Һааска Буускун

Пушкин диэн сырдык ааты отой кыра сылдьан билбитим. Кини хоһоонноро, остуоруйалара сахалыы тылбаастанан кинигэ буолан бэчээттэммиттэрин, бэркэ таптаан ааҕарым. Ордук өйдөөн хаалбыт хоһооммунан Күннүк Уурастыырап тылбаастаабыт «Кыһыҥҥы суол» хоһооно буолбута:

Долгун будул тумаҥҥа

Чомполонон ый устар…

Санньы-курус хонууларга

Санааргыы уотун кутар.

Кэлин Ленинград куоракка үөрэнэр кэммэр кини олоро, үөрэнэ сылдьыбыт сирдэринэн барытынан сылдьан, кинини тиһэх суолугар тиэрдибит Хара Үрэххэ тиийэн, «Нева… Хара Үрэх… Ахерон…» диэн пьесабын суруйбутум. Ол пьесабынан 2000 сыллаахха Нерюнгри театрыгар режиссер Петр Скрябин испэктээкил туруоран, Петрозаводскай куоракка «Ламбушка» уонна Псковка буолбут Пушкиҥҥа анаммыт аан дойдутааҕы театральнай фестивалларга бэрт ситиһиилээхтик кыттыбыта. Пушкин оруолун СӨ үтүөлээх артыыһа Николай Пономарев итэҕэтиилээхтик оонньообута. Ити испэктээкили Нерюнгрига репетициялыы сырыттахпытына, «Саха» НКИХ «Сарыал» уус-уран литературнай биэриилэргэ редакциятын үлэһиттэрэ Надежда Дмитриева уонна Галина Раевская кэлэннэр, «Пушкин саха хараҕынан» диэн телевизионнай киинэни устан, ол киинэ бүтүн Арассыыйа үрдүнэн көрдөрүллүбүтэ.

Псковка буолбут Пушкиҥҥа анаммыт VIII фестивальга биһигини испэктээкилбит кэнниттэн маанылаан, сыа-сым курдук тутан, туспа автобус биэрэн Пушкин олорбут сирдэринэн (Петровское, Михайловское, Тригорское диэн сирдэринэн) сырытыннарбыттара, экскурсиябытын кини көмүс уҥуоҕа хараллан сытар Святогорскай манастыырыгар кэлэн түмүктээбиппит. Ол онно Нерюнгри театрын коллектива миэхэ Пушкин кыракый бүүһүн бэлэхтээбитэ, билигин даҕаны, маанылаах кэриэс өйдөбүл буолан долбуурбар турар.

…Биллэн турар, былыр былыргыттан, Пушкин өлүүтүгэр сүрүн буруйдаахтарынан Дантес уонна Пушкин кэргэнэ Наталья ааттаналлар. Биирдэ, Ленингракка үөрэнэ сылдьан, дьээбэлэнэн, табаарыстарбар: «Мин оччолорго баарым буоллар, Һааска Буускун тыыннаах буолуохтаах этэ…» – диэн этэн турабын. Онуоха табаарыстарым: «Бай, ол хайдах?» – дии түспүттэригэр: «Һааска Буускуҥҥа: «Пахай, доҕор, Һааскаа, дьахтар аайы айманаҕын дуо? Хата арыгылыы барыах!» диэм этэ», – диэн күллэртээбитим. Кэлин, Дьокуускайга кэлэн баран, телевидениеҕэ үлэлии сылдьан, саха норуодунай поэта Сэмэн Данилов туһунан «Сэргэлээххэ көмүс ардах» диэн киинэбин уста поэт Михаил Тимофеевка дьиэтигэр сылдьыбытым. Михаил Елисеевич, мин төрөппүттэрбин кытары бииргэ үөрэммит буолан, оҕотун курдук көрөн, кистээбэккэ аһаҕастык, кыһыйан-абаран туран, Пушкин өлүүтүгэр кини кэргэнин Натальяны буруйдуурун кэпсээбитэ. Пушкин өлүүтэ, балтараа сүүс да сыл ааспытын кэннэ, саха киһитин хайдах курдук долгутарын, мин ол онно эрэ көрбүтүм.

Быйыл саас Хабаровскай куоракка баар Үрүҥ театр (Белый театр) мин төрдүс пьесабынан испэктээкил туруоран, премьераларыгар ыҥыран сырыттым, аны «Нева… Хара Үрэх… Ахерон…» диэн айымньыбын кинилэргэ анаан нууччалыы тылбаастыырбар көрдөстүлэр. Бу пьесабар мин, Пушкин Хара Үрэххэ дуэльга барыан иннинээҕи түүн, кэргэнинээн Наталилыын барытын быһаарсан бүтэн, киниэхэ айымньыларыгар суруйбут араас персонажтара куукула, скульптура буолан кэлэллэрин туһунан суруйбутум. Ол персонажтар кэтэхтэригэр саһан, хара дьайдаах Сатана бэйэтинэн кубулунан кэлбитин курдук ойуулаабытым. Пушкины өлөрбүт Дантес, эмиэ Сатана кулута буолан, Хара Үрэххэ сарсын кэлиэхтээҕин Пушкин ол онно дьэҥкэтик өйдүүр. Натали эрэйдээх туох буруйдаах буолуой – кини эмиэ кулут эрэ буолаахтаатаҕа… Уустук пьеса. Хайдах нууччалыы тылбаастанан тахсарын айбыт таҥара эрэ билэн эрдэҕэ…

Ону хайыахпытый, 220 сыл аннараа өттүгэр, Һааска Буускун диэн сырдык ааттаах, куудара баттахтаах уолчаан төрөөн, бу биһигини, айар дьону, аймаан, утуйар уубутун булкуйан, холобура миэхэ ити айымньыны суруттардаҕа дии…

Сиэн ӨКӨР,

СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар