Афанасий Лугинов: «Үпкүн сөпкө туһан!»

Афанасий Иванович Лугинов 1985 сыллаахха бэс ыйын 6 күнүгэр Дьокуускай куоракка төрөөбүт. 2002 сыллаахха Нерюнгри куорат 18 №-дээх орто оскуолатын, 2007 сыллаахха М.К. Аммосов аатынан СГУ Үпкэ уонна экономикаҕа институтун аан дойду экономиката салаатын бүтэрбит.

Үлэтин Сибээс-баантан саҕалаабыт, 2008-2017 сылларга Газпромбаан Саха сиринээҕи салаатыгар көннөрү үлэһиттэн операциялыыр офис начальнигар диэри үүммүт. 2017-2018 сылларга Москваҕа «Дьыалабыай Россия» уопсастыбаннай тэрилтэҕэ үлэлээбит. Дьокуускайга төннөн кэлэн 2018-2021 сылларга Россельхозбаан Саха сиринээҕи салаатыгар, 2021 сылтан Газпромбаан Саха сиринээҕи салаатыгар дириэктэри солбуйааччы.

2022 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Саха тылын уонна култууратын хараанныыр уонна сайыннарар фонданы төрүттээбит. СӨ Экономикаҕа министиэристибэтин уопсастыбаннай сүбэтин, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Үпкэ уонна экономикаҕа институтун Экзаменныыр, аттестациялыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ, университет Инвестицияҕа хамыыһыйатын кытта үлэлэһэр. «Дьыалабыай Россия» уонна Россия экономикаҕа көҥүл императордыы уопсастыбатын чилиэнэ.

Дьону-сэргэни үп-харчы эйгэтигэр сөптөөхтүк дьаһанарга уһуйааччы.

Кэргэннээх, оҕолордоох.

Аныгы үйэҕэ киһи аймах олоҕо үбү-харчыны кытта быһаччы ситимнээх. Кредит, ипотека, лизинг, субсидия, акция, дивидент уо.д.а. өйдөбүллэр күннээҕи олохпут сорҕото буоллулар. Урукку өттүгэр экономиканы үөрэппэтэх, үп-харчы хайдах эргийэрин, бу эйгэҕэ хайдах дьаһаныахха сөбүн билбэт дьон мунарбыт-тэнэрбит, сыыһа-халты туттарбыт, араас угаайыга киирэн биэрэрбит үгүс. Ол иһин, «Үбү сөптөөхтүк туттуу үөрүйэҕэ» куурустары ыытар киһи баарын истэн, кинини көрдөөн булан кэпсэттибит. Онон «Чолбон» ыалдьыта – баан үрдүкү кэрдиистээх үлэһитэ уонна көхтөөх уопсастыбанньык Афанасий Лугинов.

– Афанасий, Саха тылын уонна култууратын өйүүр уопсастыбаннай фонда тэрийбиккитин истибитим. Бу туһунан сырдата түс эрэ.

– Былырыын сэтинньи 25 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр саха тылын уонна култууратын сайыннарар уонна хараанныыр фонданы тэрийэн регистрациялаабыппыт. Оҕолорбут тулалыыр эйгэлэрэ нууччалыы буолан сахалыы саҥарарга дьулуспаттар, төрөөбүт тылларын умналлар. Дьиҥэр, төрөөбүт тыл – төрүт культура биир гыммыттан үһэ. Нация тылын сүтэрдэҕинэ симэлийэр аналлаах. Тылы хараанныырга үлэлэһэр тэрилтэлэр, уопсастыбанньыктар бары сэттэ аҥы туойа, хамсана сылдьабыт. Ол иһин, ону сүрүннүүргэ уонна бу туһалаах үлэни үбүлүүргэ анаан маннык фонданы тэрийдибит.

Саха тылын билиигэ өссө биир идеялаахпын: тэрилтэ ахсын саха тылын билэр үлэһиккэ (омугуттан тутулуга суох) хамнаһыгар эбии төлөбүрү киллэриэххэ сөп. Учуонай истиэпэнин иһин хамнаска эбии баарын курдук. Ол инниттэн анал тургутугу ааһан сертификат ылыытын олохтуохха. Бу саха тылын өйөбүлүгэр үчүгэй көҕүлээһин буолуох этэ.

Биһиги олоҥхобутугар, төрүт үгэстэрбитигэр, өбүгэлэрбит оонньууларыгар олоҕуран миллиардынан үптээх бырайыактары оҥоруохха сөп дии саныыбын. Оччоҕо оҕолорбут, ыччаттарбыт төрөөбүт тылларын, төрүт култуураларын кэрэхсиэх этилэр. Дьокуускай куораппыт тас көстүүтүгэр сахалыы ойууну-мандары түһэрэн ураты оҥорор, өбүгэ тыынын киллэрэр тоҕо табыллыа суоҕай?! Бу туризм сайдыытыгар да төһүү буолар.

– Бу Орто дойдуга киһи баҕа санааларын олоххо киллэрэргэ дьулуһар. Онно үксүгэр үгүөрү үп-ас ирдэнэр. Ол эрэн оннук үп киһиэхэ эрэ барытыгар баар буолбат. Афанасий, мантан сиэттэрэн ыйытык үөскүүр: тоҕо сорох киһи кыахтаахтык олороруй, бэйэтигэр тугу да аккаастаммат үптээх буоларый, оттон атыттар тоҕо тиийиммэттэрий-түгэммэттэрий, күннээҕи кыһалҕаларын да арыычча толуналларый?

– Туох барыта киһи хайдах толкуйдууруттан, былаанныырыттан уонна сыалын ситэригэр ханнык хамсаныылары оҥороруттан тутулуктаах. Киһи өйүгэр-санаатыгар улахан сабыдыалы оҥорор эргимтэ: үөрэх тиһигэ, төрөппүттэрбит, доҕотторбут сүбэлэрэ, биир кэлим сибээс көрүҥнэрэ… Уонна биһигини хайдах үөрэппиттэринэн толкуйдуубут. «Ситиһиилээх, кыахтаах буоларга ситиһиини ситиспит дьону кытта алтыс, кинилэрдиин элбэхтик кэпсэт», – диэн мээнэҕэ эппэттэр. Биэс миллионеры кытта кэпсэттэххинэ, алтыс миллионер эн буолуоххун сөп. Киһи баҕа санаатын олоххо киллэрэригэр, кыаҕын толору туһанарыгар уопсай өй-санаа мэһэй-харгыс буолуо суохтааҕын бигэтик өйдүөхтээх. Ханнык эйгэҕэ ситиһиилээх буолуоххун баҕараргынан ол эйгэҕэ суолларын соломмут дьон сүбэлэрин ылан, кинилэр үөрүйэхтэрин туһаныахтааххын. Хайдахтаах да бастыҥ учуутал, өскөтүн кини бэйэтэ үп-харчы өттүгэр кыаҕа кыра буоллаҕына, үөрэнээччитин миллионер буоларга кыайан үөрэппэт…

– Оччотугар туох-ханнык иннинэ, бастатан туран, киһи сыалын чопчулуохтаах буоллаҕа дии?

– Оннук. Киһи баҕа санаатын чопчу ситиһэр кэмин сылыгар-күнүгэр тиийэ туруордаҕына эрэ ситиһэр. Сыалы ситиһии кэмин түһүмэхтэргэ үллэрэр ордук. Оччоҕо олоххо киллэрэргэ судургу соҕус буолар. Түһүмэхтэри аастар ааһан истэх аайы, киһиэхэ азарт үөскүүр. Дьон үксэ билигин кылгас кэрдиис кэминэн торумнанан олорор: хамнастан хамнаска тиийии, кэлэр ыйдааҕы ипотеканы хайдах төлүүбүн эрэ диэн толкуйдаах… Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ бүгүн оҕону уһуйааҥҥа эбэтэр оскуолаҕа ким илдьэрий, аҕаларый диэбит курдук судургу соруктар эрэ быһаарыллаллар. Итинник күннээҕи түбүккэ үтүрүйтэрэн үксүгэр баҕа санаабытын умнан кэбиһэбит. Баҕа санааны чугаһатарга сөптөөх хамсаныылары дьон үксэ оҥорбот. Тэрилтэ салайааччылара сылтан сыл­га эрэ диэри диэн олороллор. Сыллааҕы былааны толорор, үлэһиттэригэр хамнастарын сөпкө төлүүр эрэ туһугар үлэлэһэллэр. Быыбартан быыбарга диэри олоруу, хомойуох иһин, эмиэ баар суол. Дьиҥэ хас биирдии киһи баҕа санаатын, салайааччы стратегиялаах соруктар баалларын умнуо суохтаах. Хас күн ахсын киһи баҕа санаатын чугаһатарга, олоххо киллэрэргэ сөптөөх хамсаныылары оҥорон иннин диэки дьулуһуохтаах. Тэрилтэ салайааччыта үлэҕэ саҥа стратегияны киллэрэн, күннэтэ үлэни тупсаран, көдьүүстээх, таһаарыылаах оҥорорго улахан сыал-сорук туруоруохтаах, дьон-сэргэ олоҕун уйгута, экономика тупсарыгар тус кылаатын киллэрэргэ санаатын салайыахтаах. Хайа баҕарар суол эндирдээх, түһүүлээх-тахсыылаах буолар. Холобура, Дональд Трамп икки төгүллээн моҥкуруут барбыта. Ол эрэн кини онтон сынтарыйбакка, санаатын түһэрбэккэ өссө күүскэ үлэлээн сайдан испитэ. Ким да, туохтан да страховката суоҕун эмиэ умнуо суохтаахпыт.

– Афанасий, эн сыалгын-соруккун хайдах быһаарбыккыный уонна өйүҥ-санааҥ ситэригэр-хоторугар туох ордук суолталаммытай?

– Сыалбын буларбар уонна өйүм-санаам ситэригэр-хоторугар улахан оруолу кинигэлэр оонньообуттара. Кинилэр өрүү үтүө сүбэһиттэрбинэн буолаллар. Улуу дьон: «Олороргут устатын тухары үөрэниҥ», – диэн мээнэҕэ эппэтэхтэрэ. Ону таһынан Ыччат бырабыыталыстыбатыгар сылдьан, «Миниистир» дьыалабыай оонньууга кыттан араас эйгэҕэ үлэлиир ситиһиилээх эдэр дьону кытта алтыһыым миэхэ олус элбэҕи биэрбитэ, үгүскэ үөрэппитэ. Дьон атыннык толкуйдуурун көрбүтүм. Араас бырайыактары оҥорбуппут, ону ырытыспыппыт.

Онтон өйүм-санаам уларыйыыта 2016 сылтан саҕаламмыта. Ити иннинэ мин хааччахтаахтык толкуйдуур эбиппин. 2008 сыллаахха Үп уонна экономика институтун бүтэрэн баран, баҕам хоту Газпромбааҥҥа үлэлии киирбитим уонна: «Баҕа санаам, дьэ, туолла! Бу бааҥҥа пенсияҕа тахсыахпар диэри үлэлиэм» дии саныырым. Ол саҕана мин үлэлиир эйгэбин барытын билэбин диэн өйдөбүллээҕим. Ол сыыһатын үлэм миэстэтин эмискэ уларытыым түмүгэр өйдөөбүтүм. Уон биирис сылбар Москваҕа көһөн тиийэн үлэлии сылдьан, үлэҕэ аһара үтүрүйтэрэн күүһүм-сэниэм эстэн, бааммыттан уурайан «Дьыалабыай Россия» фармацевтиканы сайыннарар кэмитиэтигэр көспүтүм. Олох атын эйгэ этэ: баан – коммерция, оттон көспүт сирим – уопсастыбаннай тэрилтэ. Үөрүйэх бөҕөтүн ылбытым. Москваҕа Газпромбааҥҥа үлэлии сырыттахпына, партнердарбыт «Парадигма эффективности» диэн ааттаах тренинг ыыппыттара. Бу тренинг бэйэбит саныырбытынааҕар ис кыахпыт улаханын итэҕэппитэ. Ити иннинэ баан үлэһиттэрин атыы-эргиэн ньымаларыгар уһуйбуттара.

