АҺЫҤА УОННА КЫМЫРДАҔАС

Сайыҥҥы күн сардаҥалаах уотун куйааһа Саха сирин буорун сылытан, айылҕатын тилиннэрбит. Отун, маһын мутукчата, сэбирдэҕэ ситэн үүнэн, чэлгийэн турар. Эҥин-эҥин өҥнөөх сибэккилэрэ, отторо торолуйа үүнэннэр, долгуннура тураллар.

Күөх уйгу быйаҥҥа аһыҥка аймаҕа сарсыҥҥы аһыырыгар санаатын уурбакка, кыыдааннаах кыһын тымныыта кыһайыа диэн кыһаллыбакка, күөх уйгуга көҥүл тотон-уойан, кынаттарын хатыылаах атаҕынан аалан кырыыппалаан, кыдама атаҕынан кылыйа-ыстана оонньоон көрүлүү-нарылыы сылдьар.

Балартан биирдэрэ, чэгиэн күн ортото ойуур саҕатыгар тахсан, кытыан анныгар, күрдьүгэс күрүөтүгэр хатанан сардыргыы олорон, сүрэхтээх үтүөтэ, үлэһит кымырдаҕас, харыйа хатыытын соһон баран от быыһынан, ороҕун устун уйатыгар айаннаан иһэрин көрдө.

– Атаас, кымырдаҕаас, эйиэхэ эҕэрдэ, – диэтэ аһыҥка. Маннык үтүө күҥҥэ, күөх уйгуга көрүлээбэккэҕин туохха туһалаах үлэнэн дьарыктанан эрэйи көрө сылдьаҕын? Кырыымпабын тардан биэриэм, кэл, үҥкүүлээн битий!

– Атас диэн ааттаатаргын даҕаны, аһыҥка, алҕас саҥардыҥ, – диэтэ кымырдаҕас.

– Үлэ эрэй буолбатах, дьол, кэскил буолар, көдьүүһэ суох көрүнэн күөх-сүрэхтэр эрэ дьарыгыраллар, үлэ үтүөтүн кинилэр билбэттэр.

– Бай! – диэтэ аһыҥка, үлэ баҕас дьол, кэскил буолар эбит дуу? Эһиги оту-маһы таһан чохчолуургугун бөрүкү, көдьүүһү оҥороллор диэбэппин, халтайга эрэйдэнэллэр диибин. Дьэ, эт эрэ, туох кэскил, дьол баарый итиниэхэ?

Ити чохчоломмут от-мас биһиги уйабыт, куораппыт буолар, – диэтэ кымырдаҕас. Анныгар ас-хаһаас ууруллар хосторо бааллар, оҕону төрөтөр, иитэр, ыалдьааччыны эмтиир, кырдьаҕаһы сынньатар, күрэс былдьаһар хостордоохпут, таһыгар мунньустан сынньанар-көрүлүүр сирдээхпит, ыыр хомурдуостарбыт сайылыыр сирдэрэ, турар даллара бааллар. Ол барыта үлэттэн оҥоһуллар. Хаһыҥ хаарынан, хаар кыыдайан, кыыдааннаах кыһын кэллэҕинэ, биһиги уйабыт түгэҕэр сөҥөн хаалабыт.

Аччыгы, тымныыны билбэккэ, дьылы туоруубут. Самаан сайын кэлэн, аламай күн тыктаҕына, дьиэбититтэн тахсаммыт, күөх көҥүлүгэр көрүлүүбүт, айылҕа тиллибитин эҕэрдэлээн, эмиэ кэскилбитин тэринэн, оҕобутун үлаатыннаран барабыт, – үлэ кэскилэ диэн ол буолар. Эһиги, аһыҥка аймаҕа, маҥнайгы хаһыҥ кэнниттэн, баскыт хатан баран, сайыны быһа көрүлээн, үүнээйини сиэн, ииннэрэн, суту аҕалар эрэ үгэстээххит, онон үлэ кэскилин билбэккэ, дьолу көрбөккө өлөҕүт, көҕөртөйдөр…

Кымырдаҕас, саҥаран бүтээт, харыйатын хатыытын суолун устун соһон куоратын диэки суһаллык хааман табыйа турда.

– Акаары, биилиҥ быстыар диэри бэйэҥ үлэлээн кириэтээ, мин үлэлиэм кэриэтин. хата көрүлүөм, – диэн баран, икки муоһун өрө саратан кээһээт аһыҥка сыһыы диэки оттон-окко ыстаҥалаан дыраҥхалыы турда.

– «Күөх сүрэх кыһын кэлиэр эрэ диэри көрүлээхтиир инигин» дии саныы-саныы, кымырдаҕас тохтообокко ааһа турда.

АТТАР КЭПСЭТИИЛЭРЭ

Икки колхозтан куоракка киирбит аттар, ампаар кэннигэр сэргэ баалланнар, аһыы тураллар.

– Бу, быйылгы сүмэлээх күөх окко эн хайдах уойбатаҥый, ыалдьаҕыи дуу? – диэн ыйытта Сындыыс.

– От билиэ дуо, харыстыыллара, харайаллара хайдаҕа билэр буоллаҕа дии, – диэтэ Кустук.

– Эн үлэлиир буолбаккын дуо?–диир Сындыыс.

– Биһиги колхозка аттары ким түбэһэ түһэр да – көлүммүтүнэн барар. Сарсыарда хайдах көлүйэн кээспиттэринэн күнү быһа үлэлиибит. Хомууппун биир киһи ыбылы тардан кээһэн моонньубун аалларар, иккис киһи буоллаҕына, ситэ тарпакка, санныбын астарар. Үһүс киһи сиһим быатын хантаччы тардан, ньөмөйбүн оҕустарбыта, төрдүс киһи букатын тарпакка, түөспүн бааһырдыбыта. Седелькабын, хомууппун куурпаккалар, тоҥнуу кэтэрдэннэр, сиспин, арҕаспын, моойбун дьуккуруталлар. Онно-манна сырыттахпына. өрө баайан кэбиһэллэр, тиритэн кэлэн баран тоҥоммун титирии турабын, сыҥааҕым ытыста сыһар. Киэһэ, булгутаат, сыгынньахтаат, тобох-ибэх окко баайан аһаталлар. Күнү быһа уулаабакка сылдьан утатабын, аанньа аһаабаппын, тыал-хаар барыта мин үрдүбүнэн кэлэр, – диэн баран Кустук эрэйдээх саҥата суох сукуллан турбахтаата, онтон ыйытта: – Эн хайдах сылдьаҕын?

– Мин олоҕум үчүгэй, – диэтэ Сындыыс үөрэ-көтө. Кулун эрдэхпинэ, пионердар шефтаабыттара, үлэҕэ кииртим кэннэ, колхозпар анал киһиэхэ комсомолецка туттарбыттара. Турар сирим ичигэс, ыраас, оту, эбиэһи тотуохпунан сиибин, туйаҕым иһэхтэнэр, кырыам-дьаҥхам кырыатанар, Хомуутум, седелькам куруутун куурдуллар. Түөһүм, сиһим быата сөпкө тардыллар. Күҥҥэ хаста да уулуубун. Күүһүм таһынан үлэлэппэттэр. Мэлдьи эмис сылдьабын…

Сындыыс, тумсунан отун силэйэ анньан баран, тыбыыран тырылатан кэбистэ уонна аһаан курдурҕаппытынан барда…

М.Тимофеев-Терешкин

«Хотугу сулус» 3-с №-рэ, 1954

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар