сорох эдэр дьон Аана кырасыабайа бэрдиттэн кини удаҕан буоларын итэҕэйбэт түбэлтэлэрэ баара. Биирдэ Аана Дьокуускай эбэ биир улахан ыалыгар ыҥырыллан ыалдьыттаабыт. Күндү иһиттээх-хомуостаах остуол тардыллыбыт. Остуолга Аананы мааны баҕайы таҥастаах ыраах Сунтаартан сылдьар баай киһи уолун олордубуттар. Уол Улуу удаҕаны көрөн баран иһигэр: «Ама бачча кыыс дьахтар удаҕан үһү дуо? Хайдах сиргэммэккэ маннык ыраас кырасаабысса дьону сүллэрдиирэ буолуой?» — дии санаабыт. Онуоха Аана сирэйэ кытара түспүт, көмүс биилкэтин остуолга тыастаахтык уурбут уонна: «Биир остуолга олороммут сиилэһэ олоробут дуу?!» — диэбит. Дьон чуумпура түспүттэр, мааны уол куйахата күүрбүт, баттаҕа турбут, Аанаттан бырастыы гынарыгар көрдөспүт.

Улуу удаҕан эмтээн-томтоон, сүбэлээн-амалаан үгүс киһини абыраабыта, бэйэтин кэмин улуу эмчитэ, удаҕана аатырбыта. Дьон-сэргэ бары кини улуутун, сүдүтүн билинэллэрэ, кини туһунан араас сэһэннэр, номохтор үөскээбиттэрэ. Мин номохторунан буолбакка, архыып докумуоннарынан уонна чахчы билэр, көрбүт-истибит дьон ахтыыларынан олоҕуран, Аана туһунан кырдьык кэпсээни суруйабын. Кини туһунан Ийэ Айылҕаттан, Аан Дойдуттан эмиэ ыйыталаһабын. Улуу киһи туһунан сөптөөх кэпсээн, матырыйаал хаалыахтаах.

Аана ханнык да фокуһу, көрдөрүүнү оҥоро сатаабат этэ, ол эрээри, кини эмтииригэр оҥорорун ханнык  да фокусник ойуун оҥорор кыаҕа суох этэ. Холобура, сүллэрдьит ойуун аҕыйах буолар. Кини курдук харбыт киһи куолайыттан уҥуоҕу супту оборон ылары сатыыр ойуун, бука ол да саҕана, Конон Петрович Семеновтан (Бүлүү Мастааҕа) ураты баара биллибэт ээ.

Билигин үөстэн, бүөртэн тааһы таһаарыыны, сорох  ыарыыны сүтэриини биһиги, Саха сиринээҕи Норуот Эмчиттэрин Ассоциациятыгар, аҕыйах киһи оҥоробут. Сүллэрдиибит дэһэ сылдьар дьоннор сахаларга бааллар. Ол эрээри, кинилэр  итини дьиҥнээхтик таһаарбыттарын көрө да, билэ да иликпит. Оннугу оҥорор кыахтаах буоллахтарына, Аана курдук илэ ылан көрдөрдүннэр ээ.

Аана кэргэнэ Сыгынньах ойуун эрдэ соҕус өлбүтэ.  Кэргэнин Аана «үөрбэлэтэн өлбүт» диэн быһаарбыта.  Быраата Холохоно Ньукулай эмиэ үөрбэлэтэн өлбүтэ. Ону аҕалан Дьэҥкэ күөлүн таһыгар Сыгынньах Ньукулай аттыгар көмпүттэрэ. Дьоно өлбүттэрин кэннэ Улуу удаҕан соҕотохсуйа быһыытыйбыта. Элбэхтик кыырбат, ыраах айаннаабат буолбута. Сэттэ уон сааһын туолуутугар Улуу Өктөөп революцията буолан Россияны аймаабыта. Саҥа былаас кытаанаҕын, хабараан ирдэбиллээҕин туһунан Аана эрдэттэн этинэн-хаанынан билбитэ. Ити саҕана биир баай ыал ампаарын халаабытгара. Онно: «Улахан сыаналаах малларбытын ыллылар», — диэн удаҕантан көрдөһөн, ону көтүтэн төнүннэрэригэр эппиттэрэ. Улуу удаҕан өс киирбэх сөбүлэһэн кыыран, Суор уолун ыҥыран ол маллары көтүтэн аҕалтара ыыппыта. Суор уол, дьиҥэр, үрүҥ көмүс кыабакалаах, симэхтээх сыалдьыйаны аҕалан баран, кириргээн үс төгүл сүр үлүгэрдик хооҕургаан баран, Үөһээ Халлааҥҥа тус соҕуруу көтөн тахсан сүтэн хаалта.

Ити кэннэ Аанаҕа хаһан даҕаны кэлбэтэҕэ. Эмтиир сүрүн күүһэ баран, Улуу удаҕан улахан санааҕа түспүтэ. Аҕыс уончатын диэки Кэкэ-Буката, Алыһара эмиэ барбыттара. Улуу удаҕан төрүт кыырбат буолбута. Аны ииппит кыыһын уонна күтүөтүн кытта сүөһүтүн көрөн, уруккутун курдук Унаардаах Эбэ таһыгар Нээтийэ өтөҕөр сайылыыра, Кучан Эбэҕэ тахсан кыстыыра.

1920-с сыллардаахха Сэбиэскэй былаас ойууннааһыны, религияны утары күүстээх охсуһууну саҕалаабыта. 1920 сыллаахха сэтинньи ыйга Саха сиринээҕи Губревком бирикээһинэн ойууннааһын бобуллубута. Ойууттары сойуолааһын, тутуу, сымыйаларын саралааһын диэн үлэ, граж- данскай бырааптарын быһыы, ыгыы-түүрүү ыытыллыбыта. Бу саҕана Орто Бүлүүгэ Бүлүү куоратыттан ГПУ начаалынньыга Петр Бубякин — Үс Курдаах, Михаил Унаров, Колодезников — милииссийэ начаалынньыга, Чомуохаан милииссийэ тахсаннар ойууттары көрсөн кэпсэп- питтэр, сэбиэскэй былаас ойууннааһыны бобор политикатын кэпсээбиттэр. Хампаттан эбии ак- тыбыыстары Үрүҥэй уола Никифоровы, Кулуччуну ылбыттар. Тааһаҕар, Тоҕус ойууттарын кыт- та кэпсэтэн баран Лүүчүҥҥэ барбыттар. Тиийэннэр Иннокентий Егорович Кычкиннаах диэн ыалга тохтообуттар уонна Аананы ыҥыртарбыттар. Эмээхсин күтүөтэ Кылаан Борокуоппайдыын кэлбиттэр. Ат сыарҕатытган туран тайахха тэптэрэн дьиэҕэ киирбит уонна дорооболоһон, тас таҥаһын устан баран биллэрик ороҥҥо тиийэн аарыгыран олорбут. Онтон туран көмүлүөк оһоххо кэлэн, көхсүнэн итгээри, олох маска олорбут уонна эппит: «Тохсунньубут томороон тымныыта сүрдэммит. Хайа, бу ыраах сиртэн сылдьар оҕолор туох кэпсээннээх-ипсээннээх дьоҥ- ҥутуй! Хараҕым да кыайан ылбат. Хампаттан икки киһи баар дуу?» Онуоха Кулуччу: «Ээ, биһиги Хампаттан иккибит, Никифоров уонна мин, Кулуччу», — диэбит. Бары чэйдээбиттэр.

Аһаан, итиилээн баран эмээхсин эппит: «Бу куораттан сылдьар оҕолор, миигин аҕыс уоннаах, кырдьан буорайбыт хаараханы туох туһугар ыҥыртардыгыт?». Онуоха ГПУ начаалыннъыга Петр Бубякин — Бүлүү куоратыгар олохтоох бааһынай киһитэ эппит: «Эйигин оҕо-эҕэ эрдэҕиттэн эмтиир, дьалбыйар дииллэр. Ону ыйыталаһаары тахса сылдьабыт. Сэбиэскэй былаасойууну, улаҕаны, таҥара дьиэтин эмиэ сокуонунан бопто. Биһиги Тааһаҕарга, Тоҕуска сырыттыбыт,кэпсээтибит, быһаардыбыт.Ону дьэ эн  туох диигин кэпсээ».  Аана эмээхсин иҥиэттэн баран хоруйдаабыт: «Мин эдэр эрдэхпиттэн эмэгэттээх, иннибэр-кэннибэр сүүрээччилэрдээх этим. Сүрдээх аһыныгас майгылааҕым. Ол иһин ыарыһахтары эмтиирим. Билигин онно-манна сылдьар кыах суох. Киһиргээбэккэ эттэххэ, ити этэр кыылларым бары барбыттара. Кыайан алҕаммат-туоммат да буоллум. Дьон да ол кэнниттэн тэйдилэр». «Оччоҕо, Аана, тохтуур, идэҕин быраҕар инигин?», — Петр Бубякин ыйытар. «Аны туга да суох буолан баран, хайдах эмтиэхпиний?» — диэн Улуу уда5ан эппиэттээбит. Кэлбит дьон эмээхсиҥҥэ харчы хомуйан биэрбиттэр. Мантан көстөрүнэн кэлбит дьон дьону-сэргэни кытта киһилии үчүгэйдик кэпсэппиттэр. ГПУ начаалынньыга П.Бубякин көнөтө, сиэрдээҕэ, тыла-өһө олохтооҕо тута көстөр. Уопсайынан даҕаны, кини туһунан норуокка үчүгэй өйдөбүл хаалбыт...

Аананы дьон-сэргэ аатырбыт Алыһардаах удаҕан диэн аатынан билэр. Оттон чугас билэр дьоно кинини Аана, Аана эмээхсин диэнинэн ордук билэллэр. Кырдьыбытын кэннэ киниттэн: «Иккистээн эргиллэн төрүөҥ дуо?» — диэн  ыйыппыттар. Онуоха кини олоро түһэн баран эппит: «Дьэ, билбэтим, арааһа суох буолуо. Ол дойдуттан киһи иккистээн эргиллэн төрүүрүн кыайан билбэппин». «Инникитин Лүүчүҥҥэ төһө ойуун үөскүөй?» — диэн ыйытыыга маннык эппиэттээбит: «Лүүчүҥҥэ наһаа элбэх ойуун үөскээн сырытта. Саҥа хабараан былаас кэллэ.

Кини ойууттары бобуоҕа, кыыллыаҕа. Ойууннааһын, уопсайынан даҕаны, сүтэ быһыы- тыйыаҕа. Лүүчүн сирэ ойууттартан сынньаныаҕа.Саҥа былаас сэттэ уон сыл туруоҕа. Бу былааһы былааска ыттыбыт дьон бэйэлэрэ суулларыахтара. Оттон дьиҥнээх ойууттар бу Лүүчүн сириттэн атын сирдэргэ кэргэн тахсан барбыт дьахталлар ыччаттарын утумнарыгар үөскүөхтэрэ». «Саха дьоно инники кэскилбит хайдах буолуой?» — диэн ыйытар дьон баар эбиттэр. Онно Улуу удаҕан ыксыыра, долгуйара үһү. Үксүн эппэккэ эрэ, маннык эппитин этэн аһарар сөп: «Оо!

Дьэ! Кытаанах! Кытаанах! Бу саҥа кэлбит былаас сууллан да, үтүө кэлбэтэ. Иҥсэ-хоҥсо дэлэйдэ.

Сири үлтү сүргэйиэхтэрэ. Умайар убаҕаһы хаһан таһаараннар, улахан эргиэн буолуо. Ол убаҕас кыайан дьаһаллыбакка сири-дойдуну тунуйуо. Иһэр уу, салгын бүтүө, биир испиискэ маһын уматан баран сиргэ бырахтыҥ да уулуун, ойуурдуун, салгынныын барыта умайар кутталланыа.

Дьэ, билбэтим, итини туох кыайыан, туох тохтотуон?! Оттон тимир тиһилик ыллыгынан уоту- нан уһуурар уһун субурҕа сыарҕалаах улуу дьаалы оҕустарынан соҕурууттан, арҕааттан от-мас ахсааҥынааҕар элбэх киһи кэлиэҕэ». Аана Ийэ Айылҕатын олус таптыыра, ис сүрэҕиттэн иэйэн, Ийэ Кутунан таптаан, Буор Кутунан сөбүлээн, Салгын Кутунан ылынан, Сүдү Сүрүнэн өтө билэн харыстыыра, көмүскүүрэ. Кини намчы иэйиилээх Кута-Сүрэ, үрдүк өйө,уһулуччу талаана, Үөһээттэн анала барыта Ийэ Айылҕатын кытта ситимнээҕин үчүгэйдик өйдүүрэ. Ол-бу араас ойууттар алҕанабыт, алгыыбыт диэн дархаһыйдахтарына этэрэ: «Күтүрдэр! Сыыһа саҥарымаҥ! Ол эһиги суолгутун араас абааһыларынан арынаргыт, кээлээнигитин ыҥыраргыт, бэйэҕитин киһиргэнэн туонаргыт, турукка киирэргит алҕаныы уонна алгыс үһү дуо? Уоккут да иччитигэр, түөлбэлэргит да иччилэригэр сатаан алҕаабаккыт. Ол-бу абааһы кэптээх тыллары кыбытаҕыт. Абааһыта суох сатаммаккыт. Өбүгэбит Дуоҕа Боотур алгыстара дьиҥнээх алгыстар буолаллар. Билигин ити Тумус Мэхээлэ үчүгэйдик аттыыр. (Урут Тумус Мэхээлэ — Михаил Захарович Игнатьев диэн I Лүүчүн ойууна баара. Кини Ааналыын биир кэмҥэ үөскээн-төрөөн олорон ааспыттара.) Алгыс диэн Үрдүкү Таҥаралартан көрдөһүү, үҥүү-сүгүрүйүү, дьоҥҥо, Ийэ айылҕаҕа үтүөнү ыҥырыы, айыы тыыннаах сиэр-туом ааттанар буолуохтаах». Кэлин сааһыран баран: «Саҥа былаас 70 сыл туруоҕа, онтон сууллуоҕа. Туох дьиктитэ буолла?! Киһи барыта эмчит буолан турбут, бары көтөөрү гыммыт көтөр оҕотун курдук сапсыахайдаһаллар. Эмтиир быһыылара дуу, ити?! Дьиҥнээх эмчиттэр олус аҕыйахтар. Кинилэртэн ордуктара, бастыҥнара үөһэ тахсыахтара. Сахалыы эмтээһин баар буолуоҕа», — диэбиттээх. «Сэрии иэдээннэрэ буолуохтара. Ол гынан баран сэрии иэдээннэрэ чэгиэн эккэ кыра оһол бааһа түргэнник оһорун курдук, сотору ааһыахтара. Дьон-сэргэ олоҕо тупсуоҕа. Оттон айылҕа алдьаныытын, уу, салгын сүһүрүүтүн иэдээнин туох кыайыа-хотуо эбитэ буолла?! Арааһа алдьархай, уопсай өлүү-сүтүү итинтэн тахсара буолуо», — диэн өтө көрүүтүн эппитэ киһини элбэх курус санааларга киллэрэр.

Ол эрээри, хайыахпытый?! Аар Айыыларбытыгар үҥэн-сүгүрүйэн, Үрдүк Дьүүллээх үрүҥ Аар Тойонтон үрдүк үтүө дьүүлү, ыпсары ыйыыны оҥороругар көрдөһөн, Одун-хаан, Чыҥыс-хаан Аар Тойон аналлаах дьаһалынан оҥоһууну, Күн Күбэй Хотун көмүскэ тыын ыйааҕы таһааралларыгар, Дьылҕа Тойон үтүөнү дьылҕалыырыгар, Дьурантаайы Суруксут ону суруйарыгар, Сүдү Күүстээх Сүҥ Дьааһын Тойон Улуу Аар Айыы уотунан алыастыырыгар, арчылыырыгар, Улуу Хотой көмүскүүрүгэр, Уордаах Күрүө Дьөһөгөй Тойон, Ала Мылахсын уостубат уйгуларынан, быстыбат быйаҥнарынан алгыы-силии, абырыы туралларыгар, Ахтар Айыыһыппыт аргыстаһарыгар, Эдьэҥ Иэйэхсиппит эҥэрдэһэригэр сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн тураммыт, күн аайы Улуу Алгыһы этиэҕиҥ! Аан Дойдуну абыраан, аһатан турар Ийэ Айылҕабыт алдьанан-кээһэнэн аам-дьаам, алдьархай ааҥнаабатын туһугар Аар Айыылартан көрдөһүөҕүҥ! Алдьаныы-кээһэнии Айыым дьонун алдьаппатын,  алгыстаах олохторун айгыраппатын, сир дьоно симэлийэн, сүтэн хаалбаттарын туһугар өйдөөх сүппэт тылы этиэҕиҥ! Унаар күөх урсуннаах улуу айылҕабыт уостан-сүтэн хаалбатын,  Аар Айыы абырыыр күүһэ алдьатар дьайы үтэйэрин туһугар, Аар Тойон абыраллаах көмүскэлин ыҥырыаҕыҥ! Уһун үйэлэргэ иитэр-аһатар, итиэрэр-таҥыннарар Ийэ Айылҕабыт, абырыыр күөхпүт уостубаттарын, ыраас халлааммыт саппаҕырбатын, күлүмүрдэс уубут көлбөҕүрбэтин, үрүҥ күммүт өлбөөдүйбэтин, тыынар тыыннаах быстыбатын, киһи аймах  кэхтибэтин, уҥуоргута көстүбэт унаар күөх хонууларбыт урусхалланан сүппэттэрин туһугар тылла этиэҕиҥ! Бүппэт Улуу Куйаартан ыраах  баран сүппэтэх Сүдү Эдьиийбит – Дьиҥнээх, Кырдьыктаах, киһи барыта ылынар Эдьиийэ — Улуу Аана эмиэ көмөлөстүн!

Домм! Домм! Домм!

Чолбон. – 2008. — №3.

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар