Бу түөрт уон сэттэ сыл анараа өттүгэр, 1936 сыллаахха муус устар ыйга этэ. Саха Киин Ситэриилээх Комитетын VIII ыҥырыылаах үһүс сессията буола турара. Бэҕэһээ СКСК председателэ Александр Гаврильевич Габышев дакылаата буолбута. Дакылаакка Саха правительствотын отчуотунан сибээстээн, Бүтүн Союзтааҕы Киин Ситэриилээх Комитет сессията таһаарбыт уураахтарын уонна Саха сирин сайдыытын инники кэскилин тустарынан бэрт киэҥник, дьоһуннук, олохтоохтук кэпсэммитэ.
Оччотооҕуга мин республика Үбүн комиссариатыгар үлэлиир сүүрбэ түөрт саастаах эдэр киһи этим. Ол улахан мунньахха ыҥырыллан, чиэскэ тиксэн, СКСК дьиэтин (кэлин СГУ ректората буола сылдьыбыта) мунньахтыыр саалатыгар лыык курдук ыга симсибит дьон быыһыгар кылаллан олорбутум.
Бэҕэһээ киэһээҥи уонна бу сарсыардааҥы мунньахтарга А.Г. Габышев дакылаатыгар киэҥ кэпсэтии тэнийэн барбыта.
– Тыл барар Платон Алексеевич Ойуунускайга! – диэн мунньах председателэ биллэрбитэ.
Мин Ойуунускай аатын истээт, чөрбөс гына түстүм. Ойуунускайы оччотооҕуга диэри көрө илигим. Кини албан аата үгүстүк дьон-норуот уоһуттан түспэккэ ааттанарын кыра оҕо сааспыттан истэрим, оттон суруйууларын оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан умсугуйан ааҕарым. Мин 1931 сыллаахха Якутскайга үөрэнэ киирбит сылбар, Платон Алексеевич Москваҕа аспирантураҕа үөрэнэ барбыт этэ уонна 1935 сыллаахха Якутскайга эргиллэн кэлбитэ. Мин, техникуму бүтэрээт, оройуоҥҥа тахсыбытым итиэннэ соторутааҕыта Якутскайга үлэлии киирбитим. Онон Ойуунускайы илэ бэйэтин, өссө тыл этэрин истэр дьол бу эрэ тиийэн кэлбитэ.
Мин саалаҕа инники соҕус миэстэҕэ олорорум да, Ойуунускайы көрөөрү гыммыт омуммар, өндөйөн, моонньубун уһата-уһата, одуулаһыы бөҕө буоллум.
Намыһах уҥуохтаах, хатыҥыр, сабыс-саҥа сиэрэй көстүүмнээх, маҥан сорочкалаах, хара хаалтыстаах, баттаҕын кэлтэччи тарааммыт, ачыкылаах, нарын сирэйдээх, ыраас хааннаах Платон Алексеевич оргууй аҕай хааман трибунаҕа таҕыста. Саһархай өҥнөөх чараас паапкатын аһан, этэр тылын тезиһин таһаарда. Ачыкы нөҥүө дириҥник хаһылыйбыт сырдык саһархай харахтарынан саалаҕа мустан олорооччулары сылаастык көрүтэлээтэ, сирэйэ эйэҕэстик мичилийдэ. Кини ол мичээригэр үөлээннээхтэрин, Саха Киин Ситэриилээх Комитетын чилиэннэрин үөнна мунньах ыалдьыттарын барыларын кытта ис сүрэҕиттэн ытыктаан эҕэрдэлиирэ көстөн ааста.
– Күндү табаарыстар!– диэн Платон Алексеевич сахалыы намыыннык эттэ.
Инники кэккэҕэ республика салайааччыларын кытта сэргэстэһэ олорор партия Саха уобаластааҕы комитетын бастакы секретара Павел Матвеевич Певзняк, Ойуунускай этиитин сахалыы саҕалаабытын истээт, тылбаас радионан кэлэр аппаратын хаба тардан ылан, кулгааҕар даҕайда.
– Биһиги күнтэн күҥҥэ үрдүү-үүнэ турар омук буолабыт, биһиги саҥа советскайдыы быһыылаах омук буолабыт, биһиги капитализм саарыстыбатыгар хаһан, ханна даҕаны оҥоһуллубатах саамай инники, саамай үрдүкү культураны тутабыт, – диэн Платон Алексеевич этиитин саҕалаата.
Кэрэ сэбэрэлээх Платон Алексеевич ып-ырааһынан көрөн, тупсаҕайдык туттан-хаптан этэн-саҥаран киирэн барбыта истэн-көрөн олорорго үчүгэйэ, сонуна, кэрэтэ бэрдэ.
Мин кини этэр тылын өйбөр хатаатарбын, тугу эмэни иҥиннэрэн хаалларбын дии санаан, кулгаахпын сэгэтэн, дьүһүнүн, туттунуутун тонолуппакка одуулаан, сөҥ, лоп-бааччы куолаһын, этэр тыла олохтооҕун, ууһун сонурҕаан истэ олордум. Ол быыһыгар, өйдүү биэрэн, Ойуунускай бэйэлээх этиитин хайалара тылбаастаан эрдэҕэ буолла диэн, аппараты харбаан ыллым. Василий Иннокентьевич Коркин, ама доҕор, кини киһи, нууччалыы тылбаастаан, тылыттан тылыгар уот харахха түһэрэн, хабылыннаран ахан эрэр эбит.
Саала иһигэр уу-чуумпу. Дьон хараҕа Платон Алексеевичка хатаммыт. Манна киһи биири өссө ордук бэлиэтии көрөрө баара. Ол сессия кыттыылаахтара Ойуунускай этиитин өртөн күүппүт, көһүппүт, ахтыбыт курдук истэллэрэ. Буолуо да суоҕа дуо?! Платон Алексеевиһы истибэтэхтэрэ ырааттаҕа дии. Онно эбии үөрэнэн-сайдан, сахалартан маҥнайгынан ученай, филологическай наука кандидата буолан кэлэн турара.
Платон Алексеевич этэр саҥата улам уоҕуран-күүһүрэн барбыта. Кини куолаһа киэркэйэн, эпчимирэн, ыйааһыннаах тыллары тамнааттыы турбута. Саҥарар саҥатыттан кини үтүө мөссүөнэ ордук кэрэтийэн, сүдүтүйэн көстөрө.
Кини бэйэтин этиитигэр икки боппуруоска – тыл уонна саха литературатын тустарынан тохтообута.
Мин онно өйдөөн хаалыыбынан Платон Алексеевич саха тылын социалистическайдыы олох тутуута бэркэ байытта, аны фонетическай система кыараҕа, сөбө суох, улахан хаарчахтаах форма буолбута дьэҥкэтик көһүннэ диэбитэ.
Тылбыт байыытын, сайдыытын көрдөххө, киниэхэ морфологическай система олохсуйан, кини сокуоннара тэнийэн эрэллэр, биһиги тылбыт формата ол курдук сайдан барыан сөптөөх диэн бэлиэтээбитэ. Итинтэн түмүктээн П.А. Ойуунускай алфавит, термин, орфография боппуруостарын хайаан да бэрт сотору көрөн быһаарыах тустаахпыт диэн этии киллэрбитэ. Оттон саха литературатын туһунан боппуруоска кини биһиги билиҥҥи саха литературата кылаас охсуһуутун уонна билиҥҥи бириэмэтээҕи социалистическайдыы олох тутуутун геройдарын, кинилэр кыайыылаах-хотуулаах охсуһууларын көрдөрөр буолан эрэрин, саха суруйааччыларын маҥнайгы ситиһиилэрин бэлиэтээн туран, П.А. Ойуунускай саха суруйааччылара бу айымньыларын уустук-ураннык ойуулаан, тыыннаах кырааскалаан биэриилэрэ өссө даҕаны кыайтара илик диэбитэ. Түмүгэр саха үлэһит норуотун талааннара уоҕуран, эпчимирэн күүскэ үүнүөхтэрэ, саха суруйааччыларын ырыалара-тойуктара, кэпсээннэрэ, сэһэннэрэ, драмалара улуу тутууга көмө буолуохтара диэн эрэмньитин эппитэ.
Платон Алексеевич бу этиитэ киһи сүрэҕэр, дууһатыгар сүппэттик иҥэр дьиҥ дириҥ ис хоһоонноох, эйэҕэс, үтүө, сырдык тыыннаах, инники ыҥырар ыралаах тыллар этилэр. Ол курдук саха латературатын историятыгар даҕаны хааллаҕа буолуо дии саныыбын. Онно, кини этиитигэр, саха литературатын аҕата бэйэтин оҕолоругар кэс тылын этэн эрэрин истэн хаалбытым. Бу кэс тыл – өйдөтөрдүү, сүбэлиирдии, үөрэтэрдии истиҥ, ылыннарыылаах буолан уһулуччу күүстээх этэ.
Платон Алексеевич саха советскай литературатын кэскилин туһунан чуолаан сессияҕа аан маҥнайгынан этиитэ улахан сонун этэ, норуот талыылаахтара бэркэ сэҥээрэн, биһирээн астына истибиттэрэ.
Онно Ойуунускай дьоһуннаахтык этэ-тыына турара миэхэ өйбөр умнуллубаттык хатаммыта итиэннэ кини кэрэ дьүһүнэ-бодото харахпар субу баарга дылы.
Саха Киин Ситэриилээх Комитетын сессията үлэлээн бүппүтүн кэнниттэн, Платон Алексеевич Ойуунускай салалтатынан, партия Саха уобаластааҕы комитетын секретара Николай Николаевич Окоемов уонна Саха АССР үөрэҕин наркомун солбуйааччы Иван Михайлович Романов кыттыыларынан саха литературатын сайдыытын боппуруоһугар аналлаах мунньах буолбута. Ол мунньахха ыҥырыллан, быстах-остох да буоллар, тыл этэн, кыттыыны ылбытым. Бу саха литературатын боппуруоһугар мин аан маҥнайгы орооһуум этэ. Манна Платон Алексеевич Ойуунускай, (кини оччолорго Тыл уонна культура институтун директора итиэннэ Саха сирин Суруйааччыларын союһун бырабылыанньатын председателэ этэ), мунньахха буолбут кэпсэтиини түмүктээн дириҥ, ис хоһоонноох тылы эппитин истибит дьоллоохпун.
***
Онтон ыла Платон Алексеевиһы хаста да Суруйааччылар союзтарыгар, Тыл уонна культура институтугар, куоракка буолуталыыр мунньахтарга көрсүтэлиирим.
Биирдэ кини миигиттэн ыйыппыта:
– Бырдьакаанап, эн хайа диэкигиний?
– Уус-Алдаммын, уруккута Бороҕон.
– Һок, – диэн эйэҕэс баҕайытык мичик гыммыта. – Этэрбэстэрин айаҕар дьыалалаах бороҕоттор сиэннэрэ эбиккин дии.
Ойуунускай бэйэтин улаханнык туттубакка, миигин, дьон-сэргэ ортотугар саҥа көстө сатаан эрэр уолу кытта эйэҕэстик кэпсэппитэ истиэххэ, саныахха үчүгэйэ бэрдэ.
1937 сыллаахха, сааһыары кыһын күнүс үлэлии олордохпуна, секретарь кыыс, хос аанынан сирэйэ мылтайан туран эттэ:
– Эйигин Михаил Иванович ыҥырар.
