Абаҕаларбынан, аҕабынан күөн туттабын

(Суруналыыс, суруйааччы Данил Макеев 50 сааһыгар аналлаах кэпсэтии)

«Мындыр өйдөнүү, кыаҕы тилэри туһаныы 50 саастан саҕаланар» диэн ким эрэ эппитэ, тоҕо эрэ өйбөр бигэтик хатанан хаалбыт. Ол иһин бииргэ үлэлиир көнө, эйэҕэс майгылаах «Чолбон» сурунаал прозаҕа салаатын редакторын, СР ыччат политикатыгар уонна СР Бэчээтин туйгунун, Россия Суруналыыстарын союһун чилиэнин уонна Россия Суруйааччыларын союһугар мэктиэлэммит Данил Макеевы биэс уон сааһын туоларынан айар үлэтин тула сэһэргэстим.

– Данил, айымньы айарга сыһыаннааҕыҥ оҕо эрдэххиттэн биллэр этэ дуо?

Оҕо эрдэхпиттэн кинигэ ааҕарбын сөбүлүүбүн. Уон оҕолоох ыал онус оҕотобун. Оскуолаҕа киириэм иннинэ ийэбин көрдөһөн кинигэ аахтарар этим. Оскуолаҕа киирбитим кэннэ ийэм: «Тоойуом, аны эн үөрэнээччи буоллуҥ, онон мантан ыла кинигэни бэйэҥ ааҕа үөрэн», – диэбитэ. Мин убайдарбын, эдьиийдэрбин үтүктэн түргэнник буукубалары билэн, сүһүөхтээн ааҕар буолбутум. Үһүс кылааска бэл Николай Якутскай «Төлкөтүн» аахпытым. Онтон 4-5-с кылаастарга наар кинигэҕэ умса түһэрим. Онон сороҕор «бу уол тугу да гыммакка эмиэ кинигэҕэ хам хатанан олорор» диэн дьоммуттан мөҕүллэрим.

Сахалыы хоһооннору өйтөн үөрэтэргэ эрэйдэммиппин төрүт өйдөөбөппүн. Хоһоону уруок быыһыгар үөрэтэн кэбиһэрим уонна учуутал кылааска киирдэ да, илиибин уунаммын доргуччу ааҕан биэрэрим. Сорох учууталлар ону билэн, ыйыта да барааччылара суох. Саха литературатын уруоктарыгар сочинение суруйарбын сүрдээҕин сөбүлүүрүм. Ол мин саамай куоһурум буолар этэ.

Ахсыс кылаас кэнниттэн Танда орто оскуолатыгар, интернакка олорон үөрэммитим. Саха тылын уонна литературатын учуутала Егор Константинович Васильев: «Сайыны хайдах атаарбыккыт туһунан сочинениета суруйуҥ», – диэн сорудах биэрбитэ. Мин ол сайын Үөһэ Үрэх диэн сиргэ сопхуоска оттообутум, онон сарсыарда күн тахсыытыттан саҕалаан, отчуттар окко баран үлэлииллэрин туһунан уустаан-ураннаан суруйбутум. Учууталбыт биһиги үлэлэрбитин бэрэбиэркэлээн баран: «Биир сочинениеҕа биэһи туруордум. Мин бэйэм да, маннык үчүгэйдик суруйуом дии санаабаппын», – диэбитэ уонна кылаас иннигэр ол сочинениены ааҕан биэрбитэ, миэнэ буолан хаалан соһуппута. Ону таһынан литературнай айымньы уобарастарын ырыттаран, холобура, Суорун Омоллоон кэпсээнигэр Аанчык уобараһын арыйыы курдук, сочинение суруттарара. Мин кыргыттар көрдөһүүлэринэн биэс-алта уобараска суруйан биэрэрим. Ол оннугар кинилэр миэхэ история конспегын оҥорон биэрэллэрэ. Оттон саха тылын уонна литературатын салаатыгар үөрэнэ сылдьаммын, Егор Петрович Шестаков–Эрчимэн салайар «Сэргэлээх уоттара» литературнай куруһуогар биир сыл сылдьыбытым. Онтон кини атын үлэҕэ көспүтүн кэннэ, бэйиэт Анатолий Старостин солбуйан салайбыта.

– Кэпсээн айарга хаһан холонон көрбүккүнүй?

1987 сыллаахха эдэр суруйааччылар маҥнайгы сүбэ мунньахтара буолбута. Онно биир кэпсээннээх тиийбитим. Проза салаатыгар «Суолга» диэн кэпсээммин кэлин народнай суруйааччы буолбут Болот Боотур сүрдээх үчүгэйдик ырыппыта. Кэпсээним ис хоһоонун, уус-уран ойуулааһыннарын хайҕаан үөрдүбүтэ. Сорох тыллары сыыһа өйдөбүлгэ туттуллубуттар диэн тутуспута, сүбэ-ама биэрбитэ. Ол кэпсээним ити сыл «Суол тоҕойугар» диэн хомуурунньукка бэчээттэнэн тахсыбытыгар санаам көтөҕүллэн, суруйар идэнэн дьарыктаныахпын баҕарбытым. Ол иһин үһүс куурустан ыла Олег Дмитриевич Якимов салайар суруналыыстыка салаатыгар үөрэммитим. Практикабын Бүлүүгэ «Октябрь суола» уонна Дьокуускайга «Кыым» хаһыаттарга барбытым. Үөрэхпин бүтэрээт, үлэбин «Кыым» хаһыакка корректорынан, онтон тыа хаһаайыстыбатын кэрэспэдьиэнинэн саҕалаабытым. Ол эрээри оҕолоох эдэр ыалга олорор дьиэ көстүүтэ кыаллыбат этэ. Дьиэ куортамнаһар да уустуга. Биир сыл буолаат, кыһалҕаҕа ыктаран дойдубар тиийэн учууталлаабытым. Онтон кэргэним дойдутугар, Бүлүү улууһугар I Күүлэт нэһилиэгин орто оскуолатыгар икки аҥаар сыл устата үлэлээбитим. Ол сырыттахпына Уус Алдаҥҥа «Мүрү саһарҕата» хаһыакка үлэҕэ ыҥырбыттара. Дьэ онно үлэлиир кэммэр кыралаан кэпсээн суруйар буолан барбытым. Дьон сэҥээрэн ааҕалларыттан эр ылан, өссө тугу эмэ суруйуохпун баҕарбытым.

– Бастакы кинигэҥ хас сыллаахха бэчээттэннэ этэй?

2001 сыллаахха «Саха сирэ» хаһыакка үлэлиир кэммэр, «Бичик» кинигэ кыһатын кылаабынай редактора Валерий Луковцев: «Эн хайаан да тугу эрэ суруйар буолуохтааххын. Биһиэхэ аҕал, бэчээттиэхпит», – диэбитэ. Мин онно-манна ыһылла сылдьыбыт кэпсээннэрбин хомуйан биэрбитим түмүгэр, «Кэпсээннэр» диэн аан бастакы кыракый кинигэм бэчээттэнэн тахсан бэрт хамаҕатык атыыланан бүппүтэ. Хомойуох иһин, билигин бэйэбэр да суох. Петр Денисович Аввакумов ити сыл «Саха сирэ» хаһыакка «Д. Макеев бастакы кинигэтэ» диэн сэҥээрии суруйбутун ытыгылыы санаан, бу күҥҥэ диэри илдьэ сылдьабын. Онно: «Авторы бастакы кинигэтинэн эҕэрдэлиибин. Лоп-бааччы, автор хайдаҕын көрдөрөр кинигэ тахсыбыт. Кылаабынайа сахалыы сатаан ойуулуур, үчүгэйдик түмүктүүр, тылы сатабыллаахтык туттар. Хонноҕо аһылыннаҕына, бөдөҥ да жанрдарга киирсииһик. Прозаик буоларга, илиитин араарбакка дьаныһан үлэлиэн эрэ наада», – диэн эппит этэ. Ити кэнниттэн «кэпсээн суруйуохпун сөп эбит» дии санаабытым.

– Бастакы сэһэннэргин хайдах айбытыҥ туһунан кэпсии түс эрэ.

«Саха сирэ» хаһыакка үлэлиир кэммэр, чэппиэр аайы тахсар «толстушкаҕа» «нүөмэр аайы салгыыта бэчээттэнэр айымньыта суруйан боруобалаа» диэбиттэрин ылынан, үлэлиир хоспор олорон толкуйдаан, «Кырыыстаах кылаат» диэн бастакы сэһэммин айбытым. Онтукам маҥнай хаһыакка тахсыбыта. Онно сүүрбэччэ кэпсээни эбэммин «Кырыыстаах кылаат» диэн иккис кинигэм эмиэ «Бичиктэргэ» 5000 тираһынан бэчээттэнэн тахсыбыта уонна соһуйуом иһин, баара-суоҕа икки ыйынан атыыланан бүппүтэ. Ити кинигэни Пантелеймон Дарбасов диэн кырдьаҕас учуутал эмиэ бэркэ сэҥээрэн «Кыым» хаһыакка суруйбута. Аны Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу Кыайыы 65 сылыгар «туохта эмэ суруй» диэбиттэригэр, сэрииттэн тыыннаах эргиллэн кэлбит абаҕаларым уонна аҕам кэпсээннэригэр олоҕуран, «Ини-биилэр» диэн сэһэммин суруйбутум. Мин Кыайыыны ситиспит абаҕаларбынан, аҕабынан киэн туттабын. Ол да иһин Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии тематыгар хас да кэпсээни, сэһэни суруйдум. Ол мин кинилэргэ ытыктабылым бэлиэтэ буолар. Манна даҕатан эбэн эттэххэ Уус Алдаҥҥа милиция начальнигынан үлэлии сылдьыбыт Николай Михайлович Крылов ахтыытыгар олоҕуран, «штафной ротаҕа» сылдьан сэриилэспит саха саллаатын дьылҕатын туһунан «Таҥнарыахсыт» диэн сэһэн суруйбутум «Чолбоҥҥо» тахсыбыта..

– «Саха сирэ» хаһыат тэрийэн ыыппыт кэпсээннэргэ Аҕа дойду сэриитин тиэмэтигэр аналлаах, өрөспүүбүлүкэтээҕи конкурска бастаан турардааххын. Дьэ, ол хайдах этэй?

Биир күн культура салаатын сэбиэдиссэйэ Татьяна Афанасьевна Маркова миэхэ кэлэн: «Дьону көҕүлүү таарыйа, эн кэпсээннэ суруйан саҕалаа эрэ», – диэтэ. Мин уһата-кэҥэтэ барбакка ол күн «Үс мүнүүтэ» диэн кэпсээммин суруйа охсон биэрбитим. Кэпсээним ис хоһооно, абаҕаларым Лэгэнтэй уонна Бүөтүр сэриигэ Волховскай фроҥҥа сылдьан эмискэ түбэһэн, хамандыырдара үс мүнүүтэ эрэ көҥүллээн, быстах кэпсэтэн ааспыттарыгар олоҕуран айыллыбыта. Онтон сыл аҥаара ааспытын кэннэ, күһүн Н.И. Харлампьева салайааччылаах анал хамыыһыйа түмүгү таһаарар күнүгэр: «Отучча кэпсээн киирбитэ гынан баран, бэйэбит үлэһиппит диэн буолбакка, саамай бастыҥ айымньы диэммит», – диэн этэн баран, бастакы бирииһи миэхэ туттаран кэбиспиттэрэ.

– «Чолбон» сурунаал редакциятыгар үлэлии кэлиэххиттэн ыла, айар аартыгыҥ суола-ииһэ кэҥээн эрэр курдук көрөбүн.

«Чолбоҥҥо» үлэлии киирэн баран, Алексей Васильевич Андреев диэн, билигин 98 саастаах Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыт, үс сыл концлааҕырга олорбут саха киһитин туһунан «Оҥоһуу» диэн кылгас сэһэн оҕотун суруйан бэчээттэттим. Аны сурунаал муус устардааҕы нүөмэригэр Василий Назарович Шергин «Баатаралар Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар» диэн кинигэҕэ тахсыбыт ахтыытыгар олоҕуран, «Ат хараҕа» кэпсээммин биэрдим. Онно Василий Назарович фроҥҥа сэриилэһэ сылдьан, снаряд таһаары дойдутугар бэйэтэ айааһаабыт атын көрсө түһэн соһуйуу бөҕөтүн соһуйбут. Ата эмиэ иччитин билбит. Итинник долгутуулаах дьикти түбэлтэ буолбуттаах эбит. Кэнники интэриниэти хасыһан көрбүтүм, Саха сириттэн уонунан тыһыынча аты сэриигэ утаарбыттар эбит. Өссө Монголияттан мөлүйүөнүнэн аты киллэрбиттэр. Төһө да «война моторов» диэтэллэр, ат көлө эмиэ элбэхтик туттуллубут эбит. Оннооҕор саха аттара кыттаннар, Улуу Кыайыы күнэ кэлэригэр бэйэлэрин кылааттарын киллэрбиттэр эбит.

– Биһиги сурунаалбыт урукку редактора П.Д. Аввакумов билигин тыыннааҕа буоллар бу ыйга 80 сааһын бэлиэтиэ этэ. Петр Денисович «Эдэр суруйааччылар семинардарыгар» эн кэпсээннэргин бэркэ хайҕаабытын бу баардыы өйдүүбүн ээ.

Кини миигин уопсайынан өйүүр этэ. «Кытаат, суруй, ай, Суруйааччылар союзтарыгар киир!» – диэн такайар буолара. Кэлин санаан көрдөхпүнэ, миэхэ ордук кэпсээн табыллар эбит диэн түмүккэ кэллим. Ону миэхэ өрүү өйдөтөр да дьон бааллар. Холобура, Суруналыыстар союзтарын урукку бэрэссэдээтэлэ Иван Васильевич Борисов миэхэ туһаайан: «Эн куруутун кэпсээннэри эрэ суруй. Кэпсээннэриҥ үчүгэйдэр. Ыраата барбакка эттэххэ, нуучча классик суруйааччыта Чехов кэпсээннэринэн ордук аатырар, биллэр», диир. Ол быыһыгар улахаҥҥа ылыс диэн модьуйааччылар да көстөллөрө. Биллэр суруналыыс, суруйааччы Степан Юмшанов: «Эн биир кылгас кэпсээҥҥиттэн киһи бүтүн сэһэн суруйан таһаарыан сөп. Эн тоҕо сэһэҥҥэ ылсыбаккыный?!» – диир буолара.

– Биһиги сурунаалбыт ааҕааччыларыгар инники айар үлэҥ былаанын кытта билиһиннэрэ түһэн ааһыаҥ дуо?

Айар баҕам эмискэ тэһитэ кэйиэлээн бардаҕына уонна табыллыыһы дии санаатахпына биирдэ ылсабын. Үксүгэр олоххо буолбут түбэлтэлэртэн сирдэтэбин, ону эбэн-сабан, тупсаран биэрэбин. Ардыгар бэрт түргэнник айыллан тахсан кэлээччи. Холобура, «Үс мүнүүтэ» диэн кэпсээммин чаас аҥаарынан суруйбутум да, атыттарбынааҕар таһыччы курдук.

Бу күннэргэ «Бичик» кинигэ кыһатыгар «Атырдьах сэргэ» диэн үһүс хомуурунньук кинигэм күн сирин көрдө. Онно икки сэһэн уонна саҥа да, урукку да, уопсайа отуттан тахса кэпсээним киирдилэр. Маны сэргэ Улуу Кыайыы 70 сылыгар анаан, быйыл кыһын «Чолбон» сурунаалга тахсыбыт сэһэммин уонна кэпсээннэрбин түмэн, дьоҕус кинигэ оҥорон таһаарар былааннаахпын. Уопсайа түөрт сэһэннээхпин эрээри, кэпсээннэри ордук кыайа-хото суруйабын. Ол кэнниттэн хайдах былааннаах үлэлиирим сыыйа көстөн-биллэн иһиэ буоллаҕа дии.

– Данил, биһиги ааҕааччыларбыт ааттарыттан истиҥ кэпсээниҥ иһин махтанабын уонна 50 сааскын томточчу туолбуккунан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Дьиэ кэргэҥҥэр дьоллоох, айар үлэҕэр ситиһиилээх буоларгар баҕарабын.

Кэпсэттэ Иван ОСИПОВ.

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар