«Чолбон» сурунаал
Гаврил Андросов
Бас эрэдээктэр
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Россия Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ
1926 сыл сэтинньи 2 күнүгэр Саха АССР обкомун уурааҕынан «Чолбон» сурунаал төрүттэммитэ. Сурунаалы Саха АССР Үөрэҕириигэ наркомата уонна «Саха омук» культурнай-сырдатар общество тэрийэн таһаарбыттара. Көрөн таһаарааччылар – Анемподист Иванович Софронов, Василий Никанорович Леонтьев уонна Алексей Федотович Бояров.
“Чолбон” сурунаал бастакы нүөмэрэ күн сирин көрүөҕүттэн саха үөрэхтээхтэрин, кэнники биллэр-көстөр суруйааччы буолан үүнэн тахсыбыт күөн туттар дьоммут айымньылара бэчээттэнэн барбыттара. Онтон ыла «Чолбон» сурунаал саха уус-уран литературатын, искусствотын уонна культуратын сырдатан, саха суруйааччыларын бастыҥ айымньыларын, нуучча уонна омук литератураларын чулуу үлэлэрин тылбааһын саха ааҕааччытыгар тиэрдэр бигэ далаһаҕа кубулуйбута номнуо 96 сыл буолла. Бу кэм устата сурунаалга Алампаттан, Ойуунускайтан, Күндэттэн саҕалаан бары көлүөнэ саха суруйааччылара үлэлээн-хамсаан, айымньыларын бэчээттэтэн кэллилэр. Ол эрээри «Чолбон» сурунаал уус-уран литератураны эрэ сырдатар сурунаал буолбакка, саамай сүрүнэ – саха норуотун, олох кырдьыгын сырдатан кэллэ.
А.И. Софронов, В.Н. Леонтьев репрессияламмыттарын кэннэ, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи П.А. Ойуунускай «Чолбону» ааты уларытан, 1930-1938 сылларга «Кыһыл ыллык» уус-уран литература уонна общественнай-политическай сурунаал тахсарын ситиспитэ. 1939-1940 сылларга «Уус-уран литература», онтон 1940 сылтан «Хотугу сулус» диэн уус-уран альманах быһыытынан тахсар буолбута. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр тахсарын тохтоппотоҕо.
1956 сыллаахха ССКП Обкомун мунньаҕын уурааҕынан альманахтан уус-уран литература уонна общество сурунаала буола уларыйбыта. Маны сэргэ «Полярная звезда» диэн аатынан нууччалыы сурунаал тахсар буолбута. Сурунаал тахсыбыта 50 сылыгар 1976 сыллаахха «Бочуот знага» уордьанынан наҕараадаламмыта. 1960-с сыллар бүтүүлэригэр 70-с сыллар саҥаларыгар сурунаал 30 тыһыынчаттан тахса тиражтаммыта.
1990 сыллаахха сурунаал «Чолбон» диэн бастакы төрүттэммит аатыгар төннүбүтэ. Бу сыллар тухары саха норуотугар буолбут улахан событиелар, литература уонна искусство ситиһиилэрэ сурунаал саһарбыт илиистэригэр үйэтитиллибиттэрэ.
Чолбон сулус турар миэстэтин сир хайа да муннугар уларыппатын тэҥэ, «Чолбон» сурунаал үйэ кэриҥэ кэм устата хара маҥнайгыттан ылыммыт соруктарын күн бүгүҥҥэ диэри эрэллээхтик толорон кэллэ. Саха литературатын суолдьут сулуһа буолбут сурунаал күн бүгүн саҥа көлүөнэ суруйааччылары, кириитиктэри, публицистары иитэн таһаарыыга утумнаахтык үлэлиир.
Күн – сири, «Чолбон» – саханы сырдатар.