Ити – Михаил Иванович Жельвис-Кузнер диэн оччотооҕуга Саха АССР Үбүн народнай комиссара. Кини омугунан латыш, Үп академиятын бүтэрбит үрдүк үөрэхтээх, сайдыылаах, киэҥ билиилээх, толуу көрүҥнээх, кыырыктыйан эрэр будьуруйбут баттахтаах, кыраһыабай дьүһүннээх киһи этэ. Кини үтүө майгылааҕа, биһигини, саҥардыы үлэһит буолан тумуһурдаан эрэр дьону, аҕалыы ис сүрэҕиттэн үөрэтэрэ, сүбэлиирэ, дьон-үлэһит оҥорорго кыһанара. Кини миэхэ, билиҥҥинэн эттэххэ, дьиҥнээх наставник буолбута, элбэххэ үөрэппитэ, такайбыта. Мин кинини, латыштар биир дьоһуннаах уолларын, үтүө киһи, учууталым быһыытынан өйдүүбүн, махтанабын, умнубаппын, кэриэстиибин. Москваҕа «Новодевичей» кылабыыһаҕа кини уҥуоҕар сүгүрүйэн сибэкки уурааччыбын.
Нарком кабинетыгар киирбитим, П.А. Ойуунускай кэлэн олорор.
– Билсэн кэбиһиҥ, бу мин солбуйааччым табаарыс Протодьяконов, – диэтэ Жельвис-Кузнер.
– Билсэбит, кини биһиги эдэр суруйааччыбыт, – диэн Платон Алексеевич, үөрэн мичээрдээн, миигин арбаата. Мин соччо суруйааччы буола илик киһи кыбыһынным, мух-мах буоллум, туох да саҥата суох турдум.
– Бу көрдөһүүнү көрүөххэ уонна көмөлөһүөххэ наада, – Жельвис-Кузнер, дьэҥкир муос иилээх ачыкы нөҥүө халлаан күөҕэ хараҕынан арылыччы көрөн, машинкаҕа бэчээттэммит, Ойуунускай илии баттааһыннаах кумааҕыны миэхэ туттаран кэбистэ.
Тыл уонна культура институтун директора П.А. Ойуунускай норуот ырыаһыттарын айымньыларын, фольклору хомуйарга, саха олоҥхолорун суруйарга үп көрдөспүт. Саха олоҥхоһуттара ахсааннаах хааллылар, норуот уһулуччулаах айымньылара олоҥхо сүтэр, суох буолар куттала үөскээтэ, бириэмэ баарына, өрүсүһэн, олоҥхону суруйтарбахтаан хаалыахха диэн кини бэйэтин суругар ыйбыт этэ.
Оччотооҕуга Саха сиринээҕи Тыл уонна культура института Саха АССР Народнай Комиссардарын Советын иһинэн этэ итиэннэ олохтоох бюджеттан үбүлэнэрэ. «Көрүөххэ уонна көмөлөһүөххэ» диэн нарком ыйыы биэрбитэ бэрт чуолкайдык өйдөнүллэрэ. Мин ону үөрүүнү кытта толорбутум уонна Платон Ойуунускай оҥорор, тэрийэр кэскиллээх биир үлэтигэр, кыратык да буоллар, өйөһөн хайдах эрэ санаам үрдээбитэ, киэн туттар курдук буолбутум. Ол барыта Ойуунускайы үрдүктүк сыаналыырым, ытыктыырым, сүгүрүйэрим туоһута буолуохтаах.
***
1957–1962 сс. П.А. Ойуунускай сэттэ томнаах литературнай нэһилиэстибэтин таһаарар правительственнай комиссия председателинэн үлэлээбитим. Комиссия маннык састааптаах үлэлээбитэ: В.А. Протодьяконой–Кулантай (председатель), С.И. Неустроев (солбуйааччы председатель, оччотооҕуга Саха АССР Министрдэрин Советын председателин солбуйааччы), чилиэттэр: Н.Е. Мординов–Амма Аччыгыйа, М.Новиков–Күннүк Уурастыырап, Р. Кулачиков – Эллэй, 3.В. Гоголев (оччотооҕуга ТЛИНЧИ директора), Л.Н. Харитонов, профессор уонна Г.С. Сыромятников (оччотооҕуга Саха сиринээҕи кинигэ издательствотын кылаабынай редактора).
Бастакы алта том Ойуунускай бэйэтэ Москваҕа бэчээттэтэн испит оттискатынан таһаарыллыбыта. Ол иһии ити томнар истэригэр матырыйаалы аттаран туруоруу сүнньүнэн автор бэйэтин киэнинэн барбыта.
Сэттис тому суруйааччы бэйэтэ тыыннааҕар бэчээттэппит матырыйаалларын оччотооҕу хомуурунньуктартан, сурунааллартан уонна хаһыаттартан хомуйан, кылгас комментарийдаан Г.Г. Окороков бэчээккэ бэлэмнээбитэ.
Ол курдук П.А. Ойуунускай айымньыларын сэттэ томҥа түмэн, чөмчөтөн таһаарыы, киниэхэ, партия, норуот төлөннөөх уолугар, таптал, махтал, ытык кэриэстэбил бэлиэтэ этэ.
***
Мин айар үлэнэн дьарыктанан, «Туйаара» диэн пьесабын суруйа сырыттахпына, 1969 сыллаахха муус устар ыйга Саха сирин Суруйааччыларын союһун бырабылыаньатын председателэ Семен Петрович Данилов, эппиэттиир секретара Моисей Дмитриевич Ефимов ыҥыран ыллылар уонна Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан литературнай музейы тэрийиигэ үлэлээ диэтилэр.
Кэпсэтии олох көһүппэтэх өттүбүттэн буолан таҕыста. Тэрийэр, салайар, сүүрэр-көтөр үлэттэн тэйбитим да ырааппыта уонна музейы тэрийии бэйэтэ туспалаах, уратылаах үлэ, идэ буолар буоларынан миэхэ ыарахан этэ. Ол гынан баран, партия, норуот ньургун уолун, Саха советскай литературатын төрүттээбит, уһулуччулаах суруйааччы, общественнай государственнай деятель, ученай Платон Алексеевич Ойуунускай албан аатын үйэтитэр музейы тэрийэр наадалааҕын истээт, харса суохпар түһэммин, тугун-ханныгын билбэт да эрээрибин сонно тута «ээх» диэн саҥа аллайан сөбүлэһэн кэбиспитим.
Музейы тэрийэр туһунан уураах тахсыбыта хайыы-үйэ икки сыл буолбут. Ол тухары да туох да хамсыы илик эбит. Октябрьскай уулусса 22 нүөмэригэр, урут Платон Алексеевич олор музей тэриллиэхтээх дьиэтигэр тиийдим. Бэрт өрдөөҕүтэ, революция быдан иннинэ тутуллубут, билигин сиргэ тимирбит, тохтон түспүт, ол да буоллар өссө түөрт-биэс кэргэн ыал олорор дьиэтэ буолан биэрдэ. Кини тэлгэһэтигэр икки кэргэн ыал олорор эмиэ сытыйбыт дьиэтэ турара. Уһаайба бүтүннүү ууга устан, дьоннор талаһанан сылдьаллара.
Итини барытын көрө-истэ, мин бөтө бэрдэрэн турдум. Барыта сэттэ дьиэ-кэргэн көһөрүллүөхтээх, кинилэр куһаҕан дьиэҕэ барбаттара биллэр, сорохтор таас дьиэҕэ эрэ барабыт диэхтэрэ, Ойуунускай олорбут дьиэтэ музей дьиэтигэр сөптөөх гына оҥоһуллуохтаах, олбуор иһигэр турар дьиэ көһөрүллүөхтээх, уһаайба бүтүннүү ол-бу сарайдартан, бөхтөн-сахтан уулуун-хаардыын ыраастаныллыахтаах. Музей киэргэтиилээх саҥа олбуорунан иилии эргитиллэн дьэргэйиэхтээх. Оҥоруох диэтэххэ, эл үлэлээх уонна күчүмэҕэйдээх буолан таҕыста.