Олох көрдөрөрүнэн, хааччахха киирбэт, ураты көрүүлээх салайааччылар саҥа саҕалааһыннары киллэрэн, улахан ситиһиилэнэллэр. Аныгы IT хампаанньалар салайааччылара оннуктар. Холобура, Япония Honda хампаанньатын ситиһиитин холобура олус чаҕылхай. Кинилэр бастаан Америка ырыынагын үөрэтэн, бу дойдуга улахан матасыыкыллар хамаҕатык атыыга баралларын билбиттэр. Ол иһин эмиэ улахан матасыыкыллары оҥорон атыыга таһаарарга быһаарыммыттар. Япония сирэ-уота кыараҕас буолан, дьон үксэ дьоҕус көлөнү ордорорун иһин, кинилэр бастаан оннугу оҥорууга идэтийэллэр эбит. Америкаҕа анаан улахан матасыыкыллары оҥорорго холоммуттар эрээри, ол прерия олохтоохторун сэҥээриитин ылбатах. Honda ороскуотун сабынар кыһалҕаттан салоннарыгар дойдуларыгар оҥорор дьоҕус матасыыкылларын аҕалбыттарын америкалар кыра уматыгы сиирин иһин сөбүлээн, итии килиэп курдук атыылаһан барбыттар. Атыыга дьоҕус матасыыкыл хамаҕатык барарын көрөн, Британия уонна Америка хампаанньалара суһаллык бу хайысхаҕа көспүттэрэ эрээри, ырыынак дьоппуоннар көлөлөрүнэн туолан турар буолан биэрэр. Ол кэннэ Америкаҕа аатын хайыы-үйэ оҥостубут Honda эрдэ оҥорбут улахан матасыыкылларын атыыга таһаарбыта эмиэ хамаҕатык барбыт. Онтон ким да атыыласпат дьоҕус матасыыкылларын оҥорбут Британия тэрилтэтэ бу күрэстэһии түмүгэр «умайбыт».

«Парадигма эффективности» трениҥҥэ араас кэрэхсэбиллээх сорудахтары биэрэллэрэ, ону толорууга ымпыктаан-чымпыктаан толкуйдуурга, боппуруоһу бары өттүттэн көрөргө үөрэппиттэрэ. Киһи итинниги кэпсээн тиэрдэрэ уустук. Дьон бэйэтэ сылдьыахтаах, истиэхтээх: «Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук».

Бэйэм үлэбэр, лекциялыырбар үгүстүк норуот мындыр этиилэрин, өс хоһооннорун туһанарга кыһаллабын. Холобура, «сэттэтэ мээрэйдээ, онтон биирдэ быс» диэн этии баар. Кырдьыга, квартира ылыах иннинэ сэттэтэ суоттаан, ыйааһыннаан көрөн баран биирдэ быһаарыммыт ордук. «Чуумпутук айанныаҥ, ыраах тиийиэҥ» – олус үчүгэй өс хоһооно. Билигин киһи үксэ барыта олус тиэтэллээх, сүр түргэнник байа охсуон баҕарар. Ол иһин үбү-харчыны сыыһа тутталлар, алҕас хардыылары оҥороллор. Хомойуох иһин, Саха сирин олохтоохторо былырыын түөкүттэргэ 262 мөлүйүөн солкуобай харчыны «бэлэхтээтилэр». Түргэнник кэлэр харчы суоҕун, барыта үлэттэн тахсарын умнуо суохтаахпыт. Үгүс миллиардер холобурун көрдөххө, кинилэр капиталларын ортотунан 10-15 сыл устатыгар дьүккүөрдээхтик, илиилэрин араарбакка, тэппит атахтарын кубулуппакка үлэлээн оҥорбут буолаллар. Биһиги Арсен Томскайбыт 90-с сыллартан саҕалаан, 30-ча сыл устатын тухары үлэлээн-үлэлээн, үрдүкү кэрдиискэ тахсыбыта. Дьон үксүгэр 25 сааһыгар миллиардер буолбут Марк Цукербергы холобурдааччылар эрээри, кини тыһыынчаттан биирдэ эрэ тосхойор уһулуччулаах түгэн. Уон, сүүрбэ сыл күнтэн күн ситимнээхтик үлэлээн, үбү сөптөөхтүк туттуу үөрүйэхтэрин туһанан, киһи үксэ миллионер буолар кыахтаах.

– Миллиардердар историяларын кэпсииллэригэр өрүү: «Мин туһалаах үөрүйэхтэри бэйэбэр сайыннарбытым. Онтукам миигин материальнай ситиһиигэ аҕалбыта», – диэн этэллэр. Эн туһалаах үөрүйэхтэриҥ ханныктарый?

– Бу кэлин үөскэппит үөрүйэҕим – идеябын дьоҥҥо үллэстии, сүбэлэһии. Ити идея эттэнэн-сииннэнэн тахсарыгар тирэх буолар уонна санаа үллэстиитин кэмигэр араас өттүттэн эргитэ сылдьан көрөргө кыах биэрэр эбит. Биһиэхэ, сахаларга, «улаханнык саҥарыма – быһа этиэхтэрэ» диэн өйдөбүл баар. Ити өрүт, мин санаабар, сүбэлэһэри, ырытыһары атахтыыр. Уопсастыбаҕа туһалаах идея буоллаҕына, дьоҥҥо-сэргэҕэ үллэстэр тоҕо сатамматый? Нууччалар «биир төбө үчүгэй, оттон икки өссө ордук» диэччилэр дии. Ырытыһар буоллаххына, дьон-сэргэ бэйэтин үөрүйэҕиттэн үллэстэр, сүбэлиир, оччоҕо идеяҕын олоххо киллэрэргэ араас харгыстарга, моһоллорго киирэн биэрэриҥ аччыыр. Онон түргэнник үтүө түмүккэ кэлиэххэ сөп.

Иккис үөрүйэҕим – үбү сөптөөхтүк туттуу. Хайаан даҕаны хамнастан, быстах үлэттэн, бэлэххэ да киирбит харчыбыттан уурунабын. Бу туһунан суруллубута ыраатта, ити темаҕа элбэх чинчийии анаммыта. Баан клиеннэрин кытта итини эмиэ элбэхтик ырытыһабын уонна сырыы ахсын туһалаах өрүтүн эрэ истэбин. Дьон үксэ ороскуотун аахпат, суоттаммат. Ыйыталаһан биллэххэ, кыра да дохуоттаах киһи харчытын 10% ханна гыммытын өйдөөбөт буолааччы. Умнуу тугу этэрий? Ити үп туһалаах ороскуот буолбатаҕын. Харчыны итинник көдьүүһэ суох барыыр оннугар уурунар ордук буолбат дуо? Биллэн турар ордук! Кырдьыга, мин үбү сөптөөхтүк туттуу туһунан 24-25 саастаахпар истибитим эрээри бу үгэһи отут сааспыттан эрэ саҕалаабытым.

Билигин дьон үксэ ипотеканан квартира ылар. Оттон мин үлэм практикатыгар үс клиент баан биэрэр кыаҕынан туһанан, бырыһыаннаах уурунууну сөптөөхтүк туттан, ипотеката суох дьиэлэммиттэрэ. Ипотеканы 20-25 сыл устата төлүүргэ ылар эбит буоллахпытына, бырыһыаҥҥа уурунан сэттэ-алта, бэл, үс-түөрт даҕаны сылынан квартира ылар үбү мунньуохха сөп. Арай ити кэмҥэ ханна эрэ төлөбүрэ суох олорбут ордук.

Биһиги харчыны сыыһа туттар үгэстээхпит. Хамнас кэллэр эрэ хайыыбытый? Ипотека, кредит, нолуок, дьиэ-уот өҥөтүн төлүүбүт, ордубутун аска-таҥаска, көлө уматыгар, араас бэлэххэ-туһахха барыыбыт. Хамнаспыт барахсан ити курдук бүтэ охсор. Ороскуоппутун торумнаабаппыт уонна аахпаппыт. Сүбэлиэм этэ: ороскуоккутун хас биирдии кэпиэйкэтигэр диэри суоттуоххутун баҕарбат буоллаххытына, хайаатар даҕаны хамнаскыт 10% уурунан, хаалбыт 90% ыйы туорааҥ. Биллэн турар, элбэх оҕолоох соҕотох ийэлэр, улахан кредиттээх кыра хамнастаах дьон баар буолааччылар. Маннык киһи харчытын ордорунара уустук эрээри, муҥ саатар биир, икки, үс да бырыһыаны уурунуохха сөп. Сүрүнэ – саҕалыах эрэ кэриҥнээхпит. Саҕалаатыҥ да үөрүйэх баар буоларыгар олук уураҕын. Тус бэйэм ханнык баҕарар киллэриммит харчыбыттан сүүрбэ, отут эбэтэр 50% хайаан да бырыһыаҥҥа уурдаран иһэбин.

Үһүс үөрүйэҕим – барыһы үрдэтии. Киһи айылҕатынан барыһа төһөнөн үрдүүр, соччонон өссө улахаҥҥа талаһар идэлээх. Мин үлэм таһынан атын бизнеһи сайыннарыыга үлэлэһэбин, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет икки салаатыгар үбү сөпкө туттуу факультативыгар лекция ааҕабын. Кэтээн көрөрбүнэн, экономикалыы үрдүк үөрэх кыһаларыгар олоххо туттуллар, туһалаах билиилэргэ үксүгэр үөрэппэттэр. Ол иһин факультативка теорияны олоххо сыһыаран, университеты бүтэрэр үлэһиттэр сөптөөх билиилээх буолалларыгар кыһаллабын. Ханнык да идэлээх киһи үбү сатаан тутта үөрэниэхтээх, пенсияны хайдах үрдэтиэххэ сөбүн билиэхтээх.

– Үбү сөпкө туһаныыга ыччаты уһуйуу дьоһун бырайыак эбит. Бу туһунан билиһиннэрэ түс эрэ.

– Биир санаалаахтарбын кытта бу олус туһалаах үөрэҕи оскуолаларга киллэриэхпитин баҕарабыт. Билигин «Глобальнай үөрэх киинэ» гимназияҕа куруһуок быһыытынан бэриллэ турар. Орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр эмиэ бу үөрэҕи киллэрэри торумнуубут. Муус устар ыйтан Арктикатааҕы судаарыстыба култуураҕа уонна искусствоҕа институтун устудьуоннарыгар маннык куурустары ыытан саҕалыахпыт. «Компетенция регионнааҕы киинэ» диэн үбү сөпкө туттууну сүрүннүүр уопсастыбаннай холбоһуктаахпыт. Былырыын бу темаҕа кэпсэтиини Газпромбаан иһинэн ыыппыппыт. Бу кэпсэтиигэ лизинг, кредиттээһин туһунан киэҥник ырытыспыппыт. «Эндаумент-фонд» хайысхатынан үөрэх кыһаларын бүтэрээччилэр таба суолга хайыһыннарарга тус сыаллаах фонд тэрийэн эрэбит. Арҕааҥҥы дойдуларга маннык эргийэр үптэрин бырыһыанын үтүө дьыалаҕа угар фондалар тэриллэн ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрэ ыраатта. Биһиги фондабыт атаҕар турдаҕына, маннык хайысхалаах Россияҕа бастакы тэрилтэ буолуохтаах.

Манна даҕатан эттэххэ, үбү таба туһанарга харчыгын биир эрэ сиргэ уурума диэн өйдөбүл баар. Мин төһө да Газпромбаан үлэһитэ буолларбын, уурунууларым араас-араас бааннарга сыталлар. Ырааҕы көрөн киэҥник толкуйдуур, былаанныыр ордук.

– Үбү сөптөөхтүк туттар туһугар уурунуу харчы уонна ороскуоту ааҕыы, торумнааһын таһынан дьон өссө тугу билиэхтээҕий?

– Биир лекцияны истэн дуу, биир ыстатыйаны ааҕан дуу киһи үбү сөптөөхтүк туттарга үөрэнэ охсубат. Уһуннук уонна дьаныардаахтык үөрэниэх кэриҥнээхпит. Мин билиҥҥэ диэри үөрэнэбин. Үбү сөптөөхтүк туттуу – наһаа киэҥ өйдөбүл. Хайысхата олус элбэх. Холобура, маннык хайысхалары ааттыахха сөп: харчыны куттала суох туттуу (түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбэт туһугар); сөптөөх уонна сөбө суох кредиттэр; бюджеты уонна ороскуоту торумнааһын; уурунууну саҕалааһын, улаатыннарыы уонна кинилэр көрүҥнэрэ; бэйэ сайдыытыгар уонна бизнескэ инвестициялар; баан үлэтин тиһигин билии уонна баан бырыһыанын кээмэйэ; страховка хайысхалара; пенсияны, нолуогу сөптөөхтүк туттуу үөрүйэҕэ. Бу хайысхалары хас биирдиилэрин кэҥэтэн кэлин сурунаалга сиһилии ырытыһыахпыт.

