Саха тылынан аан бастаан суруллубут «Убарыскай ахтыыта» диэн айымньыны суруйан хаалларбыт киһинэн Афанасий Яковлевич Уваровскай буолар. Уваровскайдар диэн ааттаах-суоллаах дьон Россия хотугулуу-илиҥҥи уһугар, чуолаан Саха сиригэр, XVIII үйэ бастакы аҥаарыттан саҕалаан биллэллэр. Ол курдук, Иван Уваровскай диэн араспаанньалаах хаһаактар суотунньуктара Дьокуускайтан Камчаткаҕа тиийэн, бирикээсчик сололоох атамаан Владимир Атласовы өрө турбут хаһаактар саба түһэн өлөрбүт буруйдарын-суҥхаларын силиэстийэлээбитэ уонна онно хаһаак И. Козыревскай баһылыыр оруоллааҕын быһаарбыта. Ол алдьархайдаах быһылаан 1711 сыллаахха олунньу 1 күнүгэр буолбута эрээри, силиэстийэ айдааннаах түбэлтэ хас эмэ сыл ааспытын кэннэ эрэ ыытыллыбыта.
Саха сирин историятыгар аан бастаан ити этиллэр Уваровскай диэн араспаанньалаах киһи, ол саҕана үтүө төрүттээх уонна дэҥҥэ көстөр үөрэхтээх эрэ буолан, нуучча бардамсыйбыт хаһаактарын этэрээтин салайар-дьаһайар дуоһунастаммытын бэлиэтиибин. Кинини поляк төрүттээх буолуон сөп диир эмиэ оруннаах. Ити кэмҥэ Сибииргэ сэриигэ билиэн түбэспит бэрт элбэх полягы сыылкаҕа, үксүгэр сулууспалаах дьон тиийбэтинэн ыктаран, араас кыра уонна орто дуоһунаска анаан, соҕурууттан ыыталлара. Киһибит араспаанньатыгар «скай» диэн сыһыарыы холбоспута кини арҕаа славяннартан төрүттээҕин эбии туоһулуур. Оттон «увар» диэн тыл төрдө-төбөтө отой да латинскай тылга сыстарынан уонна «кривоногий», ол аата «маадьаҕар» диэн тылбаастанарынан сыаллаатахха, Уваровскайдар былыр католическай итэҕэли поляктар сиэрдэринэн ылынан сылдьыбыттар диэн лаппыйан этэр, хайаан да, тоҕоостоох.
Салгыы кэпсээтэххэ, 1736 сыллаахха хаппыраал чыыннаах Уваровскай, ыраах Юдома уонна Урак диэн үрэхтэр икки ардыларынан ааһар, Охотскайга тиийэр суолу ыраастаппытын туһунан сибидиэнньэ эмиэ баар. Биллэрин курдук, ити кэмҥэ Бастакы Камчатскай экспедиция, инньэ Санкт-Петербургтан кэлэн, капитан-командор Витус Беринг салалтатынан үлэлиир кэмэ этэ. Итиннэ ахтыллар Уваровскай Камчаткаҕа өр кэмҥэ дьаныардаахтык үлэлээн, олохтоох омуктар ытыктабылларынан туһаммыт эбит. Ол туоһутунан, 1757 сыл ахсынньытыгар Дьокуускайга Камчаткаттан кини араспаанньатын бэйэтигэр ылынан христианскай таҥара миэрэтинэн сүрэхтэммит «төрүт камчадал Уваровскай» кэлэн соҕуруу ааспыт.
Саха сиригэр дьаһаах хомуурун бэрээдэктиир сорудахтаах Дьаһаах бастакы хамыыһыйатын чилиэннэрэ Дьокуускайга 1761 сыл, кулун тутарыгар кэлбиттэрэ биллэр. Саха сирин бойобуодата Ф. Чередов байаар ыччата (сын боярский) Михаил Уваровскайга Үөһээ Дьааҥы, Алын Дьааҥы, Эдьигээн, Орто Бүлүү, Алын Бүлүү, Зашиверскай остуруогун эргин олорор олохтоох омуктары ааҕан, биэрэпис ыытарыгар сорудахтаабыта. Дьаһаах хамыыһыйата үлэтин саҕалыырыгар кини баара-суоҕа Зашиверскай остуруогун уонна Орто Бүлүү симиэбийэтин эрэ тула олорор биэрэпискэ хабыллыбыт сахалар ахсааннарын биэдэмэскэ түһэрэн биэрбитэ. Ити кэннэ Өлүөхүмэ остуруогар 1765 сыллаахха хамыһаарынан эмиэ кини, Михаил Уваровскай, үлэлээбит. Уваровскай Амма бааһынайдарын Өлүөхүмэ сиригэр көһөрөн, бурдук ыһыытынан дьарыгыралларыгар сорудахтаабытын Г.П. Башарин суруйан турар.
Дьокуускай куоракка олорор сулууспалаахтарга, чыыннаахтарга, хаһаактарга, атыыһыттарга уонна таҥара дьиэтин үлэһиттэригэр тыа хаһаайыстыбатынан дьарыгыралларыгар анаан оттуур сири үллэрэллэрэ. Ол курдук, 1772 сыллаахха толоруллубут сир үллэһигин биэдэмэһигэр байаар ыччата Яков Уваровскай Харыйалаах арыытын арҕаа өттүгэр оттуур сирдээҕэ киллэриллибит. Кини аттыгар байаар ыччата Дмитрий Уваровскай 10 дэһээтинэ оттуур сирдээҕэ ыйыллыбыт. Оттон байаар ыччата Михаил Уваровскай Үөт Арыыга 6 дэһээтинэ сирдээҕин биэдэмэс толорооччулар кыайан булбатахтар. Халаан уута уонна сүүрүк тоҕо охсубута, эбэтэр суурайбыта буолуо диэн сабаҕалаабыттар. Кини кэнниттэн суруллубут Яков Уваровскай Налыы диэн ааттаах хочоҕо 10 дэһээтинэ эбии сирдээх эбит. Уваровскайдар, арааһа, аймахтыы буолан, мэлдьи бииргэ суруллар, оттуур сирдэрэ даҕаны ыаллыы сыталлар эбит. Ити кэлин суруллубут киһи Афанасий аҕата буолар, оттон эһэтэ – Михаил. Кинилэр байаар ыччата (сын боярский) диэн үтүө төрүттээхтэрин, сололоохторун архыып докумуоннара чуолкайдык кэрэһилииллэр.
«Байаар уола» эбэтэр «байаардар оҕолоро» диэн нэһилиэнньэ үрдүкү араҥата Россияҕа XV үйэттэн саҕалаан үөскээбитэ. Бастаан Москва уонна кини эргин үөскээбит ити араҥа кэлин «московскай» испииһэгинэн суруллубута уонна араас чэпчэтиилэринэн туһанара. Байаардар оҕолоро байыаннай сулууспаны сүгэллэрэ, сэриигэ аттаналлара, сэбилэниилээх сорудахтары толороллоро. Кэлин украинатааҕы уонна сибиирдээҕи байаардар оҕолоро диэн араҥалар үөскээбиттэрэ уонна «московскай» испииһэккэ киирбит байаардар оҕолоруттан балачча намыһах балаһыанньалаахтара. Петр I ыраахтааҕы дворяннар араҥаларын өрө туппута, онно тирэҕирбитэ уонна байаардар оҕолорун араҥата олорго киирэн сууралларын ситиспитэ. Ол эрээри Сибииргэ байаардар оҕолорун араҥата XVIII үйэ иккис аҥаарыгар диэри туспа испииһэгинэн сурулла сылдьыбыта. Тоҕо диэтэххэ, Сибииргэ помещик буолан, крепостной бааһынайдары бас билэр дворяннар араҥалара олоччутун да суоҕа. Сулууспалаахтарга, үрдүкү чыыннаахтарга эрэ дворян үтүө аата иҥэриллэрэ. Онон сибиирдээҕи байаардар оҕолоро бөҕө туруктаммыт дворян баһылыыр-көһүлүүр араҥатыгар киириилэрэ хойутаабыта. Ол иһин Афанасий аҕата Яков Уваровскай байаар уолун солотунан обер-офицер аатыгар тиксибит. «Ахтыыга» сурулларынан, Я.М. Уваровскай 72 саастааҕар Эдьигээнтэн эргиллэн кэлэн баран, сотору кэминэн соһумардык өлбүт. Быһа барыллаан аахтахха, Афанасий Яковлевич аҕата 1730-с сыллар ортолоругар төрөөбүт курдук. Ол эрэн, Я.М. Уваровскайы 1798 сыллаахха толоруллубут формулярнай испииһэгэр 56 саастааҕын ыйбыттар. Онон кини 1742 сыллаахха төрөөбүт. Итинтэн аахтахха, кини хаһаактар суотунньуктарынан 21 сааһыгар (1763 с.) анаммыт. Кини төрөөбүт сыла архыып докумуоннарыгар биир-икки сылынан халбаҥныырын учуоттуурбут ордук. Дьэ, ити курдук, үөһэ этиллибит Уваровскайдар Саха сиригэр биир төрүттээхтэрэ чуолкайданна.
Ол эрээри сахаларга Уваровскай диэн араспаанньалаахтар эмиэ бааллар. Холобур, 1828 сыллаахха балаҕан ыйын 12 күнүгэр Күөрээйи хочотугар Мэҥэ улууһун Тулагы аҕа ууһун үтүө дьоно мустан күн ыраахтааҕыга төлүүр түһээннэрин быһаарсан, дьаһаах хамыыһыйатын чилиэннэрин кытары мунньахтаабыттар. Тулагы үтүө дьонун кэккэтигэр Леонтий Уваровскай диэн ааттаах саха киһитэ баар эбит. Мунньах ылыммыт уурааҕар сөбүлэҥин биллэрбитин, үөрэҕэ суоҕунан кини оннугар атын киһи илии баттаабыт. Ити кэмҥэ православнай итэҕэл саха улуустарыгар бигэтик иҥэн киирбитэ. Нууччалыы ааты, араспаанньаны баай сахалар ыкса билсэр нууччаларыттан көрдөһөн, ардыгар тугунан эмит толуйан ылар ньымалара ити кэпсэнэр кэмҥэ олус тарҕана сылдьыбыта.
Аны Афанасий Уваровскай ийэтинэн төрүччүтүн тыырыахха. Өргө диэри төрүччү ити өттө кыайан быһаарыллыбакка сылдьыбыта. Кини олоҕун чинчийээччилэр дойду араас архыыптарыгар үлэлээн булбут докумуоннарыгар тирэҕирэн, ийэтинэн төрдүн быһаарар кыах билигин толору баар.
1677 сыллаахха Москва куоракка сахалар кыһалҕаларын тиэрдэр сыаллаах Бөдьөкө уола Маһары, Ньыкаа уола Нохто уонна Өссүүк уола Тирэҕэ ыраахтааҕыны кытары көрсүбүттэрэ. Бу дьон бэйэлэрин кытары айаны-сырыыны тулуйар, күүстээх-уохтаах уонна үтүө төрүттээх эр бэртэрин илдьэ барбыттара. Олор истэригэр Тулагыга Умсан аҕатын ууһун киһитэ, нууччалыы суруллубутунан Кисикей Сахалтин баара, ити сыл олунньу ыйыгар православнай итэҕэли ылынан сүрэхтэммит уонна Леонтий Львов диэн ааты-суолу ылыммыт. Кини Дьокуускай остуруогар өлбүт байаар уола Второй Катаев оннугар бэйэтин аатын суруйалларыгар көрдөспүт. Ыраахтааҕы кини көрдөһүүтүн ылыммыт, «байаар уолун» аатын иҥэрбит уонна 7 солкуобай хамнастаабыт, бурдугунан, тууһунан хааччыйарга сорудахтаабыт. Ол гынан баран, биир солкуобайы урут дьаһааҕынан төлүүр кыһыл саһылын оннугар судаарыстыба суотугар тутан ылалларыгар дьаһайбыт.
Сулууспалаахтар (служилые люди) ыраахтааҕы ыйааҕынан анаммыт сололоро-чыыннара дьахтар өттүн таарыйбакка, эр киһи өттүн тутуһан, онно бэриллэн, салҕанан бара турар. Дьокуускайга олохтоох хаһаактар 1702 сыллаах испииһэктэригэр «саҥа сүрэхтэммит» Леонтий Львов баар эбит, аттааҕын, «пищаль» саалааҕын, бэйэтэ ыарытыйарын туһунан суруйбуттар. Кини үөрэҕэ суоҕунан, Кондрашка диэн уола биэдэмэскэ илии баттаабыт. Ол эрэн, 1705 сыллаахха байаар уолун солотун уола Иван Львов ылбыт. Эһиилигэр аҕата Леонтий Львов (Кисикей Сахалтин) өлбүт. Бу Иван Львов 1744 сыллаах Дьокуускай хаһаактарын испииһэгэр баар эбит. Хаһаак оҕолорун 17 сааһыттан сулууспаҕа ылалларынан сабаҕалаатахха, Иван 1688 сыллаахха төрөөбүт буолуон сөп. Кини хас оҕолооҕо биллибэт. Арай уола Михаил Львов туһунан бэрт кыра сибидиэнньэ баар. Кини уола Егор Львов. Бу киһи уола суох, үс кыыстаах: Екатерина, Парасковия уонна Матрена. Ийэлэрэ Анна диэн ааттаах.
Биир үйэҕэ үс көлүөнэ олорон ааһарынан быһаардахха, Екатерина Егоровна Львова (Кисикеева) 1750-с сылларга төрөөбүтэ уонна киниттэн аҕа киһиэхэ Яков Уваровскайга эргэ тахсыбыта туох да олуона санааны үөскэппэт. Дьокуускайга былыргы биэрэпистэр (ревизскэй сказкалар) көрдөрөллөрүнэн, сааһынан улаханнык араастаһан эр-ойох буолан олорбуттар элбэхтик тарҕаммыттарын чинчийээччи быһыытынан бэлиэтии көрөөччүбүн. Парасковия эмиэ үрдүк чыыннаах киһиэхэ Старостиҥҥа тахсыбыт, оттон Матрена – протоиерей Поповка. Екатерина, Афанасий ийэтэ, үөрэҕэ суох. Оттон Парасковия сатаан суруйар уонна ааҕар курдук үөрэхтэммит. Екатерина элбэхтик оҕоломмут, олор бары атахтарыгар турбакка, эрдэ өлүтэлээн испиттэр. Арай соҕотох уола Афанасий эрэ тыыннаах хаалан, тапталлаах ийэтин көмүс уҥуоҕун көтөхпүтэ, кини эппит кэс тылын халбаҥнаабакка толорбута. Ийэтэ 70 сааһын туолан, тыына быстыар диэри, сытыы өйүн сүтэрбэтэҕин бэлиэтиирэ. Онон кини, сабаҕалаан эттэххэ, 1822-1823 сылларга, быһыыта, өлбүт.
Афанасий Яковлевич төрөөбүт сыла билиҥҥэ диэри чопчулана илик. Аҕата Эдьигээн куоратын уонна олус киэҥ сиринэн тарҕаммыт дьонун-сэргэтин, олоҕун-дьаһаҕын дьаһайар ыспыраабынньыгынан үлэлиир кэмигэр, быһа холоон, 1800 сыллаахха төрөөбүт диэн чинчийээччилэр быһаараллар. Мин санаабар, кини 1798 сыл саҕаланыытыгар төрөөбүт буолуон сөп. Охотскайтан күрээн Эдьигээҥҥэ тиийбит ороспуойдары (хара баранаактары) илэ хараҕынан көрбүтүн ахтыытыгар суруйар. Оттон ол алдьархайдаах быһылаан 1801 сыллаахха сайын Саха сирин бүтүннүүтүн аймаан турардаах, кини 3 саастааҕар, киһини өйдүүр сааһыгар.
Дьоно 1804 сыллаахха сайын дойдуларыгар эргиллэн кэлэллэр. Саха эһэтин Егор Львов олоҕор, онно тутуллубут дьиэлэригэр Киллэмҥэ олохсуйаллар. Манна сотору кэминэн аҕата, Яков Уваровскай соһумардык өлөн, дьиэ кэргэнин тулаайах хаалларар. «Ахтыыттан» сылыктаатахха, дьиэни-уоту ийэтэ тутан хаалар. Сулууспалаахтар араҥаларыгар киирэринэн, кыра Афанасий нуучча суругун-бичигин толору билиэхтээх. Кини, обер-офицер сололоох киһи оҕото, хайаан да үөрэхтэниэхтээх. Ону оскуолаҕа киириэн иннинэ кинини кытары ааҕарга-суруйарга эһэтэ Егор Львов дьарыгырбыт. Киллэмҥэ биэс сыл олороллор. Онтон ийэтэ дьиэтин көтүрэн, куоракка көһөрөн киллэрэр. Ийэ киһи быһыытынан, тапталлаах уола Афанасий үөрэхтээх киһи буола улаатарыгар кыһанара. Афанасий үс сыл үөрэнэн, Дьокуускайдааҕы уезднай училищены бүтэрбитэ. Училищеҕа нуучча тылын грамматикатын, литературатын, арифметиканы, геометрияны, географияны, историяны, таҥара үөрэҕин уонна историятын, технологияны, черчениени, уруһуйу үөрэтэллэрэ. 1810 сыллаахха кинини кытары бииргэ дворяннар уонна обер-офицердар, хаһаактар, мэссээннэр, аҕабыттар уонна 43 саха оҕото үөрэммиттэрэ.
Сулууспатын көрдөрөр формулярнай испииһэгэр суруллубутунан, Афанасий Яковлевич подканцелярист дуоһунаһыгар 1814 сыллаахха олунньу 20 күнүгэр (былыргы истиил – П.П.-Х.) уобаластааҕы бырабылыанньаҕа үлэҕэ киирбит. Бэйэтэ суруйарынан, 16 сааһыгар. Төрөөбүт сыла ити курдук 1798 сылынан чуолкайданар. Үтүө суобастаах, чиэһинэй, туруу үлэһит сотору кэминэн «Табель о рангах» кэрдииһинэн коллежскай сэкирэтээринэн ананан, уобалас начаалынньыгын кэнсэлээрийэтигэр орто чыыннаахтар кэккэлэригэр киирэр. Ити кэмҥэ тапталлаах ийэтэ уһун, ыарахан ыарыы кэнниттэн күн сириттэн күрэнэр. Ийэтэ кэриэс-хомуруос тылын этэригэр хоп-сип уйата буолбут куоратыттан көһөн, атын сиргэ соҕуруу баран, үтүө дьону булан олороругар тиһэх баҕатын эппитэ. Мэлдьи истиҥник ахтар, дириҥник ытыктыыр, уйаҕастык саныыр амарах ийэтин кэс тылын Афанасий тута толорор кыаҕа суоҕа.
Уобалас начаалынньыгынан үлэлээбит Д.Я. Рудаков Афанасийы араҥаччылыыра, көмүскүүрэ. Кини 1824 сыллаахха алтынньыга өлбүт. Дьокуускай куоракка Афанасийы аны ким да туппат буолбута. Сулумах бэйэтэ Иркутскайга тиийэн губерния бырабылыанньатыгар үлэлиир да, ол үлэтиттэн соччо-бачча астыммат этэ. Кини манна чыыннаахтар ортолоругар сахалар тустарынан омсолоох санаалар бигэтик олохсуйбуттарын истэрэ, кыаҕа баарынан сахалар тустарынан үтүө тылы этэн чыыннаахтарга тиэрдэ сатыыра. Санкт-Петербургтан Саха уобалаһыгар начаалынньыгынан ананан иһэр Н.И. Мягкову көрсөн, кини тылын ылынан, дойдутун туһугар үлэлиир баҕаттан төттөрү айанныыр.
Дьокуускайга кэлэн, уобалас начаалынньыгын сорудаҕын быһаччы толорор «чиновник особых поручений» дуоһунаһыгар ананар. Н.И. Мягков уонна Дьаһаах иккис хамыыһыйатын сорудаҕынан олус ыарахан уонна кытаанах айанынан сураҕырбыт ыраах Үт сиригэр Дьугдьуур туруору хайаларын дабайан, бытархан тымныыны аахсыбакка халыҥ хаары тэлэн, дохсун сүүрүктээх өрүстэри туораан Охотскай кыраайга, Амыр сиригэр иккитэ тиийэ сылдьыбыта. Бастакы сырыытыгар уон алта, иккис сырыытыгар сэттэ ый айаннаабыта. Ити кэннэ эмиэ ыраах сиринэн Өлүөхүмэ, Сунтаар, Кэмпэндээйи, Бүлүү куоратын эргийэн кэлбитэ. Кини курдук чыыннаахтар хаһан да үктэммэтэх сирдэригэр тиийэн, олохтоох дьон хаһаайыстыбаларын сирийэн чинчийбитэ, кумааҕыга ымпыктаан-чымпыктаан түһэрбитэ. Сылдьыбыт сиригэр эбээннэр, эбэҥкилэр, сахалар, нууччалар – боростуой дьон олоҕун ситэри үөрэппитэ. Кинилэр ыарахан олохторун күүһэ кыайарынан чэпчэтэ сатыыра, кыаммат-түгэммэт дьоҥҥо аһынарын, харыстыырын биллэрэрэ. Бэйэтин үбүттэн иэс биэрэн салҕыыра.
Уобалас начаалынньыга Н.И. Мягков эрэллээх көмөлөһөөччүтэ Афанасий Яковлевич ити кэмҥэ сахалар бэйэлэрин бастарын бэйэлэрэ салайалларыгар кыах үөскээбитин өйдөөбүтэ. Нуучча улуу администратора М. Сперанскай киллэрбит реформатын олоххо киллэрэн, Дьокуускай уокуругар Степной дууманы олохтуур үлэ күүскэ барбыта уонна 1827 сыллаахха кулун тутар 11 күнүгэр Степной дуума үлэтин саҕалаабыта. Уобалас бырабылыанньатын тутаах чыыннааҕа Уваровскай Степной дума атаҕар туруутугар өҥөтө улахан этэ. Суут-сокуон хараҕын быһаарыы, сурук-бичик үлэтэ – барыта кининэн түмүллэн ааһара кистэл буолбатах. Саха уобалаһын киин сэттэ улууһа бэдэрээт түҥэттиитин, дьаһаах хомуурун, араас түһээннэри-тардыылары тарҕатыытын, нэһилиэктэр сирдэрин чэрчилээһин, о.д.а. тыын боппуруостарын бэйэлэрэ быһаарар буолбуттара. Урут ити боппуруостары быһаарар, үксүн бэрик эрэйэр земскэй суут чыыннаахтара аһыыр харыыталара мэлийбититтэн ыктаран, үҥсэн-харсан барбыттара. Иркутскайга, ону ааһан Петербурга диэри тиийэр үҥсүүлэр, донуостар хойдубуттара.
1827 сыл бүтэһигэр декабрист, бэйэтин кэмигэр киэҥник биллибит суруйааччы уонна поэт А. Бестужев-Марлинскай Дьокуускайга сыылкаҕа кэлбитэ. Манна уобалас начаалынньыга Н.И. Мягков киниэхэ сымнаҕас сыһыанынан туһанан, бэрт дэлэгэйдик уонна көҥүллүк олорбута. Куорат сэниэ ыаллара тэрийэр биэчэрдэригэр, көрсүһүүлэригэр сылдьара, бэйэтин хоһооннорун ааҕара, үөрэхтээх эдэр ыччаты кытары кэпсэтэрэ. Кэлин бэчээттэнэн тахсыбыт айымньыларыгар кини Дьокуускай куорат олохтоохторун элбэх биһирэмнээх үтүө тылларынан ахтыбыта. Сайын куорат чугаһыгар ыытыллыбыт сахалар ыһыахтарыгар сылдьыбытын, тугу көрбүтүн-истибитин уустаан-ураннаан эмиэ суруйбута. Кинини сирдээн, арыаллаан илдьэ сылдьыбыт киһини харыстаан, аатын ааттаабакка эрэ киниэхэ сайаҕас тыллары анаабыта. Ити, биллэн турар, Афанасий Уваровскай туһунан этиллэрэ чуолкай. Ыһыах кини оҕо сааһыгар олорбут сиригэр Киллэмҥэ тэриллибит буолан, онно ыалдьыттаабыттар уонна хоммуттар. Итиннэ сабаҕалыы да сатаан ыыспайдыыр наадата суох курдук.
Олохтоох хобуоччулар Мягкову аны «государственнай преступникка» кытаанахтык сыһыаннаспакка, босхо сырытыннарарыгар баайсан үҥсүүлэрин эбэн биэрбиттэрэ. Ити кэмҥэ Афанасий Яковлевич ыраах айаннартан доруобуйатыгар улаханнык оҕустаран, үлэтиттэн уурайарга күһэллибитэ. Уобалас начаалынньыга 1830 сыллаахха олунньу 27 күнүгэр биэрбит аттестатыгар маннык хайҕабыл тылларынан суруйбута: «Уваровский все возлагаемые на него самоиважнейшие и на пользу края основанные поручения, исполнял совершенною точностью, усердием, верностью и честностью, с полною от начальства признательностью, имея самые отличнейшие и наиполнейшие для службы способности, наипохвальную примерную нравственность и самое благороднейшее поведение, не был замечаем ни в каких предосудительных поступках, за что и был неоднократно представлен к награде орденами… и награждению чином коллежского асессора, но доселе еще ничем не воспользовался».
Онтон кинини араҥаччылааччы Н.И. Мягков 1831 сыллаахха ахсынньы 11 күнүгэр уурайан, Петербурга барбыта. Үҥсээччилэр хаалбыт киһиэхэ, Уваровскайга, саба түспүттэрэ. Кинини, бара сатаан, сахалары кытары «сокуоннайа суох эргиннэ» диэн холуобунай дьыала тэрийбиттэрэ. Бу дьыала иһэ истэнэн, уһаан-тэнийэн барбыта уонна устар тоҕус сылы хаппыта. Ол кэмҥэ дьыала-куолу быһаарыллыыта олус бытаанын эрэйдэнэ сылдьар киһи кини этинэн-хаанынан билбитэ. Бардамнаабыт чыыннаахтар үҥсэн-харсан Дьокуускайдааҕы Степной дууманы 1838 сыллаахха сабарга күһэйбиттэрэ. Кэмниэ кэнэҕэс Уваровскай силиэстийэттэн ыраастанан тахсарыгар киниэхэ уобалас стряпчайын (дьыала-куолу ситэриллиитин кэтээччи — П.П.-Х) дуоһунаһыгар үлэлиир поэт М.А. Александров көмөлөспүтүн бэлиэтиир наада. Кинилэр 1826 сыллаахха Иркутскайга билсибиттэрэ. Онно сахалары олоҕо суох үөҕүүттэн мэлдьи көмүскүүр, албакааттыыр Уваровскайы кини «якут» диэн ааты иҥэрэн, бэйэтин айымньытыгар киллэрбитэ. Итини таһынан, уобалас начаалынньыгынан Уваровскай урут билэр тойонун уола И.Д. Рудаков үлэлиир кэмэ этэ.
Дьокуускай куорат кыанар ыалларын эдэр ыччата хараҥа дьуоҕаттан сырдыкка талаһара, көрү-нары көҕүлүттэн тута сатыыра, маанытык таҥнан, симэнэн бэйэлэрин икки ардыларыгар түмсэллэрэ, испэктээк туруораллара, дорҕоонноохтук хоһоон ааҕаллара, бэйэлэрэ да айарга холоноллоро. Кинилэри атыыһыт уола, Тотьма куорат гимназиятын бүтэрбит Феодосий Авксентьевич Чекалев иилиирэ-саҕалыыра. Афанасий кинини кытары ыкса доҕордоспута. Чекалевтар кыра кыыстара Мария эдэр ыччаттары кытары эмиэ бодоруһара. Тулаайахсыйбыт Афанасий бэйэтин дьылҕатын кинини кытары холбуон баҕарара да, силиэстийэҕэ сылдьар буолан тардыллан хаалбыта. Ол эрэн, Дьылҕа Хаан атыннык дьаһайбыта. Чекалевтар аҕалара эмискэ өлөн хаалар, атыы-эргиэн сыыйа-баайа сатарыйан барар. Онтон ыктаран, Чекалевтар сааһын саҥа сиппит кыыстарын огдообо хаалбыт Соловьев диэн кырдьаҕас атыыһыкка ойох биэрэллэр. Афанасий олоҕор эмиэ ыар охсууну ылар. Ыарахан баттык санаалаах кини төрөөбүт дойдутун кытта иккис төгүлүн бырастыылаһан, Иркутскайынан эргийэн, баҕарбыт баҕа санаатын толорон, килбэйэр Петербург куоракка 1840 сыл кыһыныгар тиийэр.
Киин куоракка кини 12 сыл кэриҥэ олорбута. Ити кэми сырдатар биир даҕаны архыып докумуона көстүбэтэҕинэн, Уваровскай олоҕун тус бэйэтин «Ахтыытыттан» ылан кылгастык кэпсиирбит ордук. Дьокуускайга үлэлиир кэмигэр кини бастаан Охотскай пордун, онтон кэлин Саха уобалаһын начаалынньыгынан үлэлээбит муора флотун 2-с рангалаах капитанын М.И. Миницкэйи кытары билсибитэ. Оттон бииргэ үлэлээбит тойоно, Н.И. Мягков гражданскай үлэҕэ көспүт уруккута эмиэ морской эписиэр этэ. Бу киниттэн аҕа саастаах дьон ыраах, түҥкэтэх сиртэн кэлбит Уваровскайы Петербург дворяннарын дыбарыаһыгар Николай I ыраахтааҕыны кытта көрсүһүүгэ илдьэ сылдьыбыттара. Уваровскай ити түгэни эрэйдээх-буруйдаах олоҕор дьолломмут муҥур чыпчаалынан ааҕара. Петербурга ити кэмҥэ Дьокуускайынан ааспыт аатырбыт айанньыттар Ф.П. Врангель, П.Ф. Анжу, А.Ф. Миддендорф, И.Е. Булычев уо.д.а. олорбуттара. Уваровскай кинилэр уонна муоранан айанньыттар эргимтэлэригэр киирбитэ, кинилэр кэпсэтиилэригэр кыттыһара, ытыктабылларынан туһанара.
Учуонай А.Ф. Миддендорф 1844 сыллаахха Саха сиригэр сылдьан хомуйбут матырыйаалларынан санскрит тылын чинчийээччи доктор О.Н. Бетлинг интэриэһиргээбитэ. Кини саха тылын чинчийэргэ быһаарыммыта. Ол эрэн, сахалыы саҥарар киһи көмөтө суох кини үлэтин саҕалыыр да кыаҕа суоҕа. Дьонтон истэн, эбэтэр Миддендорф этэн, Уваровскайдаах Бетлинг 1848 сыллаахха кулун тутарга көрсүһэллэр. Афанасий Яковлевич саха тылын чинчийиигэ көмөлөһөрүгэр О.Н. Бетлинг этиитин үөрүүнэн ылыммыта. Кини эдэр сааһыттан сахалар суруктаныахтарын баҕарарын М.А. Александров өссө 1826 сыллаахха суруйан турардаах. «Саха дойдута мин төрөөбүт сирим, саха тыла мин төрөөбүт тылым», – диирэ эбээт кини. Ол курдук, сэттэ ыйы быһа бииргэ үлэлээбиттэрэ, хас эмэ тыһыынча тылы хабан ырыппыттара, саха тылын лексикатын уонна синтаксиһын наардаабыттара, сахалыы суруйбут «Ахтыытын» тылын ырыппыттара. Бетлинг көмөлөһөөччүтүн Уваровскайы «дорогим наставником и учителем» уонна «человек со здравым умом, но без ученого образования. Он говорит и пишет по-якутски также легко, как по-русски» диэн үрдүктүк сыаналаабыта. А.Я. Уваровскай саха тылын бастакы грамматикатын улахан учуонай, академик О.Н. Бетлинг «О языке якутов» диэн ааттаан 1851 сыллаахха бүтэрэн бэчээттээн таһаарбытыгар сүҥкэн оруоллаах. Саха тылын чинчийиигэ кини киллэрбит сүүнэ кылаатын билиҥҥи үөрэхтээхтэр бары билинэллэр.
Афанасий Уваровскай 1848 сыллаахха суруйбут «Убарыскай ахтыыта», «Олоҥхото», «Таабырыннара» уонна «Пин диэн байҕал хомотун кытыытыгар олорор чукуна диэн омук кыыһын ырыата» саха суругунан литературатын төрүттээбит айымньыларынан ааҕыллыахтаахтар. Ити сылга кини «Ахтыыта» саха уонна немец тылларынан бэчээттэнэн тахсыбыта. Онтон 1861 сыллаахха Парижка тахсар сурунаалга кини «Ахтыытыттан» быһа тардыылар француз тылынан бэчээттэммиттэрэ. Кэмниэ кэнэҕэс 1990 сыллаахха уһулуччулаах учуонай В.И. Рассадин айымньы нууччалыы тылбааһын Новосибирскайга таһаарбыта. Уваровскай айымньыларыттан, чуолаан «Олоҥхотун», 1996 сыллаахха аны турок тылынан тахсарын тылбаасчыттар Ю.И. Васильев уонна Фарих Киришчи-оглу ситиспиттэрэ. Ити курдук, Уваровскай айымньылара нуучча, немец, француз, турок тылларынан тылбаастанан таҕыстылар.
«Ахтыы» ааптара Афанасий Уваровскай 1848 сыллаахха сэтинньи 8 күнүгэр О.Н. Бетлингэ маннык суруйбута: «Бу туһуттан мин билигин үөрэбин – таптыыр сахам тылынан маҥнайгы суругу мин суруйбуппуттан».
Афанасий Яковлевич төһө да сааһырдар ойохтоммокко сылдьыбыта. Кини эмискэ 1852 сыллаахха кулун тутар 1 күнүгэр Петербург чаҕылхай олоҕуттан ордорон, уһук илин сытар ыраах Айаан пордугар Российскай-Американскай хампаанньа салаатыгар буҕаалтырынан барарга кэпсэппитэ. Туох биричиинэттэн итинник санааҕа кэлбитэ чуолкай биллибэт. Манна биир дириҥ суолталаах биричиинэни ыйар наада. Саха сирин Камчатка епархиятыгар холбуур үлэни ыыта сылдьар епископ Иннокентий ити кэмҥэ кылгастык Петербурга олорбута. Кини таҥара кинигэлэрин сахалыы тылбаастаан, туспа кинигэнэн бэчээттээн тарҕатар бүччүм санаалааҕа. Ол иһин О.Н. Бетлинг таһаарбыт «О языке якутов» кинигэтин ыйыталаһан булбута биллэр уонна онно бэчээттэммит Уваровскай сахалыы суруйбут «Ахтыытын» хайаан да билистэҕэ, кинини туһанаары тус бэйэтин кытары кэпсэттэҕэ дии саныыбын.
Туох да диэбит иһин, Уваровскай үлэлиир сиригэр Охотскай муора кытылыгар тиэтэллик айаннаабыта эрээри, аара суолга Канскай куоракка хайаан да таарыйан, тохтоон ааспыта. Ити куоракка доҕоро, поэт М.А. Александров олорбута. Кини Саха уобалаһыгар стряпчай дуоһунаһыгар үлэлии олорон, 1841 сыллаахха эмиэ үҥсээччилэр донуостарыттан сылтаан, Дьокуускайтан букатыннаахтык барбыта. Сибиир куораттарыгар олорор, үлэлиир кэмигэр Александров кэккэ айымньылары айбыта. Хомойуох иһин, олор ханна да бэчээттэммэккэ, умнууга хаалбыттара. Олортон «Якут Манчара» диэн поэмата улахан миэстэни ылар. Уваровскай кини нэһилиэстибэтиттэн «Сибирская поэзия М. Александрова. 1822-1852 гг.» диэн ааттаах илиинэн суруллубут айымньыларын бииргэ тиһиллибит икки тэтэрээти илдьэ кэлбитэ. Инники түһэн эттэххэ, ити тэтэрээттэри 1930 сыллаахха Н.Н. Грибановскай профессор М.К. Азадовскайга уларсыбыт. Ол киһи кэмигэр төнүннэрбэтэх. Тэтэрээттэр кимиэхэ тиксибиттэрэ уонна туох дьылҕаламмыттара биллибэт. Арай, «Якут Манчара» поэматтан бүтэһик чааһа ордубутун профессор Ф.Г. Сафронов бэчээттэтэн турар.
Афанасий Уваровскай Айаан пордугар үлэлиир кэмигэр сэрии саҕаламмыта. Англо-французскай флот хараабыла устан кэлэн эмискэ саба түспүтэ. Олохтоохтор тыыннарын харыстаан чугастааҕы хайа тыатыгар саспыттара. Ити быһылааны таайбыт курдук, төһө да суол куһаҕанын аахсыбакка, епископ Иннокентий тиэтэйэ-саарайа айаннаан кэлбитэ. Кини арыалдьыттарын кытары өстөөх хараабылыгар куттаммакка киирбитэ уонна порка олорор дьон дьиэлэрин, таҥара дьиэтин тыыппаттарыгар, халаабаттарыгар көрдөһөн тылын ылыннарбыта. Куоппут дьон сыыйа-баайа куттаммакка дьиэлэригэр кэлэллэрин мэктиэлээбитэ. Порт дьоно, олор истэригэр Уваровскай, епископ хорсун быһыытын сөхпүттэрэ, киниэхэ дириҥ махталларын тиэрдибиттэрэ, кириэс охсунан сиргэ тиийэ сүгүрүйэн ылбыттара.
Афанасий Яковлевич Айаан пордугар үлэлии олорон, Дьокуускайга олохтоох эдэр эрдэҕинээҕи таптала Мария Авксентьевна огдообо хаалбытын истибитэ. Тута үлэтиттэн уурайар бырысыанньа түһэрбитэ уонна Дьокуускайга аттаммыта. 1856 сыллаахха тохсунньу 12 күнүгэр куорат быраабатыгар түһэрбит бырысыанньатыгар Мариялыын Предтеченскэй таҥара дьиэтигэр бэргэһэлэнэр былааннааҕын биллэрбитэ уонна онно көҥүл биэрэллэригэр көрдөспүтэ. Кинилэр холбоспуттара уонна, төһө да сааһырдаллар, кыыс оҕоломмуттара. Оҕолорун Афанасий ийэтин аатынан Екатерина диэн ааттаабыттара. Уваровскай бэйэтэ титулярнай советник чыыннааҕа, Дьокуускайдааҕы земскэй суут сэтээтэлинэн үлэлиирэ. Кини кырдьар сааһыгар дьэ нус-бааччы, дьоллоохтук олорор курдук сананара да, алдьархай эмискэ ааҥнаабыта. Тапталлаах кыыстара ис ыарыытыттан 1861 сыллаахха атырдьах ыйын 8 күнүгэр өлбүтэ. Өлүү түбэлтэлээх диэбиккэ дылы, Саха сиригэр хаанынан ыытар ис ыарыыта сайын аайы өрө туран, дьон аата-ахса суох өлөрүн Уваровскай бэйэтин «Ахтыытыгар» хаста да бэлиэтээн турардаах…
Итинник ыар охсууну Афанасий Яковлевич тулуйар кыаҕа суоҕа. Кини, ыарахан ыарыыга ылларан охтубута уонна ити сыл алтынньы 2 күнүгэр (урукку истиилинэн – П.П.-Х.) түһүүлээх-тахсыылаах, очурдаах-чочурдаах сирдээҕи олоҕун түмүктээбитэ. Кинини, үгэс быһыытынан, Никольскай таҥаратын кылабыыһатыгар көмпүттэрэ. Хомойуох иһин, сэбиэскэй былаас сылларыгар кылабыыһаҕа баар пааматынньыктары, дьон уҥуоҕун таастарын электростанция тутуутугар түөрэн ылан илдьэ барбыттара. Дьон уҥуоҕун үрдүгэр олорор дьиэлэри туппуттара. Ол эрэн, Уваровскай уҥуоҕа хайаан да ордон, билиҥҥи Никольскай таҥаратын дьиэтин олбуорун чэрчитигэр баар буолуон сөп дии саныыбын. Итинэн сирдэтэн, кини саха норуота суруктанарыгар киллэрбит сөҕүмэр кылаатын сыаналаан туран, өйдөбүнньүк бэлиэтин туруоруохха баара.
Түмүккэ, филологическай наука доктора, академик П.А. Слепцов «Ахтыы» ааптарын биһирэмнээх тылларынан сыаналаабытын хатылыыбыт: «А.Я. Уваровский навсегда вписал свое имя в историю якутского народа и Якутского края своими «Воспоминаниями» – первым оригинальным мемуарно-автобиографическим и этнографическим сочинением на якутском языке, исключительно ценным и уникальным по содержанию. Кроме того, вся совокупность текстов и материалов А.Я. Уваровского – это весьма солидный фундамент, основа для последующего развития письменной культуры якутского народа».
Ити курдук, Афанасий Яковлевич Уваровскай айбыт айымньытын бэйэтин кэмигэр бэчээттэппит уонна сайдыылаах омуктар тылларыгар тылбаастаппыт сахаттан бастакы суруйааччы, олоҥхоһут, тылбаасчыт, фольклорист, этнограф, тылы чинчийээччи буоларын дакаастаан уһун кэми тайаабыт санаабын бу ыстатыйанан ситэрдим. Итинэн сиэттэрэн, Афанасий Яковлевич Уваровскайы саха уус-уран литэрэтиирэтин төрүттээччитэ диэн бигэтик этэбин.
Пантелеймон Петров-Хардыы,
историческай наука кандидата