Мин, саҥа музейы тэрийиигэ, төһө да ыарахана көстөн турарын үрдүнэн төттөрү түһэр, аккаастанар санаам суох, ылынным да эрэйдэнэн көрүүм диэн буолла.
Ити «эрэйдэнэн» көрүүм диэн санаа, дьиҥэр даҕаны, чахчы «эрэйдэнии», һаллыы буолан испитэ. Ыалы көһөрүүгэ, кинилэргэ сөптөөх квартиралары булан биэриигэ жилуправление, горсоветуонна нарсуд икки ардыларыгар лоп курдук түөрт ый сүүрдүм. Улахан эрийсии бөҕөнөн ыаллар көһөрүллүбүттэрэ, дьиэ босхоломмута.
Аны капитальнай өрөмүөҥҥэ турунаары гыммыппытыгар, эмиэ атын улахан мэһэй күөрэс гына түстэ. Жил управление дьиэ капитатальнай өрөмүөнүн бырайыагын, дьиэҕэ тус-туспа ыаллар-кэргэттэр олорор хосторун хайдах быыһанан, ханан киирэр-тахсар ааннанан, эҥиннэнэн олорбуттарай да, сонон уларыппакка оннунан хаалларан кэбиспит. Дьиэ капитальнай өрөмүөнүн ыытыы бырайыага, сметата ити курдук оҥоһуллан хаалбыт. Онон бу бырайыак быһыытынан дьиэ өрөмүөнүн ыытар буоллахха, музейы тэрийиигэ ханан да табыллыбат буолан таҕыста. Оттон саҥа бырайыак, смета оҥоһуллуутун жилуправление уонна Бырайыактыыр институт, былааҥҥа көрүллүбэтэҕинэн кыккыраччы аккаастаан кэбистилэр.
Мин тула холоруктаан хааллым. Сайын бүтэн, күһүн тиийэн кэллэ. Музей хайдах тэриллиэхтээҕин толкуйдаан, экспонаттары хайдах аттаран туруорары барыллаан көрөн баран, дьиэ капитальнай өрөмүөнүн ыытыыга мин бэйэм чертеж оҥордум уонна «Якутремстрой» трест салайааччыларыттан, барытын олохтоохтук быһааран туран, бу мин оҥорбуг чертеһым быһыытынан дьиэ капитальнай өрөмүөнүн ыыталларыгар уонна төлөбүрүн төһө хоромньу тахсарынан ааҕалларыгар көрдөстүм. Ону кинилэр, Ойуунускай үрдүк аатын ытыктыыллара бэрт буолан уонна музей тэриллэрэ наһаа уһаары гыммытын учуоттааннар, ылыннылар.
Капитальнай өрөмүөннээһин, дьиҥинэн, үгүс өттө саҥа тутуу, саҕаланна. Музей дьиэтэ баар буолар суолугар үктэннэ. Ол гынан баран, аны атын, өссө улахан «кыһалҕа» миигин ыга ылла. Ол тугуй? Ол маннык этэ. Музейы тэрийиигэ туохтааххыный? Көрдөрүүгэ туруоруохха айылаах туох экспонаттар баалларый?
Платон Алексеевич охсуһуулаах олоҕун уонна баһаххай үлэтин көрдөрөр, саха советскай литературата хантан, хайдах кырыс тардан үүммүтүн, чэчирии сайдыбытын кэпсиир экспонаттар миэхэ биир да суоҕа. Ол аата музейы эн туоххунан аһаары гынаҕын диэн буолан таҕыста. Миигин тула холоруктааһын эмиэ тууйа тутта.
Музей тэриллэ илик, аппарата суох, мин чороҥ соҕотохпун. Хайыамый, Ойуунускай уонна саха литературатын туһунан суруйуулары, докумуоннары, фотографиялары, кинигэлэри, маллары куоратынан-тыанан, билэр-билбэт дьоммунан хомуһан бардым. Маныаха Саха АССР народнай суруйааччыта Д.К. Сивцев–Суорун Омоллоон улаханнык көмөлөспүтэ, экспозициятын оҥорсубута элбэхтик сүбэлээбитэ-амалаабыта. «Отонноотоххо оҥоойук туолар» диэн саха муударай өһүн хоһооно этэринии, көрдөөн булан-талан истэхпит аайы, матырыйаалбыт, малбыт үөтэлээн барбыта.
П. А. Ойуунускай аатынан литературнай музейы тэрийии итикурдук саҕаламмыта. Музей тутуллан, оҥоһуллан, тэриллэн лоп курдук ыйыллыбыт болдьоххо, 1970 сыллаахха муус устар ыйга Владимир Ильич Ленин төрөөбүтэ 100 сылын туолар үрдүк үөрүүлээх күнүнү көрсө аһыллыбыта. Онтон салгыы ССРС уонна Саха АССР тэриллибиттэрэ 50 сылларын туолуутутар эбии икки саҥа тутууну – саха моҥол ураһатын – норуот уус-уран тарбаҕын, мындыр өйүн кэпсиир салаатын итиэннэ П.А. Ойуунускай төрөөбүт, улааппыт балаҕанын үтүгүннэрэн, толору ис тээбириннээн, оҥорон үлэҕэ киллэриллэн, П.А. Ойуунускай аатынан литературнай музей ордук сиппитэ-хоппута уонна киэркэйбитэ.
П.А. Ойуунускай аатынан музей тэриллибитин республика салалтата, общественноһа биһирээн өйөөбүттэрэ, улахан көмөнү оҥорбуттара. Икки мэндиэмэннээх саҥа таас дьиэ музейга анаан тутуллан 1981 сыл күһүнүгэр үлэҕэ киирбитэ. Музей өссө ордук тупсубута. Быйыл П.А. Ойуунускай олоҕун тиһэх күннэригэр олоро сылдьыбыт дьиэтигэр аны кини хайдах олорбутай да ол туһунан көрдөрөр, кэпсиир мемориальнай музей оҥоһуллан аһылынна.
Литературнай музей тэриллиитэ бу Платон Алексеевич Ойуунускай сырдык аатын үйэтитии, Саха сирин үлэһиттэрин бүттүүннэрин киниэхэ умнуллубат барҕа махталларын бэлиэтэ буолар.
Литературнай музейга республика эдэр ыччата, араас идэлээх дьоно, ону тэҥэ бырааттыы республикалар, кыраныысса таһыттан делегациялар үгүстүк ыалдьыттаан ааһаллар. Музей аһыллыаҕыттан ыла хайыы-үйэ икки сүүстэн тахса тыһыынча киһи сырытта. Музей билигин П.А. Ойуунускан олоҕун, айар үлэтин уонна саха литературатын сайдыытын пропагандалыыр киининэн буолла.
Күннэр-дьыллар аастылар. Платон Алексеевич Ойуунускай Ийэ дойдутун, норуотун туһугар уһулуччулаахтык охсуһан, албаннаахтык айан ааспыт историческай кэрдиис кэмин туоһутунан буолар чиэскэ тиийэн кэллибит. Быйыл сэтинньи ыйга Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 90 сылын туолар юбилейын республика общественноһа киэҥник бэлиэтиир.
Билигин биһиги музейбыт коллектива саха норуотун ньургун уола, бастыҥ талааннаах ырыаһыта, саха суруйааччыларын тапталлаах убайдара Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 90 сылын туолар үөрүүлээх юбилейыгар бэйэтин сэмэй үлэтинэн кытынна диэн этэр толору бырааптаахпыт.
Василий Протодьяконов,
П.А. Ойуунускай аатынан литературнай музей директора,
РСФСР уонна САССР Культуратын үтүөлээх үлэһитэ.
Чолбон. — 1983с. — № 10