– Лотереяҕа 10 мөлүйүөнү сүүйбүт ыанньыксыт мүччүргэннээх сырыыларын туһунан бэчээт киэҥник сырдатар. Афанасий, өскөтүн бу киһи эйигиттэн харчытын элбэтэргэ сүбэ көрдөөбүтэ буоллар, тугу этиэҥ этэй?

– Квартира атыылаһан баран куортамҥа биэриэн сөп. Эбэтэр бэлэм бизнеһи атыылаһан, салайар киһи булан, ол бизнеһин үлэлэтиэн сөп. Ол эрэн ити уустук суол – сөптөөх киһи көстүөх, бизнеһи сайыннарыах тустаах. Олох судургу ньыма – эбии бырыһыаҥҥа уктарыы. Оччоҕо кырдьар сааһыгар үчүгэй пенсия оҥостуох этэ. Дивидент кэлэ турарын курдук акция ылыан эмиэ син.

– Билигин үлэлиир пенсионердарга хамнастарыттан пенсияларыгар эбиллибэт. Пенсияларын үрдэтэр сыалтан тугу гыныахтарын сөбүй?

– Анал пенсия программалара, араас бырыһыаннаах уурунуулар бааллар. Онно киириэхтэрин сөп. Баан араас программата элбэх. Ону үчүгэйдик үөрэтэн баран, хас биирдии киһи бэйэтигэр табыгастааҕы булан туһаныах тустаах.

– Тыа сиригэр дьон үүккэ эбэтэр сүөһү төбөтүгэр дотация туруорсааччылар диэн икки бөлөххө хайдыста. Эн санааҕар, бу икки суолтан хайата ордук барыстааҕый?

– Мин санаабар, икки өттүн тэҥҥэ тутар ордук. Дьарыктанар хаһаайыстыба хайата ордугун көрөн бэйэтэ талыахтаах. Манна даҕатан эттэххэ, судаарыстыба субсидия биэрэн дьону бэлэм харчыга үөрэттэ. Урут дьон былааны хайдах толорорун толкуйдуур эбит буоллаҕына, билигин хайдах эмэ гынан субсидияҕа тиксэр өйдөннө. Судаарыстыба ити алҕаһын өйдөөн көннөрүнэр суолга турда. Билигин субсидиялаах кредиттэр диэн баар буолан эрэллэр. Онон дьон көмө харчыны ылан баран, онтукатын төнүннэрэрин туһунан эмиэ толкуйдуохтаах. Итинник ньыма аан дойдуга үчүгэйдик үлэлиир.

– Афанасий, үпкэ-харчыга сыһыаннаах үөрүйэхтэриҥ таһынан өссө олоххор тугу тутуһаҕын, туох дьарыктааххыный?

– Историяны ааҕарбын олус сөбүлүүбүн. Элбэххэ үөрэтэр наука. История көрдөрөр холобурдарыттан түмүк оҥостон, олоххо туһаныахтаахпыт дии саныыбын.

Кириитикэлээбэт буолууну тутуһабын. Дьон былааһы кириитикэлиир үгэстэннэ. Ити сыыһа. Үөһээҥҥи былааска киһи эрэ барыта тахсыбат. Таһымнаах, бэлэмнээх, идэтийбит дьон үлэлииллэр. Кинилэр араас быһыыга-майгыга дьаһаныыларын өйдөөбөт да буоллахпына, итини тоҕо оҥорбуттарын быһаарарга дьулуһабын.

«Күн киһитэ көмүскэс, айыы киһитэ аһыныгас» буолуохтаах. Орто дойду киһитэ олорор эйгэтин тупсарыыга, чөлүгэр түһэриигэ бэйэтин кыаҕынан көмөлөһө сылдьыахтаах. Ол иһин 2006 сылтан Аан дойдутааҕы ийэ айылҕа фондатыгар көмөлөһөн дөрүн-дөрүн счеттарыгар харчы ыытабын.

Салгыыта «Чолбон» сурунаал 2024 сыллааҕы  нүөмэрдэригэр

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар