– Адьас ол-бу буолума! Киэптээмэ! Сөп диэ! – кыыһырбыт уоҕар икки хараҕын үүтэ көстүбэт буолбут Килиим Саарыс сутуругунан салгыҥҥа дугдуруйбахтыыр.
Икки киһи кинини уоскутаары киппэ баҕайы уола хааны, окумалларыттан ытарчалыы ылан, ыыппаттыы тутан тураллар.
– Ээйиис, бу хайалара боруода бөтүүк курдук түһүөлээтэ? Пахай, Саарыс эбит буолбат дуо? Хайдах гыннылар, ноко? – ыала Даарыйа эмээхсин, ыанар соҕотох ынаҕын мэччирэҥҥэ үүрэн баран төннөн иһэн, айдааны истэн бу диэки хадьайбыт.
Эмээхсин чарапчыланан көрөбүн диэн, соһуйбут омунугар нырылыйбыт уһун ырбаахытыттан иҥнэн охто сыста, хата тайаҕар тайанан турар буолан, тирэҕин нэһиилэ булунна.
– Ээ, Д-Даарыйа, эб… эм…ээхсин, с-саҥарб-ба, баран ис, Б-Бараах Б-Бааскалааххар! – ситэри уоскуйбатах Саарыс бөтүөхтүү-бөтүөхтүү бап-бабыгырас, сарылыы былаастаан тэйиччиттэн туран үөгүлээн бытарытар.
– Сараһын уола! Бараахтарга маарыын сылдьыбытым, барыллыбат онно! Бу балыыһаҕа илтэрээри эйиэхэ кэлбитим баара, кими кытта сынньыһа сылдьаҕыный?! – Даарыйа эбээ да бэлэс мааны, хардаран тэйэрдээх эмээхсин буоллаҕа дии.
Оруобуна кыраныысса икки уһугуттан туран быһаарсар тус-туһунан түөлбэлэр олохтоохторун курдук көстүүттэн, баара буоллар, туора киһи иэрийэ күлүөхтээҕэ.
– Эмээхсин, ыл-ыл, ити киһигин! Дьүүлүн көр! Кыыла турбут буолбат дуо? Айас киһи этэрин истибэт! – ааһан иһэн бу иннинэ буолбут түбэлтэни көрбүт дуу, көрбөтөх дуу, ыппыччы ылбыт ыыс араҕас дьууппаны тиирэ кэппит, кэтэх маҕаһыын сэбиэдиссэйэ дэнээччи Мария Игнатьевна, «үрүүмпэ» хобулугар дугунан туран тэпсэҥэлэтэлээн ылаттыыр, си буолуохтааҕар тыл кыбытан ньааҕыныыр.
– Даарыйа, ити дьахтары истибэ! Ыыра-ыыра, сыбыйата! Саарыс тугун буруйай! Ити ыннарааҥҥыта, ынайа һытыйан баран, Ылдьаа дии?! Кини с-саҕалаабыта! – былырыын биир да тииһэ суох балык айаҕын Аммаҕа баран биир ыйы быһа оҥотторон, тиис-уос бэртээхэйэ буолан, дьахтар бөҕөтүн ымсыырдыбыт, хас биирдии тылын аны бэрт кичэллээхтик сыа-сым курдук арааран, сыыйан эрэ сыыбыргыыр, уҥуох-тирии Дьэкиим, уһуурдуу оҥостон туран, табаҕын уматтар.
– Дьэ, оччотугар баланыысса буоллар хааллын, – Даарыйа кини да кигиитэ суох суут кылаабынай борокуруора буола түстэ быһыылаах.
Дьыаланы дьиҥнээхтик быһаарсарга, кырдьыгы булардыы, буруйдааҕы ээҕин этитэрдии эмээхсин быһаарынна. Оннооҕор «балыыһатын» «баланыысса» гына кубулутан, бэркэ табыллан, тупсара тутан нууччалаата, ыга киэмсийдэ.
– Бу да киһи, Дьэкиим, бэйэҥ бэйэҕинэн тылластаххын? Ылдьаабыт хантан ынайаахтыай? Һы, Ылдьаа ынайыар диэри, хата бэйэҥ балай эмэ эт тута сыһаа инигин? Бэйи эрэ, саас-сааһынан кэпсээҥ, туох буоллугут? – Даарыйа «былааһыгар» киирдэ, тайаҕын илиитигэр тутан туран үөһэ күөрэҥнэттэ.
– Ээ, Ылдьаалаах Саарыс оттуур ходуһа туһунан кэпсэппиттэрэ… Бастаан. Онтон бэлиитикэҕэ тиийбиттэрэ…
– Ол, быйылгы от ситэри үүнэ да илигинэ ким ханна тиийбитэй… – Даарыйа эмээхсин, соруйан дьону күллэрээри дуу, этиллибити чахчы баардылаабакка дуу, бутуллан ылла.
– Бэлиитикэҕэ диибин ээ! Д-Даарыйа, эн быһаарсыах буолларгын, б-б-бастаан, дьиҥ иһин үчүгэйдик иһит ээ! – быһаара сатаабытыттан салҕан да барбыт Байбал быһа түстэ.
– Ээх-ээх, бэлиитикэҕэ диэ… Ол иһин сутуруктастахтара диэ. Дьэ Хорбочуоп да кэлэн, бука, эһиги ходуһаҕыт айдаанын быһаарбат ини! Мин быһаарабын! – эмээхсин бэркэ диэн дьоһуннанна, аттыгар сытар таара дьааһыгын тайаҕынан тарыйан аҕалан лаҕыччы олорунан кэбистэ, тирэх маһын сиргэ бырахта. – Саарыс сайаҕас киһи ээ. Кыраҕа ымыттааччыта суох. Ылдьаа да наҕыл, киэҥ-холку. Бэйи эрэ, эһиги бочугурас курдук бабыгыраһыаххытыгар дылы, туох буоллугут, ээ? Бука, эмиэ били Балбаара буккуурдаах дьыалата иилиһиннэ ини?
– Ээ, пахай-сиэ! Бар-Бырбаара туһунан сурах да суоҕа! – Килиим Саарыс кэлэйдэ.
– Бу эмээхсини дуостал истимэҥ! Ону-маны туойан, түөһэйээри гыммыт буолбат дуо? – бу тухары саҥата суох туора турбут, ынаҕара суох Ылдьаалара ыксаата, ыраахтан ыһыытаата.
– Бырбаала даа?! Ким мин ойохпун тыыттай…
– Тыыттай буолан! Ким тыытыай? Балбааранан баайсымаҥ, быһаас быһаарыллыбыта ол, бүтэр онон, букатын атын дьыала…
– Айас даҕаны оннук буолбатах! – Мария Игнатьевна куйааска биллэ буспут, муннун кэҥэриитигэр көлөһүнэ бытыгыраабытын мамаадалаах чорбоҕор уоһун алын өттүн энньэччи тута-тута, сэниэлээх соҕустук үрэн кэбиһэ-кэбиһэ, омуннаахтык оҥосто-оҥосто, өрө тылыбыраата.
– Ама дуу? Бүрүчүөм туут Былбаара?! – Дьэкиим, барытын билбит-көрбүт киһи быһыытынан нууччалаан быһа сытыйда, мааны дьахтарга кыттыһа охсор куоластанна.
– Оччоҕо туох буоллугут? – Даарыйа баҕа өттүнэн быһаарсаары ылсыбыт дьыалатын түмүктүүргэ чугаһаппытыттан күлүгэр имнэннэ. – Ылдьаа, ыл, эн киһилии кэпсээ эрэ.
– Ээ, тугун кэпсэтэн хайаан ачыаһыртыҥ… Ити киһи буолбат дуо? Биллэр дьыала… Дьэ биир бэйэм мин ыыра ол кутаҕа киирбэппин! – Ылдьаалара дьүүлэ-дьаабыта суох кыйыттар.
– Бараххан, бэрт киһи маарыын эппиккиттэн адьас аккаастан! – Саарыс эмиэ күөдьүйэр.
– Айака-айака, айас акаарылар быһыылаах, – Мария Игнатьевна киһи эрэ буоллар салҕыбыт, өтөрүнэн бүтүө суох мөккүөртэн саллыбыт да чинчилээх, «үрүүмпэтинэн» үктэнэн барардыы оҥоһунна.
– «Айас» буолумунаҕын, били эн наһаа өйдөөх дьахтар, – Ылдьаа, иһиллэр-иһиллибэттик Игнатьевнаны сэтэрээн үтүгүннэ, абаккатыгар, били «үтүлүк иһигэр хокуоска» диэбиттии, ботугураамахтаан ылла.
– Чэ, ноколор, оттуур сир ситэр кэмигэр айдааны таһаарар аньыы. Онон-манан кииримэҥ-тахсымаҥ, түксү! – Даарыйа эмээхсин аҕыйах да тылтан сиэттэрэн, туохтан айдаан тахсыбытын сэрэйэ оҕуста. – Ылдьаа, эн наһаалаама, тылгын кыатана тутун, ити эһиги төрүт сиргит буолбатах. Саарыс этиитэ сиэрдээх. Ону оҕонньорум бокуонньук кытта билэрэ. Сиртэн сылтаан аан дойдуга сэрии буоларын билэҕит. Хорбочуоптанымаҥ. Оҕо оонньуута дьыаланы киһилии быһаарсыҥ. Хата, Ылдьаа, ити мин Бараахтааҕым сирдэрин көрүөҥ этэ, уон сылга уларсык биэрэбин. Бараахтар ааттыын бараах курдуктар, от кэмэ буолла да куоракка түһэр идэлэннилэр, онон ити сир умайарыгар тиийдэ. Ыл! – Даарыйа дьаһала соһуччу уонна судургу соҕус буолан бары да ах бардылар.
– Ээ…
– Ыы…
Хоһооно суох ыҥыраныы буолбакка, бу сырыыга адьас ылыннарыылаах этиини бэркэ сэҥээрэн, били айдааны ыыра умнан, «айас» эйэлээх баҕайы дьон дуостал кыыһырсыа суох кэриҥнээх Даарыйа эмээхсиннэрин массыынаҕа олордон, көрдөрөр балыыһа диэки көтүтэ турдулар…
«Айас», ээ, адьас, дьон киэннэрэ ааттаахтара диэн ити буоллахтара.
Евдокия Иринцеева-Огдо
Чолбон. – 2018. – № 2